«Эр бэрдэ, этэҥҥэ эргиллээр!» диэн тылларынан үлэбит саҕаламмыта.
Хорообут орто оскуолатын үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ мустаннар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар дойдуларын санатар өйдөбүнньүк харысхаллары оҥорорго сананныбыт.
Хас биирдии үлэһит кыһаллан, үтүө санааларын анаан, илиилэрин сылааһынан харысхаллары оҥордулар, Наталья Васильевна Босикова салайда.
«Мастерская чудес» куруһуок үөрэнээччилэрэ (сал. Наталья Николаевна Евсеева), айылҕа отторун, туос, сиэл хомуйан ыраастанар нобуор оҥордулар. Манна Антонина Иннокентьевна Тихонова алгыстарын түмэн уктулар.
Итини таһынан саха тылын учуутала Ирина Романовна Сергучева 50 үөрэнээччигэ «Саллаакка, махтал!» суругу суруйтарда. Сурук ис хоһооно киһини долгутар, хас биирдии үөрэнээччи байыаска ис санааларын суруйдулар.
Оскуола бары үлэһиттэрэ биир санаанан биир күннээх хамнастарын 106.997 солк. Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Манчаары» пуондатын счетугар уктулар. Боропсойуус бэрэссэдээтэлэ Александра Васильевна Сергина.
Алгыстаах харысхалларбыт, истиҥ суруктарбыт барытын биир кэмбиэргэ уган эдэр буойуннарга көмүскэллээх, этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр тирэх буоллун диэн санаанан алҕаан ыыттыбыт.
Октябрина Васильева.