Биһиги ыччаттарбыт – биһиги киэн туттуубут

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муус Устар – 2024» ыччат бэстибээлэ эдэр ыччаты араас хайысханан үтүөҕэ-кэрэҕэ көҕүлүүр, үрдүккэ кынаттыыр бэстибээл буолар. Төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт бэстибээлгэ биһиги улуустан 108 бастыҥ ыччаттарбыт киирэн, 14 трек 24 хайысхатыттан 20 хайысхатыгар ситиһиилээхтик кытыннылар. Уопсай түмүккэ иккис миэстэ буолары ситистилэр.

Олунньу 26 күнүгэр бу дьоһун ситиһиинэн, Дмитрий Ходулов аатынан култуура киинигэр улууспут аатын ааттаппыт эдэр ыччаттарбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээтилэр. Бастыҥ ыччаттарбытын улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, улуустааҕы социальнай бэлиитикэ управлениетын салайааччыта Октябрина Кулешова эҕэрдэлээтилэр.

Бэстибээл түмүгүнэн Мэҥэ Хаҥалас ыччаттарын ситиһиилэрин түмэн билиһиннэрэбит:

  • «СулуСТАР» ырыаһыттар күрэхтэригэр Линда Захарова (Дмитрий Ходулов аатынан норуот тыйаатырын уус-уран салайааччыта) 3-с миэстэ;
  • «Күн» аныгы тэтимнээх үҥкүү күрэҕэр «Кыталык» үҥкүү ансаамбыла (салаайааччылар Сардаана Макарова, Александра Соловьева, Алена Давыдова) 1-кы миэстэ;
  • «Хомус тэтимэ» эдэр хомусчуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэҕэр Мария Иванова (Дмитрий Ходулов аатынан норуот тыйаатырын исписэлииһэ) 3-с миэстэ;
  • Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үлэлии, дьарыктана сылдьар эдэр ыччаттарбыт Наталья Плотникова, Власий Петров, Лилия Пономарева «Эдэр аграрий» интеллектуальнай оонньуу трегар икки хамаанда тэринэн кыттыбыттарыттан Ньургун Габышев, Дьулустаан Говоров, Денис Жирков хамаандалара 2-с миэстэ;
  • «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу эйгэтигэр бастыҥ эдэр ааптар» күрэҕэр «Саха сирин туристическай сувенирын бастыҥ эдэр ааптара» Уйгулаана Филиппова («Идея» хампаанньа салайааччыта) 3-с миэстэ;
  • «Бастыҥ эдэр асчыт» Диодор Елисеев (Р.А.Бурнашев аатынан Табаҕа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ) 1-кы миэстэ;
  • «Доброволец Якутии» волонтердарга регионнааҕы бириэмийэ олохтооһун түмүгүнэн Владлена Павлова («Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин дьиэ кэргэн киин салайааччыта) сыл бастыҥ волонтерын аатын ылбыт;
  • Бастакытын «Муус устар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт «ЯФФ» (Якутский футбольный фристайл) «Всё для спорта, всё для здоровья, всё для Якутии» диэн дэбиистээх күрэҕэр Виктор Борисов («ЯкутскЭнерго» Төҥүлүтээҕи сетевой учаастак электромонтера) 1-кы миэстэ;
  • «Дьоллоох дьиэ кэргэн – дьоллоох өрөспүүбүлүкэ» эдэр дьиэ кэргэҥҥэ анаан ыытыллыбыт хаартыска күрэҕэр «Воссоздание» номинацияҕа Алтан нэһилиэгин эдэр ыала Майя, Дмитрий Билюкиннар кыайыылаах үрдүк аатын ылбыттар. Билюкиннар саха худуоһунньуга Андрей Чикачев «Преемственность поколений» хартыынатын сөргүппүттэр;
  • Саха сирин норуотун үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун, төрүт култууратын билиигэ анаан ыытыллыбыт «Время традиций» куонкурус «Этно Мы» трегэр Светлана Никитина («Кыталык» оҕо эстетическэй киин исписэлииһэ), Айта Васильева (Г.Колесов аатынан «Олоҥхо дьиэтэ» оройуоннааҕы норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта), Ариан Пермяков (Г.Колесов аатынан «Олоҥхо дьиэтэ» оройуоннааҕы норуот айымньытын киинин режиссера) кылаан чыпчаал кыайыылаахтара буолбуттар;
  • «Үлэҕэ-хамнаска уонна оборонаҕа бэлэммин» Бүтүн Арассыыйатааҕы физкультурнай-спортивнай комплекс (ГТО) күрэхтэһиитин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Саха сирин ыччата! Биһиги Бэлэммит!» күрэҕэр улууспут хамаандатын чилиэннэрэ: Сахая Олесова (И.Г.Игнатьев аатынан Хара орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ), Карина Колодюк (М.Е.Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ), Максим Федоров (В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ), Дмитрий Бляхович (М.Е.Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ), Полина Васильева («Парус» успуорт комплексын инструктора), Намина Говорова (Дьокуускайдааҕы инновационнай технология коллеһын 1 кууруһун устудьуона), (Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай институтун устудьуона) 31 хамаандаттан 4-с миэстэни ылары ситиспиттэр.

Эдэр саас – киһи өйө-санаата, кэрэҕэ тардыһыыта, талаана, дьоҕура саамай сайдар, тоҕоостоох кэмэ. Онон «Муус устар» бэстибээл Сахабыт сиригэр ыччат дьоҕурун, ис кыаҕын сайыннарарыгар кыах биэрэр бастыҥ тэрээһин буолар.

Бэстибээл кэрэ эйгэтэ өссө да элбэх ыччаттары көҕүлүү, ыҥыра-угуйа, кыайыыга кынаттыы турдун!