Бүгүн “Арассыыйа – мин дойдум” устуоруйа пааркатыгар “Юнармия” Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо байыаннай-патриотическай уопсастыбаннай хамсааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөт сабыллыыта буолан ааста.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга биһиги оскуолабыт 11 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ: Николаев Мичил, Сергучева Луиза “Юнармейская доблесть” үһүс истиэпэннээх түөскэ кэтиллэр мэтээлинэн наҕараадаланнылар🎖👏👏🎖👏Бэлиэтээн эттэххэ, Мичиллээх Луиза бэһис кылаастан “Эдэр армеец» уопсастыбаннай хамсааһын ыытар араас тэрээһиннэригэр, күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Түгэнинэн туһанан, оскуолабыт иһинэн үлэлиир «Звезда» байыаннай-патриотическай кулууп салайааччыталарыгар Семенова Марфа Николаевнаҕа, Борисов Никандр Леонидовичка уонна оҕолор төрөппүттэригэр истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит👏👏👏
«Мэҥэбил» пресс-киин