Хорообукка Василий Васильевич Скрябин–Идэлгигэ аналлаах ахтыы киэһэтэ

Сэтинньи 22 күнүгэр Хорообут нэһилиэгэр Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, прозаик, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Василий Васильевич Скрябин‒Идэлги төрөөбүтэ 80 сылын бэлиэтиир ахтыы биэчэрэ ыытылынна.

Ахтыы биэчэргэ Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо Василий Васильевич бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Ольга Иннокентьевна Захарова (Чечебутова) ыалдьыттаата.

Василий Васильевич 1943 с. атырдьах ыйын 10 күнүгэр I Мэлдьэхсигэ дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт.

Биэчэр Идэлги суруйбут хоһооннорунан, нэһилиэк баһылыга Гаврил Бродников эҕэрдэтинэн аһылынна. Бу күн суруйааччы олорон ааспыт олоҕун кэрчиктэрин туһунан кэпэттибит. Светлана Ильина үлэтин-хамнаһын сырдатта, Татьяна Тролукова төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин, аймахтарын, Ольга Захарова оҕо сааһын, оскуолатааҕы сылларын ахтан-санаан аастылар. Бииргэ үлэлээбит доҕоро Агафий Иванов устудьуоннаабыт, үлэтин сылларын, Антонина Тихонова айымньыларын аартыгын, эдэр көлүөнэттэн Ирина Сергучева сахабыт тыла симэлийбэтин туһугар айар үлэтин билиһиннэрдилэр. Идэлги хоһоонугар ырыаны, мелодист Федор Сергучев ыллаан иһитиннэрдэ. Идэлги тылларыгар «Таҥара кийиитэ» ырыаны эстрада ырыаһыта Анатолий Горохов толорор.

Краевед учуутал Светлана Ильина нэһилиэк устуоруйатыттан санаатын үллэһиннэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ, олохтоохтор Василий Васильевич Скрябин‒Идэлги араас хайысхаҕа үлэлээн ааспытын биллилэр-көрдүлэр. Биэчэри олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Варвара Филиппова ыытта.