Өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах кырдьаҕаһын Тамара Скрябинаны 90 сааһын туолбутунан эҕэрдэлээтилэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах кырдьаҕаһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Тамара Константиновна Скрябина 90 сааһын томточчу туолла. Кинини улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын салайааччы Иван Шестаков, Майа сэлиэнньэтин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Вячеслав Санников, Майатааҕы киэһээҥҥи оскуола кэлэктиибин аатыттан Степан Копырин, “Сыроватскай” түөлбэ салайааччыта Светлана Никитина дьиэтигэр кэлэн эҕэрдэлээтилэр.

5 оҕо тапталлаах ийэтэ, 10-ча сиэн, 10-тан тахса хос сиэн тапталлаах эбэлэрэ чөл туруктаах бэйэтин дьоҕус дьиэтигэр олорон 90 сааһыгар этэҥҥэ үктэммит үөрүүтүн үллэһиннэ. Кини киирбит ыалдьыттар тута эҕэрдэлээн бараары гыммыттарын тохтотон туран “Саха ыалын сиэринэн толору тардыллыбыт астаах мааны сандалыбар олороргутугар көрдөһөбүн” диэн ыҥыртаата. Инньэ гынан, ытык киһи ыҥырыытын быһа гыммакка остуол тула олорон иһирэх ахтыытын иһиттибит. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов:

— Биһиги улууспут биир ытык-мааны киһитин Тамара Константиновнаны бүгүн 90 сааскын туолбут күнҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Педагогическай үлэ бэтэрээнэ буолан тураҥҥын улууска киллэрбит үтүөҥ элбэҕин сыаналыыбыт. Бэйэҥ элбэх оҕолоох, элбэх сиэн, хос сиэн эбэтэ буолаҕын. Эһиги холобургутугар биһиги ыччаттарбытын иитэбит, сайыннарабыт, — диэн туран улуус баһылыгын, дьокутааттар сэбиэттэрин итиэннэ тус бэйэтин аатыттан тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн, эҕэрдэ, махтал суруктары уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин бородууксуйатын нобуорун бэлэх уунна. Итини сэргэ, Москуба куораттан Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин итиэннэ Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ суруктарын ытыс тыаһын ортотугар туттарда.

Улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын начаалынньыга Иван Шестаков:

— Биһиги улууспутугар бүгүҥҥү күҥҥэ 100 саастаах 2 киһи олорор. Кинилэр иккиэн Дьабыылтан төрүттээхтэр, Березкин Алексей Николаевич Дьокуускайга, Пермякова Ульяна Егоровна Нуораҕанаҕа олороллор. 90 саастаах 30-ча киһи баар. Онон кэлиҥҥи сылларга уһун үйэлээхтэрбит элбээн иһэллэрэ, биһиги кырдьаҕастарбыт үйэлэрэ уһаан иһэрэ биһигини үөрдэр. Учуутал буолаҥҥын үгүс ыччаты үөрэтэн-иитэн таһаарбыт киһи буолаҕын. Бэрэсидьиэммит Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэҕэ “Оскуолаҕа учууталлар хайдах дьону иитэн таһаараллар да, инникитин биһиги кыайыыларбыт онтон тутулуктаахтар” диэн эппитэ. Эһиги көлүөнэ дьон сэрии, сут сыллары барытын туораан кэлбиккит. Эн билигин оҕо-уруу, сиэн, хос сиэн тапталын билэн дьоллоох киһигин. Эһиги көлүөнэлэри патриоттуу тыыҥҥа иитэҥҥит дойдубут сайдарыгар кылааккытын киллэрбиккитигэр махтанабыт, — диэн туран тэрилтэтин уонна тус бэйэтин аатыттан эҕэрдэлээн, сибэкки дьөрбөтүн, эҕэрдэ сурук уонна сэмэй бэлэҕин туттарда.

