Бэс ыйын 12 күнүгэр, Арассыыйа күнүгэр, Дьабыыл нэһилиэгэр биир үтүө дьыала оҥоһулунна. Нэһилиэк олохтоохторо анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан 6х5 м кээмэйдээх муҥханан саһыарар сиэккэни бүтэрэн олохтоох дьаһалтаҕа туттардылар.
Сиэккэҕэ анаан муҥхалары Николай Васильевич Петров, Иннокентий Иннокентьевич Лонгинов, Гаврил Степанович Стручков дьиэ кэргэннэрэ биэрдилэр. Ааспыт нэдиэлэ чэппиэриттэн матырыйаал хомуйан саҕалаан, 5 күн устата эдэрдиин-эмэнниин 50-ча киһи успуорт саалатыгар кэлэн үлэлээтэ. Дьоруой ийэ Дария Васильевна Иванова көхтөөх кыттыытынан эдэрдэргэ холобур буоларын бэлиэтиир оруннаах. Маны сэргэ дьиэҕэ олорон матырыйаал кырыйан ыытааччылар элбэхтэр. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Антонина Петровна Баягантаева, элбэх оҕолоох ийэ, үлэ бэтэрээнэ Елена Аркадьевна Борисова миэтэрэнэн таҥаһынан хааччыйан көмөлөстүлэр. Үлэни көҕүлээччинэн нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэтин саҕалаабыт Светлана Афанасьевна Стручкова буолла. Кини Светлана Алексеевна Федотовалыын Төҥүлүгэ тиийэн «Доруобуйа» кулууп иистэнэр сыаҕыттан сүбэ-ама ылан кэлбиттэр.
Нуораҕанаттан анал байыаннай дьайыыга 3 биир дойдулаахтарбыт сулууспалыы сылдьаллар. Кинилэргэ биирдиилэригэр анаан эмиэ саһыарар сиэккэлэри оҥордулар. Маны анал үрүксээктэри тигэн уганнар ыытарга бэлэмнээтилэр.
Үтүө санаанан, ис сүрэхтэн оҥоһуллубут харысхал сиэккэлэр уолаттарбытын араҥаччылаатыннар. Буойуннарбыт чэгиэн туруктаах, кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэллэрин туохтааҕар даҕаны кэтэһэбит.
Марелла Баишева.