Алтынньы 21 күнүгэр Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар «Саха КВН оскуолатын биир күнэ» диэн улуустааҕы үөрэтэр-сайыннарар хомуур буолан ааста. Барыта холбоон 16 хамаанда уонна 170 уерэнээччи кыттыыны ылла. «Саха КВН» салаайааччыта Геннадий Иванович Охлопков уонна устудьуоннар лигаларын актыбыыстара Айтал, Толя, Женя, «Мэҥэ кэскилэ» уонна «Феникс» оҕо тэрилтэлэрэ көмөлөстүлэр.
Биһиги оскуолабытыттан былырыыҥҥы «Мэник Мэҥэлэр» хамаанда кыттыынны ыллылар.Салайааччылара Кондаков Иннокентий Владимирович. Биһиги Скрябина Саяра, Скрябина Сандаара уонна мин буолан оҕолортон интервью ыллыбыт, хаартыскаҕа түһэрдибит. Олус сэргэх, таһымнаах тэрээһин буолан ааста.
Солдатова Нарыйаана, 9 «г» кылаас үөрэнээччитэ, «Мэҥэбил» пресс-киин.