Бүтэйдээхтэр өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээтилэр

Бэлиэ күн Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт «Холбос» иннигэр баар Кузьма Осипович Гаврилов искибиэригэр мустан миитин тэрийдилэр, пааматынньыкка тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Миитини Бүтэйдээхтэр Дьокуускай куоракка олорор дьоммут түмсүүлэрин салайааччыта Владимир Аринкин салайан ыытта.
Бүтэйдээххэ маннык тэрээһиннэри ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Автономияны турууласпыт, сайыннарбыт саха саарына Кузьма Гаврилов аатын үйэтитиини, кэриэстээһини кытары быһаччы ситимнээх. Бүгүҥҥү миитиҥҥэ улуус салалтатыттан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, үөрэх управлениетыттан Николай Тарасов кытыннылар.
СӨ Өрөгөй ырыатынан өрөспүүбүлүкэ былааҕын көтөҕөр чиэс улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайловка, нэһилиэк баһылыгар Айаан Чичаховка, К.О.Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатын дириэктэригэр Михаил Нестеровка, үөрэнээччилэр актыыптарын лиидэригэр Антон Поповка тигистэ. Салгыы эҕэрдэ тыллары Василий Михайлов, Николай Тарасов, Айаан Чичахов, нэһилиэк бэтэрээннэрин ааттарыттан СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Игнатьев, нэһилиэк бочуоттаах гражданина Анна Филиппова тиэртилэр.
Олохтоох дьаһалта сэлиэнньэбит, Таҥарабыт дьиэтэ төрүттэммиттэрэ 200 сылларыгар улуустааҕы тэрийэр хамыыһыйатын салайан кэлбит Василий Михайловка махтанан туран, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар. Улууска 7000-х оҕону Күн сирин көрдөрбүт эдэр ыалга Надежда, Дмитрий Титовтарга улуус дьаһалтатыттан сэртипикээт туттарылынна. Тэрээһини салайан ыыппыт Ньургуйаана Прокопьева Саха сирин туһунан ырыаны бэлэхтээтэ. Түмүккэ оҕолор уонна ыалдьыттар К.О.Гаврилов пааматынньыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Нэһилиэк пресскиинэ.