Тохсунньу 18 күнүгэр И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэтигэр «Muus uSTAR-2024» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн саха норуотун үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун, төрүт култууратын билиигэ «Өбүгэ үгэһэ» тургутук «ЭТнО – Биһиги!» диэн ааттанан ыытылынна.
Манна 14-тэн саҕалаан 35 саастарыгар диэри улууспут эдэр ыччаттара, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 9 «а», «г» кылаастарын үөрэнээччилэрэ кытыннылар
Тургутук уопсайа 20 боппуруостан турбута, 4 ыйытыытын улуустааҕы киин бибилэтиэкэ бэлэмнээтэ.
Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл мэтэдьииһэ Александр Эверстов “Этнодиктант” кыттыылаахтарыгар анаан түмэл сэдэх экспонатын «Оҕо кутун уйатын» туһунан уонна оҕону итии сиэрин-туомун кэпсээтэ.
Тургутук кыайыылаахтара Аллараа Бэстээх «Олоҥхо дьиэтин» режиссера Ариян Пермяков уонна уус-уран салайааччыта Айталина Васильева, «Кыталык» ыччат эстетическэй киинин фольклорга исписэлииһэ Светлана Никитина «Muus uSTAR-2024» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлигэр кыттар чиэскэ тиксибиттэригэр социальнай бэлиитикэ управлениетын начаалынньыга Октябрина Кулешова эҕэрдэлээн ситиһиилэри баҕардылар.
Иван Лукин.