чулуу киһибитигэр Михаил Михайлович Скрябинҥа аналлаах пааматынньык арыллыыта

М. Скрябин

«Быраатым, эн кэриэскэр!»

Эһээлэрбит барахсаттар,-

Сыҥаах Мэхээлэ, Ньукуу Скрябиннэр,-

Киһи эрэ кэрэхсиир сээркээн сэһэнньиттэрэ.

Кинилэр киһи буолан, уутуйан – тэнийэн,

Олорбут сирдэрэ- Чалҕаа, Моорук түөлбэлэрэ.

Уруурҕаһыы, аймахтаһыы сиэрин

Ол барахсаттар үрдүктүк туталлара,

Хаһааҥҥыттан эмэ сүтэрсибит дьоннуу

Күндүлэһэн- маанылаһан көрсөллөрө…

Ол дьон сырдык ыраларынан, 

Уруурҕаһыы- бырааттаһыы тыынынан

Сиэннэрэ, эн биһи, эрдэ көрсүспүппүт,-

Нууччалыы, сахалыы балкыһан,

Бэдиктэр бэркэ бодоруспуппут.

Кэлин кэккэлэһэ кылаастарга суксуруһан,

Ардыгар биир ыалга олорон, биир остуолга аһаан,

Улахан Миисэ, кыра Миисэ дэтэн,

Умнуллубат оҕо сааспытын атаарбыппытын –

Табаҕа, Майя кырдьаҕас оскуолалара

Бэркэ билэн турдахтара…

Оҕонньоттор кэпсээннэринэн

Уонна бар дьон билэринэн,

Былыргы үһүйээннэринэн,

Скрябиннэр төрүт- уус улуу өбүгэлэрдээх,

Сис аймах- билэ дьон буолан,

Сириэдийэн олорбуттара эбитэ үһү…

Ол курдук, Идэлги бөҕөттөн тэнийэн,

Кыыс ньургун Кулуһун Ньургустай,

Аакка – суолга киирбит Аба Уос Дьорҕо курдук

 Буулаҕа бухатыыр дьоһун дьон

Улуу өбүгэлэрдээх эбитэ үһү.

Манчаарылыын баараласпыт, доҕордоспут,

Аһыныгас санаалаас, амарах сүрэхтээх Сурдургуур Бүөтүр да 

Судургута суох киһи  эбитэ үһү…

Үрдүк – үтүө ааттаах киһи Үйэлэргэ төхтөрүйэн,

Тумул – тоҕой сирдэргэ

Тохтуу- тохтуу тоҕуоруйан,

Удьуордаан – ууһаан, тэнийэн,

Олорон ааһара үһү диэн

Үһүйээннэргэ этиллэринии,

Эн Аба Уос Дьорҕо

Кыырата ыппыт быыра оҕунуу

Кылгас да буоллар күлүм гынан,

Бу сиргэ олорон ааспытыҥ…

Үтүмэн өрдөөҕү үйэлэргэ

Үөскээн- төрөөн ааспыт үһүйээҥҥэ киирбит,

Үрдүк- үтүө ааттаах

Өбүгэлэргин удьуордаатаҕыҥ буолан,

Бу Орто дойдуга оҕо буолан,

Оройунан түһэн,

Киһи хара буолан сүһүөххэр туран,

Буутун этэ буһан

Холуҥ этэ хойдон,

Быччыҥнарын быыпастан,

Иҥиирдэрин лычыгыраан,

Аныгылыы сиэринэн  сэттэ көлөһүҥҥүн тоҕон,

Ситэрэн эрчиллэн, ситэн – хотон,

Буулаҕа бухатыыр буолбутуҥ…

Саҥа үйэҕэ сайдыылаах спордунан

Сытайан туран дьарыктанан,

Ураты суолтаны биэрэн, умсугуйан туран, 

Олоххун анаабытыҥ.

Улахан спорт бииртэн — биир көрүҥүн

Биэс тарбах курдук баһылааҥҥын,

Бэйэн бириэмэҥ дьонун, бэркэ биһирэттиҥ.

Кыра сааскыттан 

Кылыйан кыыраппытыҥ,

Куобахтаан курбачыйбытыҥ,

Ыстаҥалаан ырааппытыҥ.

Сүүрэн- көтөн сүллүгэстэммитиҥ,

Хаар холорук курдук ытыллан,

Хайыһардаан илгистибитиҥ.

