Дойдубут баһылыга Владимир Путин
Өлүөнэ муостата тутуллан олоххо киириитин болдьоҕун ыйан туран Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын былааныгар киллэриэххэ диэн этиитэ Сахабыт сирин олохтоохторун барыбыт сүргэтин көтөхтө.
Биллэн турар, күһүн уонна саас күн-дьыл хаамыытыттан айан сырыыта тохтуура улууспут, өрөспүүбүлүкэбит эрэ буолбакка, федеральнай таһымнаах кыһалҕанан буолара саарбаҕа суох.
Биһиги өҥүрүк куйаастаах, тыйыс тымныылаах Сахабыт сиригэр айан суола быстыспат ситимнээх тыын суолталаах боппуруоһунан буолар.
Бу кыһалҕабыт быһаарыллыыта — Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуутун боппуруоһа хамсаабытыттан биһиги, Илин эҥэр улуустар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэбит бүттүүнүн дьоно- сэргэтэ муҥура суох үөрэбит!
Муоста тутуллуута тыа сирэ, тыа хаһаайыстыбата, оҥорон таһаарыы сайдыытыгар, улуустарга ыччат олохсуйуутугар дьоһун тирэҕинэн буолуоҕа.