Балаҕан ыйын биир чаҕылхай күнүгэр Хорообут оскуолатыттан 26 үөрэнээччи биир дойдулаахтарыгар, Уһук Илиҥҥи гектарынан сир-уот ылан хортуоппуй үүннэрбит Егор Александрович Андреевка хомуурга тахсан көмөлөстүлэр.
Үөрэнээччилэр күһүҥҥү айылҕаҕа үлэлээн, сылаас аһы аһаан сэниэ киллэринэн, үөрэн-көтөн, ол быыһыгар араас оонньуулары оонньоон тарҕастылар. Өссө да үлэлиир, көмөлөһөр баҕа санаалаахтарын биллэрдилэр. Кинилэргэ ‒ агрооскуола үөрэнээччилэригэр үчүгэй быраактыка, производствоны кытта билсиhии буолла. Сорохтор тыраахтар техникатынан аан маҥнай хортуоппуйу орууру көрөн сөхтүлэр, үөрдүлэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ 133 куулу хомуйан чөмчөттүбүт. «Норуот күүһэ ‒ көмүөл күүһэ!» ‒ диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
Октябрина Васильева.