Иккилии бууттаах

Тимир лиһигир киирэлэринэн

Мээчик хаба оонньообутуҥ.

Ыар ыйааһыннаах ыйыста тимир ыстаанганы көтөҕөн,

Кэмэ суох элбэх көрөөччүлэри кэрэхсэппитиҥ,

Сөхтөрбүтүҥ,

Уу харахтаах уйадыйа көрөр

Ураты рекордарын охсуталаабытыҥ.

Саха омук саамай таптаан дьарыктанар

Спордугар- хапсаҕайга

Хабыр хапсыыларга киирсэн,

Хабырыйсан- хапсыһан,

Хабааннаххын булбатаҕыҥ.

Көҥүл тустуунан

Көхтөөхтүк үлүһүйэн,

Быһымах киирсиигинэн

Бар дьоҥҥун соһуппутуҥ эмиэ баар…

Чугаһаан тутуһары булбакка,

Тиэргэнин бэртэрин тиэритэ уурталаан,

Уолан бэртэрин умсарыта садьыйан, 

Көлүөнэҥ үтүөлэрин кытары күрэс былдьаһан,

Күөҥҥүнэн анньыһан,

Киэҥ сирдэри тэлэһийэн,

Ураты дойдуларынан сылдьан,

Соҕуруунан- хотунан сураҕыҥ тарҕаммыта,

Араас дойдуларга аатыҥ ааттаммыта…

Түннүгүнэн чыычаах элэс гынарыныы

Киһи барахсан олоҕо кылгас да буолар эбит…

Бүгүн эн суоххун… биһиги ортобутугар,

Бу күн сиригэр…

Ол эрэн, кылгас да буоллар,

Күлүм гынан ааспыт олоҕуҥ

Дьон – сэргэ ортотугар умнуллубат.

Эн ааккын ааттабытынан,

Ыччат дьон мустан күйгүөрэр,

Умсулҕаннаах спорду сайыннаран,

Күннэтэ кэккэлэрэ хаҥыыр.

Эн ааккынан бириис иһин

Күрэс былдьаһаллар кинилэр,

Охсубут рекордаргын ситиһэр иһин

Умсугуйан дьарыктаналлар.

Киһи барахсан ситиспит дьыалатынан

Бу дойдуга сыаналанар.

Күн сиригэр чэгиэн эт- хаан,

Чөл өй – санаа баарын тухары

Эн аатыҥ ааттаныа турдаҕа…

Эн олоҕун салҕаныа

Төрөппүт оҕолоргор, ыччаттаргар.

Бу киэҥ Моорук киэлитигэр

Скрябиннэр аҕа уустарыгар

Эн хааныҥ- сыдьааныҥ

Аҕа баһын тосту олордуҥ!

Дом!

Чэгиэн ыраас салгыннаах, күһүҥҥү үтүө күннээх чэмэлкэй ыраас балаҕан ыйын 30 күнүгэр кырдьыбат кырдьаҕас Моорукпут сиригэр – уотугар бэлиэ тэрээһин буолан ааста.

 Үөһэ суруллубут хоһооҥҥо сурулларыныы истиҥ иһирэх тыллардаах улуукан, чулуу киһибитигэр Михаил Михайлович Скрябинҥа аналлаах пааматынньык арыллыыта уонна кини олорон ааспыт олоҕун, үлэтин – хамнаһын, дьиэ кэргэнин, аймахтарын төрүттэрин – уустарын туһунан киэҥ араҥаҕа сырдатар ахтыылардаах кинигэ сүрэхтэннэ.

 Бу күнү бэлиэтээн  Саха АССР уонна СӨ култууратын туйгуна Тамара Константиновна Апросимова аатынан нэһилиэкпит култуура киинигэр тоҕуоруһа муһуннубут.

Бу ааспыт сыл биһиги нэһилиэккэ самаан сайын силигилээн, чэчирээн турар бэс ыйын кэмигэр,  киэн туттар биир дойдулаахпыт, сахалартан соҕотох уонна штангаҕа бүтэһик ССРС спордун маастара Михаил Михайлович Скрябин 85  сааһын,  улахан күүрээнээх күрэхтэһиилэрдээх, бэрт дьоһун бириистэрдээх  ыһыах тэрийэн бэлиэтээбиппит.

