Федора Наумова, Майатааҕы “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук иһинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан үлэлиир иис сыаҕын салайааччы, Майатааҕы Үһүс көлүөнэ оскуолатын волонтер учуутала:
— Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпииринэн пресс-кэмпириэнсийэтин мэлдьи буоларын курдук болҕойон иһиттибит. Олохпутугар билигин буола турар балаһыанньаҕа элбэх ыйытыы киирдэ. Онно Баһылыкпыт этиилэрин кэрэхсии иһиттим. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга бэйэлэрин үтүө санааларынанбары өттүнэн көмөлөһөр волонтердарга махтанна. Арассыыйа ис тутула норуот итэҕэлигэр олоҕурар диэн норуотугар итэҕэлин биллэрдэ. Быстах хомуур буолара ирдэммэт диэбитин үөрэ иһиттим. Ыччакка туһаайан “Чиэскин эдэргиттэн харыстаа” диэн норуокка этиллэр бэргэн этиинэн сүбэ эппитин биһирээтим. Бу оҕону кыра сааһыттан кырдьыгы өрө тутар, төрөөбүт дойдутун таптыыр, дойдутугар бэриниилээх, патриот, дьон ытыктыыр киһитэ буола улаатарыгар үөрэтэр дириҥ ис хоһоонноох этии дии саныыбын. Маны сэргэ, «Бастыҥ иитии – бэйэ тус холобурунан иитии” диэбитин кэрэхсээтим. Тиийинэн олоруу алын кээмэйин 18,5 %, “Земскэй дуоктар” бырагырааманан тыа сиригэр үлэлиир эмчиттэргэ көмө харчытын үрдэтэргэ этиилэрин, о.д.а. үгүс долгутар боппуруостарга дьоһуннук эппиэттээбитин астына иһиттим.