Спорт көрүҥүттэн волейбол биир саамай тэнийбит, элбэх дьон сөбүлээн дьарыктанар көрүҥэ буолар. Саха сиригэр волейбол сайдыыта дириҥ устуоруйалаах.
Тохсунньу 13‒14 күннэригэр Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар аҕыйах нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэр икки ардыларыгар 10-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах волейболга күрэхтэһии буолан ааста. Өрүү буоларын курдук, таһымнаах нэһилиэктэр кэлбиттэр. Эр дьоҥҥо 15, дьахталларга 8 хамаанда кэлэн, күрэхтэһии бэрт тыҥааһыннаахтык ааста. Киин улуустар таһымнара өрүү үрдүк буолан, быйылгы күрэхтэһиигэ бүлүүлэр миэстэлэһэн, үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
Уолаттарга: 1 м Бэдьимэ (Мэҥэ Хаҥалас), 2 м Сулҕаччы (Амма), 3 м Тамалакаан (Үөһээ Бүлүү), кыргыттарга: 1 м Танда (Уус Алдан), 2 м Бэдьимэ (Мэҥэ Хаҥалас), 3 м Көбөкөн (Нам) ылары ситистилэр. Тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста. Олохтоохтор итии аһынан, сылаас гарааһынан, спортсменнар хонор сирдэрин бэркэ хааччыйан, түмсүүлээхтэрин, тэрээһиннээхтэрин көрдөрдүлэр. Күрэхтэһиини өрөспүүбүлүкэ волейболга федерациятын салайааччылара хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыттааччылаах күрэхтэһии буолан ааспытын астына бэлиэтээтилэр.
Бэдьимэ хамаандатын ыччаттарыгар өссө да ситиһиилэри, таһымнара үрдүү турарыгар баҕарыаҕыҥ.
Марина Яковлева. Бэдьимэ