Дьону-сэргэни түмэллэр

Майа сэлиэнньэтигэр Мария Лукина салайааччылаах “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук улуус уонна Майа дьаһалталара ыытар араас хабааннаах тэрээһиннэригэр күүс-көмө буолан үлэлээбитэ быйыл 30 сылын туолбута. “Түмэн” холбоһук түмсүүлэрэ, түөлбэлэр, тэрилтэлэр дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус, сэлиэнньэ олохторо сайдарын-тупсарын туһугар ахсаабат кыһамньыларын ууран кылааттарын киллэрсэн сүҥкэн күүс буолаллар.  Холбоһук анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биир дойдулаахтарбытыгар биэс көрүҥ көмөнү оҥорон кэллэ. Кэнники көмөлөрүн кылгастык сырдатыаҕы баҕарыллар.

Сэтинньи 18 күнүгэр Евдокия Решетникова салайааччылаах “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү тэрийиигэ улууспут нэһилиэктэрэ күүс-көмө буоллулар. Манна Майа, Чүүйэ, Өлөчөй, Балыктаах, Бырама, Матта, Табаҕа, Мэлдьэхси, Хорообут, Нуораҕана,  Тиэлиги, Тарат  нэһилиэктэрэ сибиэһэй муҥха балыгынан көмөлөстүлэр.

Хорообут нэһилиэгин дьоно оҕотуттан аҕам саастааҕар тиийэ кыттыһан илиилэрин сылааһын иҥэрэн оҥорбут көмөлөрүн аҕалан туттарбыттара. “Уран иис” түмсүү 86 саастаах ытык-мааны кыттыылааҕа Анна Тимофеева хоруопканан бэрэски уонна буспут эт, 10 харысхал оҥорон биэрэн дьонун-сэргэтин көҕүлээтэ. Нюрбина Брызгалова дириэктэрдээх норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир Анна Скрябина салайар куруһуоктарын дьоно көхтөөхтүк кытыннылар. “Ситим” түмсүү (сал. Аграфена Федорова), “Таҥара кийиитэ” түмсүү (сал. Ирина Ильина), “Уран иис” түмсүү (сал. Татьяна Михайлова), “Сиэл ситии” түмсүү (сал. Матрена Колосова), “Арчы” сиэр-туом түмсүү (сал. Татьяна Тролукова) кыттыылаахтара 86 харысхалы, 52 от, сиэл, туос састааптаах ыраастыыр нобуору, 11 дэйбиири оҥорон ыыттылар. Дмитрий Таас аатынан орто оскуола оҕолоро буойуттарга анаан сурук суруйан итиэннэ харысхал оҥорон, уруһуйдаан, учууталлар “Эр бэрдэ,  этэҥҥэ эргиллээр!” диэн алгыс суруктаах 50 харысхалы ыытан кыттыстылар.

“Түмэн” холбоһук чилиэнэ Антонина Петрова салайааччылаах бөлөх 111 собо балыгы ыһаарылаан, 929 бакыат хатарыллыбыт собо миинин бэлэмнээн биэрдилэр. Федора Наумова салайааччылаах иис сыаҕа 9 сылаас ыстааннары, 8 сылаас бэргэһэни, 4 баара куллуканы, 55 саа уоһун сабыытын, 24 илиигэ-атахха кэтиллэр бэлиэни оҥорон ыыттылар. Майа дьаһалтатыттан түөлбэлэри сүрүннүүр исписэлиис Жанна Николаевна Тумусова график оҥорон саһыарар сиэккэ оҥоһуутугар түөлбэ олохтоохторун кытыннарда. Манна “Набережнай”, “Советскай” түөлбэлэр 10-нуу, “Ураһалаах”, “Новострой” түөлбэлэр 8-тыы, “Лесопуун” түөлбэ 7, “Мелиоратордар” түөлбэ 6 олохтоохторун кытыннардылар. “Сайдыы”, “Академик В.П.Ларионов”, “Лесной”, “Герой Попов”, о.д.а. түөлбэлэр олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ол түмүгэр Евдокия Семенова салайыытынан 36,5 миэтэрэ саһыарар сиэккэ оҥоһуллан ыытылынна. Любовь Гаврильева салайааччылаах “Кэрэли” оҕону сайыннарар киин саллаакка анаан 100 сурук суруйан, 19 харысхал, Виктория Бурнашева салайааччылаах “Мичил” уһуйаан 140 алгыстаах харысхал оҥорон итиэннэ уһуйааннар балыгы хатаран, мээккэлээн сүҥкэн көмөнү оҥордулар. “Уран Майа түмсүүттэн Марфа Решетникова 206 устуука харысхалы оҥорон кыттыста. «Айар” кинигэ кыһатын уопсастыбаннай тарҕатааччыта Егор Белолюбскай кинигэлэри, “Эркээйи” хаһыат эрэдээксийэтэ оройуон хаһыаттарын ыытан кыттыстылар.

“Түмэн” сүбэтэ гуманитарнай көмөҕө бириэмэ анаан кыттыспыт бар дьонугар барҕа махталын тиэрдэр.

 

Марелла Баишева.