Бүтэйдээххэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманы нэһилиэнньэ биһириир, биир санаанан куоластыыр

2025 с. СӨ Үп министиэристибэтэ тэрийэн ыытар тыа нэһилиэктэригэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама (ППМИ) куонкуруһугар кыттыы туһунан нэһилиэнньэ уопсай мунньаҕа алтынньы 3 күнүгэр буолан ааспыта.

Мунньахха түөрт бырайыак көрүллүбүтэ: ыһыахтыыр сири тупсаран оҥоруу, Анисимов, Попов ааттарынан уулуссалар өрөмүөннэрэ, «Хоолдьук» кылабыыһа олбуорун саҥардыы, о.д.а. атын этиилэр. Ырытыһыы түмүгүнэн «Хоолдьук» кылабыыһа олбуорун саҥардар бырайыагы олохтоохтор талан куоластаатылар. Хас биирдии киһиттэн 1000 солкуобай хомуллар буолла. Инники сылларга үлэлээн-хамсаан кэлбит хамыыһыйа састааба, нэһилиэк дьокутааттара бырайыак уларыйбат диэн куоластаатылар.

Быйыл бырагырааманан нэһилиэккэ сайыҥҥы уу ситимин тутууга матырыйааллары ыллыбыт. Урукку уу ситимин саҥардан 2 мөлүйүөн 660 солкуобайга полиэтиленовай турбалары «Эгопласт» тэрилтэттэн атыыласпыппыт.

Араас хайысхалаах бырайыактар олоххо киирэллэригэр нэһилиэкпит хас биирдии олохтооҕо өйөбүл буолан инникитин да Бүтэйдээхпит сылын аайы сайдан, тупсан истин диэн баҕалаахпыт. Бүтэйдээх дьоно-сэргэтэ бырагырааманы биһириибит уонна өссө да бу хамсааһын салҕана турарыгар баҕарабыт.

Нэһилиэк дьаһалтатын пресс-киинэ.