Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар бэйэни салайыныы күнүгэр

Бүгүн биһиги оскуолабытыгар биир ураты күн буолан ааста. Сылын ахсын үгэскэ кубулуйбут бэйэни салайыы күн буолла. 10-11 кылаас үөрэнээччилэрэ бу күнү былааннаан ыыттылар. Үөрэниэн баҕарар уруоктарын айан, толкуйдаан, расписание туруоран, оскуола үлэһиттэрин эбээһиннэстэрин үллэһэннилэр. Сарсыардаттан оскуола аанын арыйаат оҕолору ырыанан көрүстүлэр. Перемена аайы актовый саалаҕа тематическай суббота фотосессиятын тэрийбиттэрэ.
Ол курдук 5-9 кылаас үөрэнээччилэрэ олох ураты уруоктарга үөрэннилэр: тик-ток, медиа, КВН, психолог, ВПК, фантазия. Учууталлар 2 кылааска арахсан 12 “а” уонна 12 “б” кылаастар буоланнар үөрэннилэр.
Оскуола администрациятын солбуйбут оҕолор араас түгэннэри быһаардылар. Ол курдук урок кэмигэр коридорунан күүлэйдии сылдьар учууталлары тутан урокка киллэртээтилэр. “Охсуспут” учууталлартан быһаарыы сурук ылан эйэлэһиннэрдилэр уонна да атын түгэннэри көрүспүттэрэ.
Учууталлар бэйэлэрин оҕо саастарыгар төннөн ылан астыннылар, дуоһуйдулар.
Учуутал буолбут үөрэнээччилэр, администрация үлэтин солбуйбут оҕолор учуутал идэтэ ыараханын бэлиэтээтилэр, переменаларга бэрээдэги көрөр олох уустук эбит диэтилэр.

Айсен Верховцев, Максим Брызгалов,
ОхлопковNews