Дьоһун кылааттарын киллэрэр дьоммутунан киэн туттабыт

Майаҕа “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ үлэлиир Мария Лукина салайааччылаах “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук иис сыаҕар анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан оҥоһуллар көмө салгыы ыытыллан барар.

Нэһилиэнньэттэн киирбит харчынан иистэнньэҥнэр быйыл күһүн байыаннай дьайыыга барар 5 уолу толору кэмпилиэгинэн таҥыннаран атаардылар.

Алтынньы 13 күнүгэр Майа дьаһалтатыгар үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Манна сэлиэнньэ баһылыга Алексей Неустроев Галина Владимировна уонна Анатолий Александрович Ким алаһа дьиэ тэринэн ыал буолан олорбуттара 50 сыллаах үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлээн улуус “Ытык ыала” дастабырыанньалаах бэлиэни сэргэ 10000 солкуобай суумалаах сэртипикээти туттарда. Бу сэртипикээттэрин Галина, Анатолий Кимнэр анал байыаннай дьайыыга көмөлөһөр сыаллаах Федора Наумова салайааччылаах иис сыаҕар аҕалан туттардылар.

Үтүө дьыалаҕа кыттыһан Майа сэлиэнньэтин ытык олохтоохторо Лидия Петровна Абрамова, Виктор Спиридонович Шариннар 3000 солкуобай харчыны иис сыаҕар аҕалан биэрдилэр. «Түмэннэр» үтүө санаа хамсааһыныгар кыттыһан дьоһун кылааттарын киллэрбит маннык дьонноохторунан киэн тутталлар, бу дьиэ кэргэттэргэ барҕа махталларын тиэрдэллэр.

Сыах иистэнньэҥнэрэ көмө харчынан “Ткани”  маҕаһыынтан матырыйаал ылан сулууспаҕа барар уолаттарга кээмэйдэрин ылан таҥас тигэн биэрэллэр. Бу күннэргэ Ирина Саввина салайар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Илии сылааһа” сыах кыһыҥҥы таҥастары тигэргэ урулуонунан халыҥ таҥастары ыыппыт. Майатааҕы иис сыаҕын иистэнньэҥнэрэ эрдэ сакааска бэлэм быһыллыбыт таҥас кэлэрин тигэ сылдьыбыт эбит буоллахтарына, билигин бэйэлэрэ быһан кыһыҥҥы таҥас тигиитин саҕалыырга бэлэмнэнэллэр.

Маны сэргэ саһыарар сиэккэ баайыыта, харысхал оҥоруута, о.д.а. хайысхаларынан үлэ барыахтаах. Түмэннэр уопсай дьыалаҕа көмөлөһүөн баҕалаахтарга ааннара аһаҕас, үөрүүнэн көрсөллөр.

 

Марелла Баишева.