Ахсынньы 9 күнүгэр Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр Нина Николаевна Васильева аатынан Майатааҕы норуодунай хуор тэриллибитэ 45 сылыгар аналлаах хуор кэлэктииптэрин икки ардыгар ыытыллар “Ырыа ыллыгынан” диэн аһаҕас күрэс буолан ааста.
Уус Алдан улууһун Бэрт Ууһа нэһилиэгин самодеятельнай хуора, Нам улууһун «Эҥсиэли» хуора, Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгин Аҕа көлүөнэ хуора уонна Мэҥэ Хаҥаластан Табаҕа, Төҥүлү норуодунай хуордара – барыта 117 ырыаһыт кыттыыны ыллылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ: А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба коллеһын преподавателэ, үлэ бэтэрээнэ, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Елизавета Попова, Дьокуускай к. 2 нүөмэрдээх Оҕо муусукаҕа оскуолатын вокал-хуор салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Владимир Индигирскэй итиэннэ бэрэссэдээтэлинэн СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ култууратын туйгуна, Галина Кривошапко аатынан Саха сирин судаарыстыбаннай филармониятын кылаабынай хормейстера Людмила Шумилова үлэлээтилэр.
Куонкурус түмүгүнэн самодеятельнай кэлэктииптэр ортолоругар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Карл Христофоров салайааччылаах Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгин Аҕа көлүөнэ хуора 1-кы истиэпэннээх лауреат буолла. 2-с истиэпэннээх лауреат аатын СӨ култууратын туйгуна Ирина Неустроева салайар Нам улууһун «Эҥсиэли» хуора ылла. Уус-Алдан улууһун Бэрт Ууһун нэһилиэгин самодеятельнай хуора (салайааччы СӨ култууратын туйгуна Анна Неустроева, концертмейстер Эрхан Слепцов) 3-с истиэпэннээх лауреат буолла.
Норуодунай ааты сүгэр кэлэктииптэри көрүүгэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Варламова салайааччылаах Төҥүлүтээҕи норуодунай хуор 2-с истиэпэннээх лауреат буолла. 3-с истиэпэннээх лауреат аатын С.Д.Романов аатынан Табаҕатааҕы норуодунай хуор (салайааччы Елена Александрова, концертмейстер СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Маркова) ылла.
«Куонкурус дебютэ» анал аат Уус Алдан улууһун Бэрт Ууһа нэһилиэгин самодеятельнай хуорун хормейстерыгар Эрхан Слепцовка иҥэрилиннэ. Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгин Аҕа көлүөнэ хуорун салайааччыта Карл Христофоров «Бастыҥ концертмейстерынан» ааттанна. Төҥүлүтээҕи норуодунай хуор салайааччыта Галина Варламова «Бастыҥ хуор салайааччыта» анал ааты ылла.
Саха, нуучча, омук хампаһыытардарын ырыаларын хуорунан элбэх куолаһынан толоруу курдук уустук сатабылы баһылаабыт, өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга тиийэ биллэр ааттаах-суоллаах Н.Н.Васильева аатынан Майатааҕы норуодунай хуор хас эмэ уонунан сылларга сэлиэнньэбит, улууспут олохтоохторугар иһирэх иэйиилээх ырыалары бэлэхтээн кэллэ. Инникитин да кэрэҕэ кынаттыыр эйгэҕит өссө кэҥээтин, үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри!