Кулун тутар 7 күнүгэр Дьокуускайга Илья Афанасьев-Алмаас салайааччылаах «Иэйии» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай түмсүү көҕүлээһининэн “Сандал саас кэрэтэ” хоһоонньуттар түһүлгэлэрин дьоро күнэ ыытылынна.
Манна араас улуустартан 10 литературнай түмсүү, биирдиилээн ааптардар «Ника» банкеттыыр саалаҕа муһуннулар. Бу күн “Хааһахха хаайтарбат талааннар” диэн түмсүүлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии хас да түһүмэҕинэн ыытылынна. Түмсүүлэр бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, эҕэрдэ нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр, сэлээппэ муодата, саас тиэмэтигэр тута хоһоон хоһуйуу, түмсүү талааннаах дьонун оҥоһуктарынан быыстапка тардылынна, ырыа-тойук дьиэрэйдэ.
«Иэйии» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ устуоруйатын кылгастык сырдаттахха, 2020 с. тохсунньу 4 күнүгэр сүбэ мунньах тэриллэн, боротокуолланан, көҥүл хоһоонньуттары, кэпсээнньиттэри киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах тэриллибитэ. Бу сыл балаҕан ыйын 28 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Юстиция министиэристибэтигэр кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ быһыытынан регистрацияланан, устааптанан, Илья Ильич Афанасьев-Алмаас диэн салайааччылаах үлэ саҕаламмыта. Билигин тэрилтэҕэ 32 суруйар киһи баар. Сыллааҕы усунуостаах, кассирдаах, бырабылыанньатыгар 11 киһилээх үлэлиир. “Иэйии” тэрилтэ саха тыла инники сайдыытыгар күүскэ үлэлиир. Саха сирин улуустарын кэрийэн баһылыктар өйөөһүннэринэн пуорумнарга, литературнай көрсүһүүлэргэ, ааптардар кинигэлэрин сүрэхтэниилэригэр, түмсүүлэр үбүлүөйдээх күннэригэр кыттан кэллилэр. “Иэйии” тэрилтэ ааптардар кинигэлэрэ тахсыытыгар күүс-көмө буолар, айар-суруйар дьонун айымньыларын өрөспүүбүлүкэ “Саха сирэ” хаһыатыгар бэчээккэ таһаартаран киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр. Суруйааччылар айымньыларын, ааптардар бэйэлэрин хоһооннорун, кэпсээннэрин видеонан, аудионан ааҕан социальнай ситимнэринэн тарҕаталлар, бэйэлэрин истэринэн тиэмэлэрдээх хомуурунньуктары бэчээттэтэллэр. Саха тыла сайдыытыгар кэнчээри ыччаты кытта ситимнээхтик үлэлииллэр.
2023 с. сайын “Сайылык” диэн киэҥ ис хоһоонноох, кэнэҕэски ыччакка сайылык туһунан өйдөбүлү тиэрдэр сыаллаах бырайыак олоххо киирбитэ. Бу биир хайысхатынан үлэлии турар Төҥүлүтээҕи Бэрдьигэстээх сайылыкка үрдүттэн тиийэн хоно сытан үлэни-хамнаһы билсэн кэлии буолбута. Бырайыак иккис хайысхатынан сайылык туһунан хоһоон, кэпсээн, ахтыы кинигэтэ бэчээттэнэн Күн сирин көрбүтэ.
2023 с. суруйааччы Галина Иванова-Айтыына Уран оҕолорго аналлаах хоһоонноругар өрөспүүбүлүкэтээҕи дорҕоонноохтук ааҕыы кэтэхтэн куонкуруһа ыытыллан уһуйаан саастаахтан саҕалаан 18 сааһыгар диэри 800-тэн тахса оҕо кыттыбыта. 2024 с. тохсунньу 15 күнүттэн олунньу 13 күнүгэр диэри суруйааччы Инна Николаева-Угинка оҕолорго аналлаах хоһооннорун ааҕыытыгар уонна уруһуйга ыытыллыбыт кэтэхтэн куонкурустарыгар 900-тэн тахса оҕо кыттыбыта. Илья Васильев-Ылдьаа Хоточчу хоһооннорун ааҕыыга улахан дьоҥҥо куонкурус ыытыллыбыта.
«Иэйии» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ сааскы тэрээһинин “Өлүөнэ долгуннара” түмсүү чилиэнэ, Покровскай куорат олохтооҕо, уһуйааҥҥа литературнай куруһуок салайааччыта Анастасия Ющенко-Алгыстаана уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспатын туйгуна, Тааттатааҕы “Иэйии” түмсүү салайааччыта, Игидэй нэһилиэгин олохтооҕо Александра Жулева-Суһума иилээн-саҕалаан үрдүк таһымнаахтык ыыттылар.
