Олунньу 28 күнүгэр “Кыталык” уопсастыбаннай кииҥҥэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр Чөл олох сылын чэрчитинэн “Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Татьяна Артемьева көҕүлээһининэн “Чөл олох – кэм ирдэбилэ” аһаҕас кэпсэтии ыытылынна. Манна Дьокуускай куораттан норуоттар икки ардыларынааҕы Чөл олох академиятын вице-бэрэсидьиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физкултуураҕа уонна успуорка үтүөлээх үлэһитэ, “Чөл олохтоох Саха сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ, Дьокуускай куорат уопсастыбаннай балаататын салайааччыта, педагогическай билим хандьыдаата Матвей Лыткин уонна “Нам оройуона чөл олох иһин” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ Любовь Маркова кыттыыны ыллылар.
Аһаҕас кэпсэтиини “Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Татьяна Артемьева иилээн-саҕалаан ыытта. Кини: “Гражданскай турук аахталарын суруйуу сыыппараларыттан билиһиннэрдэххэ, 2021 с. 381 оҕо төрөөбүт буоллаҕына 254 киһи олохтон туораабыт. 2023 с. 85 ыал холбоспут, 98 ыал арахсыбыт. Бу биричиинэлэрэ туохха сытара сэрэйиллэр. Улуус 31 нэһилиэгиттэн 16 чөл олохтоох нэһилиэк баар. Майалар 17-с нэһилиэгинэн буоларга баҕарабыт, улууска чөл олох 5 тирэх киинэ баарыгар киирсэбит диэтэ, о.д.а. чахчылары аҕалла. Майа баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Вячеслав Санников сэлиэнньэҕэ чөл олох күннэринэн ыытылла турар тэрээһиннэри сырдатта.
Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев бастатан туран арыгыта, табаҕа суох чөл олоххо санааларын үллэстэ кэлбит дьоҥҥо махтанна. Кини: “Үүнэр көлүөнэ ыччакка куһаҕан дьаллыга суох сырдык, ыраас олох баарын биллэрэргэ, чөл олохтоох киһи элбэҕи ситиһиэн сөп диэн санааны тиэрдэргэ үлэлии сылдьар дьон бэйэбит холобурбутунан көрдөрөн ииттэхпитинэ ыччаттарбыт дьонноругар-сэргэлэригэр, төрөөбүт дойдуларыгар туһалаах дьон буолуохтара. Ол сыалтан чөл олох сылын биллэрбиппит. Санатар буоллахха, Майаҕа 2017 с. 17 арыгы атыылыыр маҕаһыын үлэлии турбут буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 5 маҕаһыын баарыттан 1 маҕаһыын тэхиньиичэскэй биричиинэнэн үлэлээбэккэ турар. Үүнэр көлүөнэ ыччакка куттала суох эйгэни олохтуур сыалтан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьокутааттарын быһаарыытынан арыгы атыылыыр маҕаһыыннар үөрэх, оҕо тэрилтэлэриттэн 1000 миэтэрэ тэйиччи туруохтаахтар. Маҕаһыыннар оҕо тэрилтэлэриттэн бу ирдэбилгэ эппиэттээбэт сиргэ үлэлии тураллар. Халлаан сылыйдаҕына Майа сэлиэнньэтин киинигэр үлэлии турар арыгы маҕаһыыннарыгар чугастааҕы чөл олохтоох дэриэбинэлэртэн хаамаайы дьон кэлэн уулуссаҕа, маҕаһыын муннуктарыгар туран оҕону-урууну куттаан харчы көрдүүллэрэ баар суол. Маннык сайын устата 70-тан тахса киһи кэлэрэ биллэр. Итирик туруктаах дьон сэлиэнньэ иһигэр хаамса сылдьаллара үүнэр көлүөнэ ыччакка сүөргү көстүү, куһаҕан холобур буолар. Ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн буруйу оҥорууга, арыгылаан түбэһиигэ Майа бастакы миэстэҕэ сылдьар. Онон норуот талбыт баһылыга буолан тураммын, бэйэбит кэнниттэн хаалар ыччаппыт туһугар дьоммун-сэргэбин “Чөл олохтоох сэлиэнньэ” диэн ыстаатыһы ылар хайысхаҕа үлэлииргэ ыҥырабын, ылыныллар сөптөөх быһаарыныылары өйөөн бу хамсааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар эрэнэбин”, — диэтэ. Баһылык олохтоох дьаһалта уонна уопсастыбаннас ааттарыттан чөл олоххо ыытыллар үлэҕэ-хамнаска күүс-көмө буолалларыгар махтанан туран Матвей Иванович Лыткиҥҥа Грамота уонна саха быһаҕын, Любовь Михайловна Марковаҕа Грамота уонна Майа устуоруйатын кэпсиир 2 томнаах кинигэни бэлэх уунна.
