Хаатылымаҕа буойун суруйааччы Семен Осипович Никифоров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах бэлиэ тэрээһиҥҥэ

Саха биллиилээх прозаига, суруйааччы, суруналыыс, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Семен Осипович Никифоров бу дьыл атырдьах ыйын 27 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолбута. Буойун суруйааччы төрөөбүт-үөскээбит сиригэр 2-с Тыыллыма нэһилиэгэр балаҕан ыйын 2 күнүгэр кэрэ-бэлиэ күҥҥэ аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Биллиилээх олоҥхоһут Гаврил Спиридонов арчылаата, арыылаах алаадьынан аал уотун аһатан алгыс көтөхтө. Кыайыы болуоссатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга буойун суруйааччыга аналлаах бүүс арыллыыта буолла. Манна ыҥырыылаах ыалдьыттарынан прозаик, тылбаасчыт, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Степан Сивцев‒Хамалҕа,  саха норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата,  тылбаасчыт,  литературнай кириитик Семен Попов-Тумат, норуодунай суруйааччы, драматург, сценарист, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ Бочуоттаах гражданина Николай Лугинов, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Саргылана Гольдерова,  Александра Попова‒Долгура, “Айыы кыһата” национальнай гимназия саха тылын уонна литературатын учуутала Александра Матвеева, “Чолбон” сурунаал отделын эрэдээктэрэ, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын литература-драма чааһын сэбиэдиссэйэ Надежда Ильина итиэннэ аймахтара буоллулар. 2-с Тыыллыма нэһилиэгин баһылыга Айсен Спиридонов, буойун суруйааччы улахан кыыһа Лидия Аммосова‒Никифорова,  улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Максимова эҕэрдэлээтилэр. Скульптор Алексей Андреевка суруйааччыны тыыннаах кэлэн олорорун курдук чуолкайдык чочуйбутугар махтал тыл эриэккэһэ ананна. Алексей Васильевич: «Бу бүүс оҥоһуллуута судургутук, чэпчэкитик табыллан барбыта, Семен Осипович дойдутугар кэлээри үөрэр дуу диэммин санаам көтөҕүллэн оҥордум. Бүгүн күнүс 100-кэ туруйа кэлэн болуоссат үрдүнэн элиэтээн ааспыттара киһи дууһатын хамсатар дьикти түгэн  буолла”, ‒ диэн санаатын үллэһиннэ.

Николай Лугинов: “Үтүө киһини оҕо эрдэхпиттэн билэр, дьиэ кэргэнинэн доҕордуу этибит. Суруйааччы буолбуппар олус үөрэн көрсүбүтэ. Кэбээйини иккис дойдум диэн ааттыыра, саамай таһаарыылаахтык үлэээбит сирэ”, ‒ диэн ахтыытыгар эттэ.

Аймаҕа Маргарита Максимова: “Аан дойду 2-с сэриитэ бүппүт күнүгэр бу тэрээһин ыытыллыбыта тоҕоостоох буолла. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сириттэн 62 тыһыынчаттан тахса киһи барбытыттан быстар аҥардара эргиллибитэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан 3767 ыҥырыллыбыттан 1917 киһи сэрии толоонугар тыыннарын толук уурбуттара. 2-с Тыыллыма нэһилиэгиттэн 81 киһи ыҥырыллан барбытыттан 28 эрэ киһи эргиллэн кэлбитэ. Семен Осипович тааҥка үөрэҕэр үөрэнэн Т-34 тааҥкаҕа сулууспалаабыта. Бу күннэргэ анал байыаннай дьайыыга тааҥкаҕа сулууспалаабыт биир дойдулаахтарбыт Алексей Неустроев, Филипп Евсеев Арассыыйа Дьоруойа буолбуттарыттан долгуйа үөрдүбүт. Буойун уоттаах сэрииттэн эргиллэн кэлээт дойдута чэчирии сайдарын туһугар үлэ үөһүгэр түспүтэ.  1961 с бастакы кинигэтин таһаарбыта, олохтон барыар диэри 10-ча кинигэни суруйан хаалларбыта. Семен Осипович аатынан аймахтара киэн туттабыт», ‒ диэн эттэ.