Онтон күн бүгүн Михаил Михайлович үтүө аатын өссө төгүл үйэлэргэ үйэтитэр, үүнэр көлүөнэ ыччакка тириэрдиллэр дьоһун үлэ буолла.

Бу Михаил Михайлович Скрябинҥа аналлаах пааматынньык үлэтэ 2022 сылга 85 сааһын көрсө саҕаламмыта. Пааматынньык оҥоһуутун  бастакынан тыл көтөҕөн, этии киллэрэн, идея этэн иилээн – саҕалаан үлэлэспит киһибит, Михаил Михайлович аймаҕа, Моорук нэһилиэгэр баһылыгынан үлэлээн ааспыт, экономическай наука  кандидата, Тараҕай уонна Моорук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина Николай Николаевич Скрябин буолар.

Биир дойдулаахпыт этиитин Николай Прокопьевич Старостин бэйэтин улуус баһылыгынан олорор кэмигэр ылынан,  этиини өйөөн улуус депутаттарын Мунньаҕын сэбиэтин председателя Павел Данилович Сазоновка пааматынньык оҥоһулларыгар скульптордары буларга уонна улуус өттүттэн үбүлээһини көрдөрүүгэ  үлэни ыытар. Пааматынньыгы оҥорууга үтүө суобастаахтык ылсан үлэлэспит дьоммутунан скульптор Сергей Иннокентьевич Лукин уонна ыаллыы сытар Бүтэйдээх нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт Чямпин Павел Иннокентьевич буолаллар.

Бу улахан бырайыак олоххо кииритигэр сүҥкэҥ кылааты норуот сомоҕолоһон киллэрисибитэ төһүү күүс буолбута. Карл Карлович Байкалов аатынан Моорук нэһилиэгин түмэлэ нэһилиэнньэҕэ, улууска ситим нөҥүө ыҥырыы акция ыытан ыраахтан- чугастан, атын нэһилиэктэр, уонна улуус баһылыктара, республикабыт таһыттан тиийэ Михаил Михайлович Скрябин Улуу аатын ытыктыыр, истэн билэр дьон,  түмэл үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, төрөппүт оҕолоро, аймах билэ дьоммут, атын улахан куораттарга олорор, үлэлиир биир дойдулаахтарбыт бука бары түмсэн, өйөөн мунньуллубут үп- харчы улууспут Манчаары аатынан фондатыгар угуллубута. Уонна күн бүгүн үөрүүлээх быһыыга майгыга, үөрэн – көтөн туран бу саҕаламмыт үлэ барыта тиһэҕэр тиийэн түмүктүүр ситэрии — хоторуу үлэтин улууспут баһылыга, Дмитрий Иванович Тихонов уонна биир дойдулаах үлэһит, патриот  уолаттарбыт Виктор Уваровский, Еремей Жирков, Василий Окороков, Юрий Алескеев, Петр Сосин, Айаал Юмшанов  өйөбүллэринэн ситэрилиннэ.