Майаҕа дьиэ кэргэн киинин салайааччы Владлена Павлова сэлиэнньэҕэ чөл олоххо сыһыаннаах кумааҕынан итиэннэ (Google) гугл-ыйытык ыытыллыбытын түмүгүн билиһиннэрдэ. Майа олохтоохторугар арыгыны иһэҕин дуо диэҥҥэ 1380 киһи кыттыбытыттан 1292 киһи испэппин, 12 киһи нэдиэлэҕэ 1-дэ, 15 киһи ыйга 1-дэ, 55 киһи биирдэ эмэ диэн хоруйдаабыттар. Табаҕы тардаҕын дуо диэн ыйытыкка 975 киһи тардыбаппын, 405 киһи табахтыыбын диэн хоруйдаабыттарын эттэ уонна бары кыттыбыттарга махтанан туран чөл олохтоох киһи элбэҕиттэн үөрүүтүн үллэһиннэ итиэннэ Чөл олох сылынан куһаҕан дьаллыктаахтары босхолонорго ыҥырда.
“Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Татьяна Артемьева, дьиэ кэргэн киинин салайааччы Владлена Павлова чөл олоҕу көҕүлүүр баннердары, видео роликтары слайданан көрдөрдүлэр.
“Чөл олохтоох Саха сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин:
— Чөл олоххо тоҕо үлэлиигит диир буоллахха, бу биһиги норуоппут дьылҕата. Арыгы, табах тустарынан араас этиилэри, саҥалары куруутун истэбит. Кыһалҕа сүнньэ үлэлии олорор салалта хайа диэки хайыһан турарыгар сытар. Манна даҕатан эттэхпинэ, бу эһиги улуускут уонна Майаҕыт сэлиэнньэтин баһылыктара арыгы испэт, табах таппат чөл олохтоох дьон буоланнар үлэни күүскэ ылсан ыыталлар, кинилэри харыстааҥ. Аан дойду таһымыгар ылан көрөр буоллахха, арыгы күүскэ дьайар наркотик буолан эти-хааны улаханнык айгыратар. Дьиэҕэ-уокка ийэ, аҕа, эбээ, эһээ туттар буоллахтарына оҕо бу үчүгэй ас курдук көрөн бырагыраамаланан улаатар, — диэтэ. Кини профессордар Лео Бокерия Арассыыйа саамай элбэх арыгыны иһэр судаарыстыба буоларын, аны 40 сылынан 50 мөлүйүөн нэһилиэнньэтин сүтэриэн сөбүн, Александр Маюров тыйыс килиимэттээх Саха сирин олохтоохторугар арыгыны иһии охсуута ордук улаханын, Карл Башарин киһи доруобуйата бэйэтин илиитигэр буоларын, сир үрдүгэр баар тыынар тыыннаахтан киһи эрэ бэйэтин бэйэтэ атарабыы гынарын, биир да кыылга маннык суоҕун, академик Федор Углов арыгы сымыйаҕа олоҕурарын, алкоголь мэйии килиэккэлэрин өлөрөрүн дакаастаабыттарын сырдатта. Ханнык аймахха элбэх арыгы кутуллар да оччонон ыччата кэхтиигэ, төттөрү түһүүгэ барарын, үлэни кыайбат, сатаан үлэлээбэт, кыайан толкуйдаабат нэһилиэнньэ элбээн иһэрин, өлүү үрдүүрүн, Дьокуускайга сылга 6,5 млрд солкуобай харчы арыгыга кутулларын, итинэн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр улахан хоромньу оҥоһулларын, о.