Саҥа дьиэ
Хочобут туонатын киэргэтэн
Саҥа дьиэ сандааран таҕыста,
Муус маҥан кубалыы кынтайан
Көрүөххэ олус да үчүгэй.
Элбэх ыал бу дьиэҕэ иллээхтик
Өйөһөн-убаһан олордун,
Оҕо, сиэн саҥата чугдааран
Дьиэ иһин үөрүүнэн толордун!
Бүгүн дьэ өрөгөй күн үүннэ
Алаадьы, саламат астанна,
Саҥа дьиэ аһыллар түгэнэ
Бөһүөлэк бүттүүнүн үөрүүтэ.
Бүгүн тохсунньу 23 күнүгэр 2-с Наахара нэһилиэгэр дьоро күн үүннэ.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн олохтоммут «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» федеральнай бырагырааматынан бу күн Хочо бөһүөлэгэр Южная 1/1 N-дээх уулуссаҕа үс этээстээх толору хааччыллыылаах 23 кыбартыыралаах таас дьиэ үлэҕэ киллэриитин үөрүүлээх түгэнэ буолан ааста.
Саҥа дьиэҕэ киирии үөрүүлээх тэрээһинигэр улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Ил Түмэҥҥэ 26 N-дээх Мэҥэ Хаҥаластааҕы быыбардыыр уокуруктан норуот дьокутааттара Андрей Находкин, Захар Никитин, улуус баһылыгын солбуйааччылар Альбина Григорьева, Василий Филиппов, управлениелар салайааччылара кытыннылар.
Саҥа ыал олохтоохторун улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, нэһилиэк баһылыга Петр Никитин истиҥник эҕэрдэлээтилэр.
Дьиэни «СахаСтройСервис» ХЭО генеральнай дириэктэрэ Прокопий Максимов салайар тэрилтэтэ икки сыл устата хаачыстыбалаахтык тутан киллэрдилэр. Прокопий Максимович саҥа дьиэ өйдөбүнньүк күлүүһүн нэһилиэк баһылыгар Петр Никитиҥҥэ туттарда.
‒ Саҥа диэҕэ киирбит 23 ыалтан 15-һэ өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбит дьон буолаллар, ‒ диэн саҥа дьиэҕэ көһөн киирбиттэр ааттарыттан махтанан харда тылыгар педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Наахара орто оскуолатын учуутала Раиса Кычкина бэлиэтээтэ уонна эмиэ бу дьиэҕэ кыбартыыра күлүүһүн ылбыт Матрена Платонова суруйбут хоһоонун ааҕан иғһитиннэрдэ.
Нэһилиэк кырдьаҕас олохтоохторо, сүөһү иитиитигэр эҥкилэ суох үлэлээбит үлэ бэтэрээннэрэ ‒ 38 сыл ыанньыксыттаабыт, бу күннэргэ 86 сааһын туолар Дария Федотова уонна сопхуоска 40-ча, ол иһигэр 17 сыл осеменатордаабыт, 85 саастаах Иван Никаноров эргэ мас дьиэлэриттэн толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ көһөн үөрүүлэрэ үгүс.
‒ Былыр мин балаҕаҥҥа улааппыт оҕо билигин кырдьар сааспар таас дьиэҕэ олорор дьоллоннум, ‒ диир Иван Павлович. ‒ Манна көһүөм иннинэ 1936 сыллаахха тутуллубут дьиэҕэ олорбутум. Хочоҕо элбэх кыбартыыралаах бастакы таас дьиэ буолар. Дьиэбит тупсаҕай оҥоһуулаах, сылаас. Нэһилиэкпит ыччата, «СахаСтройСервис» тэрилтэ инженерэ Иннокентий Устинов тутууга бэйэтэ сүүрэн-көтөн үлэлэспититтэн астынабыт, махтанабыт.
Ити курдук, саҥа дьиэ олохтоохторо дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут салалталарыгар истиҥник махтаналлар уонна хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата инникитин да салҕанан барарыгар баҕа санааларын тиэрдэллэр. Кырдьыга да оннук, тыа сиригэр маннык толору хааччыллыылаах таас олорор дьиэлэр тутуллуулара дьон олоҕун хаачыстыбатын, олоҕун уйгутун тупсарарыгар төһүү күүс буолар.
Алена ДОКТОРОВА.