«Дьол түһүлгэтэ» уопсастыбаннай киин үлэтиттэн

«Дьол түһүлгэтэ «уопсастыбаннай киин «Майа сэлиэнньэтэ «тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын тэрийиитинэн бу сыл тохсунньутуттан үлэлиир.

Киин соруга ‒ дьон-сэргэ олоххо көҕүн үрдэтии, түмсүүлэр, түөлбэлэр, биирдиилээн дьон үтүө көҕүлээһиннэригэр өйөбүл оҥоруу.
«Дьол түһүлгэтигэр «Мария Дмитриевна Лукина салайааччылаах «Түмэн «уопсастыбаннай холбоһук, «Түмэн» иһинэн тэриллибит байыаннай дьайыыга барааччылары анал таҥаһынан хааччыйар Федора Ивановна Наумова салайааччылаах иис сыаҕа күннэтэ үлэлииллэр.
Майа олохтооҕо, Итэҕэл балаҕанын арчыһыта Лидия Ивановна Андреева‒Ил Иитэ дьону эмтиир. Дьоҥҥо уйулҕа өртүнэн көмө оҥорор, оҕолорго идэни таба талыыга сүбэлиир үлэни ыытар уйулҕаһыттар кабинет ылан үлэлииллэр. Балаҕан ыйыттан Индияҕа икки ый устата анал үөрэҕи ааспыт йога маастара Варвара Соловьева йоганан дьарыктары ыытар.
Киин аһыллыаҕыттан Клавдия Владимировна Тихонова салайааччылаах «Майа алаас ыала» түмсүү араас сэминээрдэри, маастар-кылаастары, атыы-тутуу дьаарбаҥкаларын тэрийэн ыытар.
Ону таһынан нэһилиэнньэҕэ туһуланар араас үлэни тэрийэр дьон дуогабарынан кэлэн үлэлээн бараллар.
Бу күннэргэ Бэдьимэттэн төрүттээх массажист, илбииһит Никифор Иннокентьевич Афонскай дьону эмтии сылдьар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Владилена Владимировна Павлова салайааччылаах Майатааҕы дьиэ кэргэн киинэ ыалларга анаан гаражнай дьаарбаҥканы тэрийэн ыытта. Екатерина Никифоровна
Мосоркина салайааччылаах «Алгыс» үҥкүү бөлөҕө дьарыктанан барда.
Үһүс көлүөнэ аҕам саастаахтар оскуолаларын Марфа Васильевна Алексеева дьарыктыыр «Умсулҕан «драмкуруһуогун бөлөҕө түмэннэргэ ыалдыттаата. Ити курдук «Дьол түһүлгэтин» аана дьоҥҥо мэлдьи аһаҕас.
Ким этиилээх билсиҥ, кэлиҥ, сүбэлэһиҥ.

Евдокия Решетникова