д.а. киһи хараастар чахчыларын холобурдаата. “Саха сиригэр чөл олоҕу бастакынан тэрийбит киһибит Өксөкүлээх Өлөксөй буолар. Кини Саха сиригэр 1 киһиэхэ 1 л арыгы тиксэр эрдэҕинэ өссө “Арыгы” диэн айымньытыгар бу норуоту эһэр ас диэн суруйбут. Михаил Николаев доруобуйа суолтатын өрө көтөхпүт өҥөлөөх салайааччы буолар. Билигин дойдуга анал байыаннай дьайыы буола турарынан «сухой» сокуон киириэхтээх, арыгы олох бобуллуохтаах, хайаан да хааччахтааһын киириэхтээх уонна өйдөтөр үлэ күүскэ барыахтаах. “Саха киһитэ, өйдөөх буол, инникигин сарбыныма!”, “Арыгыны атыылаһыма, абааһыны аһатыма!” Киин сирдэргэ маннык суруктаах былакааттар, баннердар ыйаныахтаахтар”, — диэн түмүктээтэ.
“Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы, РФ үтүөлээх учуутала Анна Сергучева:
— Оҕону арыгыга бырагыраамалааһын дьиэ кэргэҥҥэ, уопсастыбаҕа барар, арыгы, табах атыылыыр маҕаһыыннар киин сиргэ тураллара төрүөт буолар, оҕо арыгыны, табаҕы амсайда да бу кинини олоҕун тухары арыаллыан сөп. Манна тиэрдибэт сыалтан оҕону кыра эрдэҕинэ халбаҥнаабат тирэхтээх майгылаах, бэйэтигэр эрэллээх буоларга иитэргэ, төрөппүттэри, тэрилтэлэри кытта үлэлиэхтээхпит. Майаҕа чөл олох сыла биллэриллибитинэн 43 уопсастыбаннай түмсүүлэр, 21 түөлбэлэр, дьахтар сэбиэтэ, аҕа сүбэтэ тугу үлэлииллэригэр биир кэлим былаан оҥоһуллан үлэ ыытыллыан наада. Дьон өйүн-санаатын уларытарга, төрөппүттэри, иһэр дьону кытта бары хайысхаларынан өйдөтүү үлэтэ киэҥник барара наада. Олохтоох дьаһалтаны кытта бары кыттыһаммыт өйдөтүү үлэтигэр бииргэ үлэлээтэхпитинэ кыаллыан сөп. Онтон тэрилтэлэргэ бырааһынньыктар арыгылаах барар буоллахтарына ити олох кыаллыбат, култуурунайдык иһии саамай алдьатыылаах буоларын өйдүөхтээхпит, — диэтэ.
Улуустааҕы баһаарынай чаас өйдөтөр-сэрэтэр үлэҕэ салайааччыта Екатерина Яковлева чөл олох пуорумнара барара наадалааҕын, улууска буолар баһаардар биричиинэлэрэ үксэ арыгы иһииттэн барарын ыйда. Аһаҕас уоту туттарга ирдэнэр быраабылалары тутуһарга, сэрэхтээх буоларга эттэ.