Майа сэлиэнньэтин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Вячеслав Санников:

— Ытыктабыллаах Тамара Константиновна! Эйиигин бу 90 сааскын туолар кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын, баһылыгын ааттарыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Биһиги биир ытыктыыр бастыҥ кырдьаҕаспыт буолаҕын. 30-тан тахса сыл устата олоххун оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ анааҥҥын үөрэхтээһин сайдыытыгар сүдү кылааккын киллэрбит киһи буолаҕын. Биһиги эйигинэн киэн туттабыт, эһиги холобургутугар ыччаппытын иитэбит, чөл олохтоох, чэгиэн туруктаах сылдьаргыттан астынабыт, үөрэбит, — диэн туран сибэкки дьөрбөтүн, эҕэрдэ сурук уонна Майа  сэлиэнньэтин устуоруйатын кэпсиир 2 томнаах кинигэтин бэлэх уунна.

Майатааҕы киэһээҥҥи оскуола кэлэктиибин аатыттан биология, химия учуутала Степан Копырин эҕэрдэлээн кэлэктиип аатыттан сэмэй бэлэҕи туттарда. Тамара Константиновналаахха оскуоланан шефтэһэн, дьиэ тас үлэтигэр, муус сааһылааһыныгар, о.д.а. көмөлөһө тураллар эбит.

“Сыроватскай” түөлбэ саҥа салайааччыта Светлана Никитина түөлбэтигэр аҕам саастаах маннык киһи баарыттан үөрэрин этэн туран түөлбэтин аатыттан алгыс тыллаах эҕэрдэ суругун, корзиналаах минньигэс бэлэҕин уунна.

Ийэлэрин эҕэрдэлии Аллараа Бэстээхтэн орто кыыһа, мэдиссиинэҕэ 43 сыл ыстаастаах Валентина кэргэниниин Сергейдиин Лаверновтар дьиэ кэргэн, Дьокуускайтан Алмазэргиэнбааҥҥа 27-с сылын үлэлиир кыра кыыһа Анастасия Михайлова кэлбиттэр. Ыал кырата Александр Кривогорницын ийэтин көрөн олорор.

Үбүлүөйдээх саастаах Тамара Константиновна:

“Салайааччылар кэлэ сылдьыбыккытыгар олус үөрдүм. Билиҥҥи ыччаттар үлэһит буолбуттара көрөргө-истэргэ үчүгэйин! Үлэлииргит көстөн турар. Майа уулуссалара бары уоттананнар, дьиэбин икки өттүттэн уулуссалар уоттара түүннэри-күнүстэри сырдаталлар. Олохтоох дьаһалта көмөтө элбэх. Дьыл хайа баҕарар кэмигэр бородууктанан биэрэ тураллар. Муус тиэллэр, олбуорбут иһигэр уу турбанан ааһар. Урукку өттүгэр мас толору тиэллэрэ. Билигин биһиги төрөппүттэрбит олохторуттан атын олох. Учуутал буолан хомунаалынай өҥөнү эмиэ туһаммыт киһибин. Киэһээҥҥи оскуолаҕа оройуон иһигэр араас кыһалҕаны билэн, ыалдьан, сэрии кэмигэр тулаайах хаалан үөрэммэккэ хаалбыт ыччат бөҕөнү үөрэппиппит. Кинилэр билигин араас үлэһит, ыал бастыҥа буолан олороллоруттан үөрэбин. Ол оҕолорбут билигин бэйэлэрэ сааһырдылар, сорохтор бэйэбитин кытта тэҥҥэ учууталлаабыттара. Биһиги оччолорго эдэр дьону кытта алтыһан, эргиччи күүстээхтик үлэлии сылдьыбыт буоламмыт сааһырыыга улаханнык бэриммэппит быһыылаах. Билигин кэллиэгэлэрбиниин билсэбин. Салайааччылар, эһиги үтүөҕүтүнэн, эһиги көмөҕүтүнэн биһиги бэтэрээннэр үчүгэйдик олоробут. Кырдьаҕас киһиэхэ кыра да наада, дорооболоһон да аастахтарына астынаҕын. Мэҥэлэр хайа үрдүгэр буоларбытын өрө тутуоҕуҥ, туох баар саҥа, үтүө барыта Мэҥэ Хаҥаластан саҕаланар дии саныыбын,” – диэн үтүө санаатын үллэһиннэ.

