Ходоро нэһилиэгэр Хатыҥ Ай аатынан култуура киинигэр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Тыа сирин түөлбэтин, Арассыыйа Ийэлэрин күннэрин эр дьон түмсүүтэ тэрийэн ыыттылар. Киирии тылы баһылык Виктор Федоров эҕэрдэ тылынан аста уонна бу сылга оҕоломмут эдэр ийэлэргэ бэлэхтэри туттартаата. Күүстээх аҥардарбыт эҕэрдэ кэнсиэрдэрин көрдүбүт. Араас оонньууларга оонньоон, бириис ыллыбыт. Эр дьоммут улахан минньигэс бырааһынньыктааҕы туортарын амсайдыбыт. Сыллата үгэс буолбут эр дьоимут муҥхалаан ылбыт көмүс хатырыктаахтарын үөрэ көтө бэлэх ыллыбыт. Байаанынан попурри ырыа бөҕөнү ыллаан, сэргэхсийэн, үҥкүлээн астынан тарҕастыбыт. Өрүү да ианнык түмсүүлээх буолуоҕуҥ диэн алгыс тылбытын тиэрдэбит.
Евдокия Исакова.