“Нам оройуона чөл олох иһин” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Любовь Маркова уопутун үллэһиннэ. 2010 с. улууска 24, Нам сэлиэнньэтигэр 12 арыгы маҕаһыыннара бааллара, билигин улуус үрдүнэн уопсайа 4 маҕаһыын хаалан тураллар. Арыгы маҕаһыыннара оҕо тэрилтэлэриттэн, дьон маассабайдык мустар сирдэриттэн 3000 миэтэрэ тэйиччи сиргэ турарын туруорсаннар билигин улуус киинигэр ГАИ аттыгар, нэһилиэк түгэҕэр уонна бөх сүөкүүр сир аттыгар баалларын ыйда. Сыыппаралары этэригэр арыгы маҕаһыыннара элбэх эрдэхтэринэ арыгы атыылыыр чааһынай маҕаһыын, наркотик элбэҕин, билигин арыгы маҕаһыыннара сабылланнар чааһынайдар көстөр буоланнар тохтообуттарын, арыгы иһиитэ аҕыйаан наркотик аччаабытын бэлиэтээтэ. Арыгыттан төһөлөөх олох айгыраабытай, төһө элбэх киһи суорума суолламмыта буолуой?! Онон дьоммут ити дьаллыктан тэйэн иһэллэригэр, норуоппут ахсаанын харыстыырга, элбэтэргэ кыһаллыахтаахпытын, билигин тутуллубут таас оскуолаларбытыгар эт-хаан өттүнэн чэгиэн, доруобай ыччат үөрэниэн, оннук дьону иитэн таһаарарга үлэлиэхтээхпитин, онно орто уонна аҕа саастаах көлүөнэ дьон бэйэбитинэн холобур буолуохтаахпыт диэн эттэ.
Улуус Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Зиновий Игнатьев, “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн Сардаана Колосова, успуорт бэтэрээнэ Афанасий Илларионов, “Эркээйи” хаһыат волонтера Любовь Дьячкова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Галина Олесова кэпсэтиигэ кыттан сүрүннээн арыгы маҕаһыыннарын үлэлэрин, дьиэ кэргэҥҥэ арыгы иһиитин, култуурунай арыгылааһыны тохтоторго, оҕо кыратыттан арыгыта суох эйгэҕэ улаатарын ситиһэргэ, дьоро күннэри арыгыта суох атаарарга, “Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо” бырайыагы өйүүргэ, тарҕатарга, маассабай успуорду көҕүлүүргэ, оскуолаларга валеология уруоктарын сөргүтэргэ, түөлбэлэринэн кэнсиэри туруорсарга, сахалыы иитиллиигэ эргиллэргэ, көмүскэллээх, харысхаллаах буоларга, аһылык хаачыстыбатын хонтуруоллуурга санааларын эттилэр.
Түмүккэ баһылык Алексей Неустроев 2024 сылга – Чөл олох сылыгар саҥа ыал буолар ыччакка аһыы утаҕа суох уруу тэрийэр буоллахтарына 50 тыһыынча солкуобайдаах көмө оҥорорго дьаһал таһаарбытын иһитиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска, сэлиэнньэҕэ чөл олоҕу тарҕата сылдьарынан Анна Сергучеваҕа Махтал суругу кытта Майа устуоруйатын кэпсиир 2 томнаах кинигэни туттарда.
Мунньах түмүгүнэн Майа сэлиэнньэтин олохтоохторугар ыҥырыы ылыннылар. Манна хас биирдии киһи дьиэ кэргэҥҥэ арыгы иһиитин, табаҕы тардыы утары күүстээх үлэни ыытарыгар, арыгы атыылыыр маҕаһыыннары сабарга үлэни ыытарга, култуурунай арыгылааһыны тохтоторго, оскуолаларга чөл олох уруогун киллэрэргэ, тэрилтэлэр салайааччыларыгар сэрэтэр үлэни күүскэ тэнитэргэ, дьокутааттар, түөлбэлэр салайааччылара ыалларынан сылдьан ыйытык оҥорон кулун тутарга Ил Түмэҥҥэ киллэрэргэ диэн ыҥырыыларын 100 бырыһыан куоластаан өйөөтүлэр.
Арыгыта, табаҕа суох чөл олох – аныгы кэм ирдэбилэ.
Марелла Баишева.