Тылы ‒ быыбардааччыга
СӨ Бочуоттаах гражданина, РФ уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, «Тумул» производственнай кэпэрэтиип дириэктэрэ Таисия Васильевна ДЕСЯТКИНА Тумуллааҕы 277 N- дээх быыбардыыр учаастакка бүгүн сарсыарда кэлэн быыбарга кытынна. Кини биһиэхэ бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
‒ Биһиги тыа сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэбит баһылыгын ‒ Ил Дарханы, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) норуодунай дьокутааттарын уонна улууспутугар оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын талар улахан эппиэттээх быыбардарга көхтөөхтүк кыттабыт. Бу быыбарга үлэлиир кыахтаах хандьыдааттар талыллан инникитин даҕаны Сахабыт сирэ, улууспут уонна тыа сирэ салгыы сайдарын туһугар тахсыылаахтык үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит уонна кинилэргэ түмсүүлээх үлэни баҕарабыт.