Тамара Константиновна Скрябина туһунан кылгастык сырдаттахха, 1933 с. ахсынньы 15 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас  оройуонугар Алтан нэһилиэгэр Дыйа диэн эһэтин-эбэтин балаҕаннарыгар холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ Күн сирин көрбүт. Аҕата Скрябин Константин Романович 1-кы Мооруктан төрүттээх, ийэтэ Скрябина (Борисова) Прасковья Григорьевна Алтан нэһилиэгэ, оччотооҕуга Быдаҥа нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьоно үстэ оҕоломмуттарыттан кыыстаах уол оҕо төрөөн баран кыраларыгар өлбүттэр. Ийэтэ кэпсииринэн, аҕата Тамара биирин да туола илигинэ тымныйан ыалдьан эмп-томп суоҕуттан өлбүт. Ийэтэ Прасковья Григорьевна кыра оҕолоох соҕотох хаалан дьонугар олорон ыанньыксыттаабыт. Кэлин икки уол оҕолоох огдообо киһиэхэ кэргэн тахсан үс оҕоломмуттар.

Тамара иккис аҕата Соловьев Павел Михайлович Холгума нэһилиэгин киһитэ. Кэлин икки уол оҕоломмуттар. Онон бэһиэ буолан үөскээбиттэр. Кыыс оскуолаҕа киириэр диэри эбэлээҕэр олорбут. Үс кыра кыргыттара оскуолаҕа үөрэнэллэр эбит. Кинилэри үөрэттэрээри Майаҕа көспүттэригэр Тамара дьонугар хаалбыт. 1950 с.  Бүтэйдээх сэттэ кылаастаах оскуолатын, 1953 с. Майа орто оскуолатын бүтэрбит. Салгыы Дьокуускайга педагогическай институтка үөрэнэн 1955 с. бүтэрэр. Сунтаар улууһун Бүлүүчээн сэттэ кылаастаах оскуолатыгар биология, география учууталынан ананан тиийэн 2 сыл үлэлээбит. 1958 с. Майатааҕы тыа сирин ыччатын киэһээҥҥи оскуолатыгар 1985 с. бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри үлэлээбит. Бастаан биэнсийэҕэ таҕыстахпына сынньаныам диэн бүччүм санаалаах эбит. Ону тута үлэҕэ ыҥыраннар, салгыы кыраайы үөрэтэр мусуойга 2002 с. диэри тэхиньиичэскэй үлэһитинэн ылыллан үлэлээбит.

1959 с. Кривогорницын Агит Федоровичтыын ыал буолан биэс оҕолонон, биэс уонтан тахса сыл олорон «Ытык ыал» аатын ылбыттар. Тамара Константиновна оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн бириэмэтин сөптөөхтүк аттарынан сэлиэнньэ ыытар уопсастыбаннай үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттара. Манна кинини кэргэнэ Агит Кривогорницын өйөөн күүс-көмө буолан, үлэтин таһынан тэҥҥэ сэлиэнньэ уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттыбыт. Улахан ыал аҕата ыарахан ыарыыттан 2009 сыллаахха олохтон туораабыта. Оҕолор үөрэнэн, үлэһит буолан, олохторун дьоллоохтук оҥостон сиэннэр, хос сиэннэр эбиллэллэр.

Тамара Константиновна үлэлии да сылдьан, бочуоттаах сынньалаҥҥа да олорон уопсастыбаннай үлэттэн хаһан да туора турбатах. Хомсомуол, боропсойуус тэрилтэлэрэ ыытар үлэлэригэр кыттан кэлбит. Майатааҕы бэтэрээннэр “Алгыс” кулууптарыгар бэтэрээннэр хордарын салайсыбыт. Майа сэлиэнньэтин “Ытык Сүбэтин” чилиэнинэн, норуодунай суукка сэтээтэлинэн үлэлээбит.

30-ча сыл педагогическай ыстаастаах үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэрии сылларын оҕото Тамара Константиновна сыралаах үлэтэ-хамнаһа үрдүктүк сыаналанан “1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэринэн, үөрэх, култуура управлениеларын Бочуотунай грамоталарынан, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина, СӨ Норуот айымньытын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин “СӨ Бочуоттаах кырдьаҕаһа” үрдүк ааттарынан наҕараадаламмыта.

Тамара Константиновна төрдүгэр уһун үйэлээхтэр баалларын сырдатта. Ытык Киһиэхэ оҕолорун, ыччаттарын тапталларынан арыалланан дьоллоохтук олороругар, чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни баҕарабыт.

 

Марелла Баишева.