Үөрүүлээх күн өрөгөй чааһыгар Ил Түмэн Бочуотунай Грамотатынан “Иэйии” тэрилтэ көхтөөх чилиэннэрэ, ааптардара Мария Поскачина, Аграфена Павлова-Арыпыана, Игидэй нэһилиэгин баһылыгын Махтал суругунан кинигэ таһаарааччы Егор Федоров-Долун наҕараадаланнылар. Тэрилтэтин аатыттан Илья Ильич-Алмааска саҥа дьиэҕэ киирбитинэн эҕэрдэлээн тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн кытта сэмэй бэлэх туттарылынна.
Дьоро күҥҥэ Уус Алдантан Галина Аммосова салайааччылаах “Уһуктуу”, Тааттаттан Александра Жулева-Суһума салайааччылаах “Иэйии”, Ньурбаттан Дмитрий Пономарев салайааччылаах “Ньурба уоттара”, Дьокуускайтан Александра Стручкова-Сулустаана салайааччылаах “Сахалыы тыынынан”, Хаҥаластан Людмила Колесова салайааччылаах “Өлүөнэ долгуннара”, Дьокуускайтан Парасковья Стручкова-Саһарҕа салайааччылаах “Хоһоон хонуута”, Өктөмтөн СӨ суруйааччыларын, РФ суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, Николай Егоров-Ньукулай Түөлбээкэп салайааччылаах “Үнүгэс”, Дьокуускайтан Евдокия Уварова-Чуохаана салайааччылаах “Дайар дорҕооннор” түмсүү, Дьокуускайтан Диана Сутакова салайааччылаах “Ай-Арт” алгыстаах куттаах”, Илья Афанасьев-Алмаас салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Иэйии” литературнай түмсүүлэр айар-суруйар дьонноро дьоҕурдарын көрдөрө, иэйиилэрин үллэстэ, итии чэйдээх сандалы тула олорон билсэ, санаа атастаһа кэлбиттэр.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Дьокуускайтан элбэх кинигэ ааптара, прозаик Илья Афанасьев-Алмаас, чилиэннэринэн суруйааччылар Намтан Анатолий Софронов-Онтуон “Отуу уоттара” литературнай түмсүү чилиэнэ, Дьокуускайтан РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, “Айар кут” түмсүү чилиэнэ Валерий Никифоров-Суор Уола үлэлээтилэр.
Эрдэттэн куйаар ситиминэн ыытыллыбыт балаһыанньанан түмсүүлэр олохтоохтук тэринэн кэлэн бары үөрэ-көтө көхтөөхтүк кытыннылар. Куонкурустар түмүктэринэн “Сатабыллаах түмсүү” анал аатынан Хаҥалас улууһун “Өлүөнэ долгуннара”, “Кэрэ түмсүү” анал аатынан Дьокуускайтан “Хоһоон хонуута”, “Иэйэр куттаах түмсүү” анал аатынан “Сахалыы тыынынан” түмсүү, “Сайдам түмсүү” анал аатынан “Дайар дорҕоон”, “Кэскиллээх түмсүү” анал аатынан Дьокуускайтан Диана Сутакова салайааччылаах “Ай-Арт” алгыстаах куттаах” түмсүү, “Ситиһиилээх түмсүү” анал аатынан Уус Алдантан “Уһуктуу” айар бөлөх, “Дьоһуннаах түмсүү” анал аатынан Хаҥаластан “Үнүгэс” түмсүү, “Сэргэх түмсүү” анал аатынан “Ньурба уоттара” түмсүү, “Дэгиттэр талааннаах түмсүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи “Иэйии” литературнай түмсүү уонна Таатта Игидэйин “Иэйии” түмсүүтэ “Сахалыы тыыннаах түмсүү” анал ааттарынан ааттаннылар. “Бастыҥтан бастыҥ” анал аат кыайыылааҕынан Таатта Игидэйин “Иэйии” түмсүүтэ ааттанан үөрүү өрөгөйүн биллэ, өйдөбүнньүк бэлэх тутта. Кыттыылаахтар Туоһу суруктарынан, кыайыылаахтар куубактарынан наҕараадаланнылар.
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Чэбдик” сонотуоруй култуурунай чааһын салайааччы Надежда Ананина, Өктөмтөн Миролюба Саморцева-Саймыына, “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа “Хоһоон түһүлгэтин” кыттыылааҕа, ырыа айааччы Николай Бурнашев-Куола Уола, Дьокуускайтан 84 саастаах Василиса Винокурова, Уус Алдантан култуура үлэһитэ Игнатий Слепцов, Сунтаартан биллиилээх ырыаһыт Анна Тотонова, о.д.а. эҕэрдэлээн тураннар ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр. Бириистэрдээх көрдөөх оонньуулар ыытылыннылар, флешмоб үҥкүү, доҕордоһуу оһуокайа буолла.
«Иэйии» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ саха тылын чөл хаалларар, сайыннарар-байытар, үйэтитэр, айар куттаах дьону сэргэхситэр, түмэр сыаллаах ыыппыт “Сандал саас кэрэтэ” түһүлгэтигэр 70-тан тахса киһи сылдьан тэрээһинтэн астынан-дуоһуйан, хоһоонньуттар түһүлгэлэрин көҕүлээбит салайааччыга Илья Афанасьев-Алмааска, махтанан тарҕастылар.
Марелла Баишева.