Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Хорообут» ХЭТ саха сылгытын иитиигэ племенной хаһаайыстыба быһыытынан ыччат сылгыны тэнитиигэ үлэлээн-хамсаан кэллэ.
Бу күннэргэ «СахаАгроплем» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин экспертнэй хамыыһыйатын быһаарыытынан, «Хорообут» хаһаайыстыбатын сылгы салаатын үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, сылгы собуота буолары ситистэ.
Хаһаайыстыба уопсайа 380-тан тахса улахан сылгылаах, мантан төрүүр биэтэ 260. Сылгы төрүөҕэ дьылыттан көрөн араас буолар. Хаһаайыстыба сыллата 60-70% төрүөҕү ылар. Племенной хаһаайыстба быһыытынан үлэни тэрилтэ оччотооҕу салайааччыта Прокопий Плотников саҕалаабыта.
Прокопий Романович оҥорон хаалларбыт үтүө дьыалатын, кини сырдык аатын үйэтитэр үлэни бүгүн Валерий Колосов салайааччылаах хаһаайыстыба утумнаахтык салҕыы ыытар. Бу күннэргэ күһүҥҥү убаһа араарыытын үлэтин саҕалаан, Уулаахха уонна Харба атахха сылгыларын наардыыллар.
Онон хорообуттар сылгы собуота буолбуттарын туоһулуур үөрүүлээх сонуну истэннэр, сүргэлэрэ көтөҕүллэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Зоя Герасимова.