Бу дьоһун тэрээһиҥҥэ Михаил Михайлович доҕоро, эт саастыы үөлээннээҕэ, бииргэ алтыһан дьарыктаммыт киһитэ, тэрээһин Бочуоттаах ыалдьыта СӨ норуодунай артыыһа, уон көрүҥҥэ многоборьеҕа Москуба уобалаһын чөмпүйүөнэ, 1- Тыыллыма нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Үөһээ Бүлүү, Амма улуустарын СӨ уонна Дьокуускай куоратын Бочуоттаах олохтооҕо Аркадий Михайлович Алексеев кыттыыны ылла. Ону таһынан ыраах Кореяттан, Амматтан, Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан, Ходороттон, аймахтара, бииргэ үлэлээн алтыһан ааспыт доҕотторо ыалдьыттаатылар. Мэҥэлэр киэн туттар мадьыныбыт, Манчаары оонньууларын биэс төгүллээх кыайыылааҕа, Дыгын оонньууларын призера, атах оонньууларыгар уонна мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара Сергей Кузьмин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун спорт комитетын сүрүн специалиһа, Всероссийскай турнир Улан Үдэҕэ ыытыллыбыт улахан күрэх кыттыылааҕа, СӨ аатыттан спортивнай делегациятын бэтэрээннэргэ чемпион спорстмена Виталий Михайлович Пестряков улуус дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэлэрин  үтүө тылларынан ахтан, бары мустубут дьоҥҥо, биир дойдулаахтарыгар ис сүрэхтэриттэн махталларын эттилэр. Биир дойдулаахпыт, кыраайы үөрэтээччи, учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Моорук нэһилиэгин литературнай музейын төрүттээччитэ, Нэһилиэк Ытык кырдьаҕаһа Аполлон Михайлович Апросимов Михаил Скрябинҥа анабыл хоһоонун Моорук орто оскуолатын үөрэнэччилэрэ ааҕан дуораһыттылар. Бу хоһооҥҥо сабыс саҥа буруолуу сылдьар ырыа оҥоһуллан, бастакытын ылланан сүрэхтэннэ. Биир дойдулаахпыт Михаил Михайлович чугас доҕоро Роберт Егоров улахан кыыһа Матрена Сыромятникова ыалдьыттаан ылбаҕай ырыатын бэлэх уунна. Т.К. Апросимова аатынан култуура киинин үлэһит кыргыттара кэлбит ыалдьыттары итии чэйдээх, сандалы бэрэскилээх, кус миннээх үөрэ көрүстүлэр. Михаил Михайлович Скрябин бэйэтэ олус байанайдаах кусчут, куобахчыт этэ. Ону өйдөөн санаан өйөөбүт нэһилиэкпит Байанайдаах кус бэрсибит булчут уолаттарбытыгар түгэнинэн туһанан Дмитрий Ксенофонтовка, Георгий Лобановка, Петр Сосинҥа Махталбын тириэрдэбин.

Саҥа тахсыбыт кинигэбит олохтоох дьаһалта үбүлээһининэн баара суоҕа биэс уонча экземпляр бэчээттэммитэ. Биһиги улууспутугар «Кэрэ кэрэһиттэрэ» диэн сериянан улуус чулуу, ураты талааннаах, ураты дьоҕурдаах  дьоһун дьоммут олохторун, үлэлэрин, ааттарын үйэтитэр бэртээхэй проект баар. Бу манна хайдах эрэ киллэрэн, үбүлээһинин кыайа хото тутан кинигэни өссө эбии бэчээттэтэн атын улуус дьоно, сэргэтэ, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно биһиги Мэҥэлэр, Мооруктар улуу дьоһун киһибит туһунан билиэхтэрин, кини туһунан өссө да киэҥ эйгэҕэ таһааран тарҕатан спордунан дьарыктанааччылары, спорду өйөөччүлэри, үүнэр ыччаты чөл олоххо, чэгиэн турукка көҕүлээн тарҕатыахпытын баҕабытын этэбит. 

Түгэнинэн туһанан олохтоох дьаһалтабытыгар, чуолаан  Ирина Павловна Морозоваҕа махтал тылларын тиэрдэбит. Кэмигэр өйөөн, үп тыыран бу үйэтитии үлэтигэр тус кылаатын сыаналыыбыт.

Бүгүҥҥү түмсүүбүт Михаил Михайлович төрүттэрин – уустарын сиригэр – уотугар, дойдутугар Мооругар буолбута улахан суолаталаах. Бу ыытыллар үлэ ыччаттарбыт тустарыгар оҥоһуллар, тэриллэр, соруктаах. Патриотическай тыыҥҥа иитии, чөл олоххо сайыннарыы, спортка араас көрүҥнэргэ сирдиир, чулуу спортсмеммыт үрдүк аатын чиэстээн, чэгиэн турукка сирдиир иитии холобура буоллар диэн баҕлаахпыт.

Бу кэрэ бэлиэ кэмҥэ баҕарыам этэ хас биирдиигитигэр лабааҕыт лаглайдын, силискит чиҥээтин, олорор олоххут остуоруйа дойдуланнын, олоххутугар  оҥорор айар үлэҕит- хамнаскыт олоҥхо курдук омоон олохтоннун диэн!

Төрөөбүт дойдубут, норуоппут сайдарын туһугар күннэтэ угар кылааккыт чэчирии сайыннын! Хас биирдии киһи үтүө эрэ холобурунан сирдэтэн, олоххо тапталы иҥэрэн үүнэ – сайда чэчирии  сылдьын, чэгиэн- чэбдик буолун!

Төөннө туруом алааспар-

Төрүт дьонум өтөҕөр,

Кэлэ туруом сайылыкпар

Кэрэ кэмим биһигэр!

 

Александра Уваровская, Моорук