Бөдөҥ улууһу сылааһынан, сырдыгынан хааччыйар соругу толорууга күннэри-түүннэри түбүгүрэллэр

Ахсынньы 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн сибээстээн хас биирдиибит олоҕор тыын суолталаах – олорор дьиэлэрбитин, үлэлиир тэрилтэлэрбитин сылааһынан, сырдыгынан хааччыйар аналлаах дьоһун, эппиэтинэстээх идэлээх дьон, Майатааҕы РЭС бүгүҥҥү үлэтин-хамнаһын билсээри тэрилтэ салайааччытын Станислав Оконешниковы кытта кэпсэттибит.

 

Станислав Семенович Оконешников 1982 с. Майаҕа төрөөбүтэ. Оскуола кэнниттэн Благовещенскай куоракка Амурдааҕы судаарыстыбаннай университекка киирэн ситиһиилээхтик үөрэнэн, 2005 с. инженер-энэргиэтик идэтин баһылаан бүтэрбитэ. Эдэр исписэлиис бастаан «Дьокуускай куорат электрическэй ситимнэрэ» тэрилтэҕэ маастарынан үлэтин саҕалаабыта, онтон тэрилтэ старшай маастарынан, начаалынньыгы солбуйааччынан үлэлээбитэ. 2020 с. Майатааҕы РЭС тэрилтэҕэ начаалынньыгынан ананан кэлбитэ.

 

— Станислав Семенович, улууспут биир тутаах, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэтин үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин. Кэпсэтиибитин тэрилтэҕэ билигин төһө киһи үлэлиириттэн, кэлэктиипкин билиһиннэрииттэн саҕалыахха.

— Майатааҕы РЭС тэрилтэҕэ бүгүҥҥү күҥҥэ 110 киһи үлэлиир. Төҥүлүгэ, Табаҕаҕа, Аллараа Бэстээххэ ситиммит учаастактара бааллар. