Мэлдьэхси нэһилиэгин ыччаттарын уопсастыбаннай тэрилтэтин көҕүлээһининэн «Тумулук: тумулук тутун» диэн бэрт интэриэһинэй бырайыак үлэтин саҕалаата.
Манна, Суола кэрэ айылҕалаах Уолба эбэтин үрдүгэр, балааккалар турдулар, ыччаттар тоҕуоруһа муһуннулар.
Бу бырайыак идиэйэтин эрдэ урукку Дьоруой Попов аатынан сопхуос биэс нэһилиэгин баһылыктара мустаннар, ыччаттарбыт түмсүүлээх, үлэҕэ сыстаҕас буоллуннар диэн толкуйдаабыттара. Көҕүлээһини улуус социальнай бэлиитикэҕэ управлениета өйөөн, бу биэс нэһилиэк ыччаттарын ортотугар грант куонкуруһун тэрийбиттэрэ. Киирбит алта бырайыактан Мэлдьэхси олохтоохторун Светлана Иванова уонна Елена Винокурова «Тумулук: тумулук тутун» диэн бырайыактара кыайыылааҕынан тахсыбыта.
Дьоруой нэһилиэктэрин ыччаттара түмсэннэр от ыйын 24-28 күннэригэр бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн-көрсөн, ыкса бодоруһан, саха омук төрүт дьарыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар уһуйуллаллар: от, оҕуруот үлэтигэр, ынах ыаһыныгар, тутууга, о.д.а. үлэлэргэ, нэһилиэги тупсарыы бырайыагын оҥорууга хайалара ордугун быһаарсыахтара. Киэһэтин сынньалаҥҥа талааны, дьоҕуру көрөр куонкурустары, атын аралдьытар тэрээһиннэри ыытан сэргэхсийэллэр.
Балаакканан лааҕыр бүтэһик күнүгэр түмүгү таһааран кыайыылаах баараны быһаарыахтара. “Кинилэр 100 тыһыынча солкуобайдаах бириискэ тиксиэхтэрэ. Ону таһынан бырайыак кыттыылаахтарын барыларын бириис күүтэр”, — диэн бэлиэтээн этэллэр тэрийээччилэр.
Ыччаттарбыт бырайыактара үтүө түмүктээх буоларыгар баҕарабыт.