Дьиэ кэргэнинэн хаарга дьоллоох оҕо сааһы дьүһүйэллэр

Олунньу 24-25 күннэригэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Тыа хаһаайыстыбатын, Майа сэлиэнньэтигэр Чөл олох сылларыгар аналлаах «Дьоллоох оҕо саас» дьиэ кэргэнинэн хаартан оҥоһук аһаҕас күрэҕэ Таала күөлгэ саҕаланна.

Бу күрэххэ Муома, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 17 дьиэ кэргэн кыттыыны ыллылар.

Тэрээһин кыттыылаахтарыгар анаан олохтоох дьаһалта эрдэ 2 миэтэрэ үрдүктээх, 2,4 миэтэрэ кэтиттээх, 1,2 миэтэрэ халыҥнаах хаар макыаттары бэлэмнээбит.

Дьиэ кэргэн 2 күннээх үлэтин түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 1-кы миэстэҕэ – 30, 2-с миэстэҕэ – 20, 3-с миэстэҕэ – 10 тыһыынча солкуобай суумалаах бириистэри уонна кыттыбыт хамаандаларга күрэх спонсордара 3-түү тыһыынча солкуобайдаах биһирэбил сэртипикээттэрин туттарыахтара.