Улууспутугар Ийэҕэ аналлаах бу скульптуралары Дьулус Марков (Наахара) уонна Корнил Никифоров (Лоомтука) оҥорбуттар.
Скульптура араас көрүҥэр элбэх үрдүк таһымнаах куонкурустар кыайыылаахтарын Дьулус Марковы үгүстэр билэллэр. Оттон Корнил Никифоров туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, кини Дьокуускайдааҕы художественнай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ, сааһа 35.
Ломтукаҕа баар Ийэ искибиэригэр оҕотун көтөхпүт ийэ, хахсаат тыалы утары хааман иһэр. Былаачыйата өрүс долгунун курдук кэннигэр эриллэн иһэр. Ийэ тыалы утары хаххата суох иһэр курдук. Скульптор бу көстүүнэн ийэ ханнык баҕарар ыарахаттары эрдээхтик туоруурун уобарастаан көрдөрбүт. Оҕо ытаабыт. Ийэтин көрбүт. Ийэтэ «Биһиги бу ыарахаттары туоруохпут» диэн илиитин өрө көтөхпүт.
Сыымахха Ийэ искибиэригэр оҕотун кытта кэпсэтэ, тэҥҥэ үөрэ-көтө олорор ийэ мөссүөнэ ойууламмыт. Бу оҥоһук олус табыллыбыт, ийэ ис дьиҥин арыйар, таптал иэйиитинэн сыдьаайар үлэ буолар. Сыымахха сэрии кэмигэр үлэлээбит, Кыайыыны уһансыбыт ийэлэргэ анаммыт. Ону оҕо этэрбэстээх атаҕа, ийэ халадаай ырбаахыта быһааран биэрэр.
Маны сэргэ уолаттар литературнай критик Егор Шестаков – Эрчимэн, Лоомтукаттан төрүттээх 8 тааҥканы умаппыт артиллерист Алексей Ефремов о.д.а. мөссүөннэрин, скульптуралары оҥорбуттар.
Нэһилиэктэрбитигэр олус талааннаах бэйэбит уолаттарбыт бэртээхэй скульптуралары оҥорон дойдуларын киэргэтэ, өйү-санааны тарҕатыһа сылдьаллара олус үөрүүлээх. Киһи сөҕөр уонна махтайар.
Федот Харитонов.