Үөрүүлээх күн иккис чааһыгар олохтоохтор ыалдьыттары сынньалаҥ киинигэр ыҥыран дьоро күн маанылаах остуолун тула олордон истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтин тэрийдилэр. Степан Сивцев‒Хамалҕа:  “Саҥа саҕалаан эрэр эдэр уустан 20-чэ сыллааҕыта ылбыт интервьюбар «Бу уолу өйдөөн кэбиһиҥ, үчүгэй скульптор тахсар киһитэ” диэбитим бу туолла, онон Алексей Васильевичка өссө төгүл махтал. Суруйааччылар оҕолоро кыһаллыбат, ахтыбат буоллахтарына сыыйа умнуллан хаалыахтарын сөп. Онтон бу Семен Осипович кыргыттара олус кыһанан, сүүрэн-көтөн аатын үйэтиттилэр. Атырдьах ыйыгар танкист уолаттар хорсун быһыыны оҥорбуттарыгар Семен Никифоров оҥорбут дьоруойдуу быһыыта тирэх буолла дии саныыбын”, ‒ диэтэ уонна нэһилиэк баһылыгар Айсен Руслановичка олохтоох бибилэтиэкэ үлэтин сөргүтэллэригэр баҕатын биллэрэн кинигэлэри бэлэхтээтэ. Лидия Семеновнаҕа Наталья Харлампьева илии баттааһыннаах Махтал суругу туттарда. Бу күн Чурапчыттан анаан кэлэн Наталья Устинова хомуска оонньоон эҕэрдэлээтэ. Семен Никифоров Берлины ылыыга сылдьан суруйбут хоһоонунан олохтоохтор күүстэринэн инсценировка туруорулунна. Ыалдьыт суруйааччыларбыт Семен Осиповиһы кытта ыкса алтыспыт суруйааччылар Таллан Бүрэ, Василий Гольдеров, о.д.а. оҕолоро буоллулар. Кинилэр оҕо саастарыттан саҕалаан истиҥ ахтыылары оҥордулар. Сэмэн Тумат: “Мин суруйааччы буолбуппар Сэмэн Осипович өйөбүлэ, көмөтө улахан, онон киниэхэ махталым муҥура суох. Бу дьоруой олоҕун олорбут киһи буолар. Буойун суруйааччыларга аналлаах кинигэ бастакытын 2005 с. тахсыбыта. Онно Семен Осипович киирбитэ… Инникитин даҕаны нэһилиэккит устуоруйатын байыта туруҥ”, ‒ диэн эттэ. Улуустааҕы И.М.Сосин аатынан бибилэтиэкэ ситимин киинин  дириэктэрин солбуйааччы Анна Петрова эҕэрдэ тыл этэн туран И.М.Сосин төрөөбүтэ 95 сылынан тахсыбыт халандаары бэлэх уунна. Дьокуускай куорат олохтооҕо, Семен Никифоров хос сиэнэ Александр Винокуров оҕолорунуун кэлбит. Ыалдьыттар олохтоох дьаһалтаҕа итиэннэ буойун суруйааччы төрөппүт кыргыттарыгар Лидия Аммосова‒Никифороваҕа уонна Марфа Агаповаҕа биллиилээх дьоннорун ааттарын үйэтитиигэ олохтоохтук ылсан үлэни ыыталларыгар махталларын биллэрдилэр.

Буойун суруйааччы олорон ааспыт олоҕуттан кылгастык билиһиннэрдэххэ, Семен Никифоров кыра сааһыгар ийэтэ эрдэ өлөн, аҕата Осип соҕотоҕун ииппит. Уолчаан оҕо сылдьан суруйбут “Кыһыл байыас буолуоҕум” хоһооно “Бэлэм буол” хаһыакка бэчээттэммит. Эдэр сааһыттан олох оргуйар үөһүгэр үлэлээн-хамсаан хомсомуол, баартыйа оскуолатын барбыт.  Гвардия старшай сержана Семен Никифоров фроҥҥа инники кирбиигэ сылдьыбыт, Берлини ылар кырыктаах кыргыһыыларга кыттыбыт. Буойун 1947 с. төрөөбүт дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлиэҕиттэн суруналыыһынан үлэлээбит. Биир алааска төрөөбүт Варвара Павловнаны сүрэҕинэн сөбүлээн ыал буолан үс оҕону Күн сирин көрдөрбүттэр. Прозаик быһыытынан “Госпитальга сытан” бастакы кэпсээнэ 1948 с. “Хотугу Сулус” сурунаалга бэчээттэммит. 1961 с. “Кэпсээннэр”, 1965 с. “Соргучаан үрэҕэр”, 1969 с. “Дойдум дьоно”, 1971 с. “Туркулаах кистэлэҥнэрэ”, 1973 с. “Олох суолугар”, 1975 с. “Өлөрү кыайбыттар”, 1977 с. “Быйаҥнаах кытылга”, 1980 с. “Саллаат доҕотторум”, 1983 с. “Саллаат дьылҕата” кэпсээннэрин, сэһэннэрин кинигэлэрэ бэчээттэммиттэрэ.  1965 с. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолар. С.О. Никифоров айар үлэтигэр суруйар тиэмэтэ киэҥ. Ааптар суох буолбутун кэннэ, 1983 с. тыа сирин тиэмэтигэр суруйбут “Быйаҥнаах кытылга”, “Ытык хайалар кэпсэтиилэрэ” айымньыларынан Эрилик Эристиин аатынан бириэмийэ анаммыт. “Туркулаах кистэлэҥнэрэ” диэн быһылааннаах жанрга суруллубут айымньыта ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылан нууччалыы тылбаастаммыт. С.О. Никифоров Кэбээйи, Саккырыыр, Мэҥэ Хаҥалас, Амма оройуоннарын хаһыаттарыгар эрэдээктэринэн 13 сыл үлэлээбит. Суруналыыс үлэлээбит, олорбут сирдэрин араас кыһалҕаларын туоратыспыт, сайдалларыгар кылаатын киллэрсибит киһинэн сыаналанар. Буойун суруйааччы “Чолбон” сурунаал быйылгы сыллааҕы 5-с нүөмэригэр “Күһүҥҥү киэһэ” кэпсээнэ  тахсыбыта.

Марелла Баишева.