Бүгүн, сэтинньи 19 күнүгэр, И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар «Географическай дьыктаан» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйа ыытылынна.
Бэлиэтээн эттэххэ, дьыктааны нуучча географическай уопсастыбата (РГО) Арассыыйа үрдүнэн 2015 сыллаахтан тэрийэн ыытар. Быйыл дьыктаан 8-с төгүлүн ыытылынна. Икки сыл устата биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьыктаан суруйуутугар ордук элбэх кыттааччылаах былаһаакка быһыытынан бэлиэтэнэр.
Дьыктаан икки чаастан турар. Бастакы чааһа 10, иккиһэ 30 ыйытыктаах. Тургутукка кыттааччылар чааһы кыайбат бириэмэҕэ хоруйдаатылар.
Дьыктаан түмүгүнэн кыттыыны ылбыттарга туоһу сурук туттарылынна.
Дьыктаан түмүгэ
dictant.rgo.ru сайтка тахсыаҕа.