Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, от ыйын 1 күнэ Национальнай бэчээт күнүнэн биллэриллибитэ.
Үтүө үгэс быһыытынан, быйыл саха тылынан суруйар суруналыыстар ортолоругар көҥүл тиэмэҕэ «Уһун Дьурантаайы» аһаҕас күрэх буолан ааста.
СӨ инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун Саха Сиринээҕи салаата уонна Арассыыйа национальнай СМИ-лэрин ассоциацията тэрийэн ыытар күрэҕэр 34 суруналыыс кытынна, 63 сайаапка, 167 үлэ киирдэ.
Айар үлэһиттэр сэттэ жанрга күрэхтэстилэр, кинилэр үлэлэрин сыаналыыр дьүүллүүр сүбэ бастыҥнары талла. Бу күрэххэ «Эркээйи» хаһыат эрэдээктэрэ Алена Докторова
«Бастыҥ кэпсэтээччи» тосхолго I миэстэни ылла.
Национальнай бэчээт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн Үс Хатыҥ ытык сиригэр өрөспүүбүлүкэ бэчээтин эйгэтин үлэһиттэригэр анаан ыытыллыбыт ыһыахха салаа кэккэ үлэһиттэригэр наҕараадалары туттардылар.
«Эркээйи» хаһыат эрэдээксийэтигэр өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн кэлбит Анна Осиповаҕа «Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна» аат иҥэрилиннэ.
Анна Николаевна тэрилтэ, сэлиэнньэ уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар, талааннаах тарбахтаах иистэнньэҥ, норуот маастара, Үһүс көлүөнэ оскуолатын уһуйааччыта. Өрөспүүбүлүкэ бэчээтин үлэһиттэрин ыһыаҕар саха мааны таҥаһын куонкуруһугар бэйэтэ оһуордаан-мандардаан тикпит таҥаһынан кыттан иккис миэстэни ылла.
Бары биир идэлээхтэрбитин уонна уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбитин Национальнай бэчээт күһүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит, өссө да үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэ дьолу-соргуну баҕарабыт.
Биһиги кэр.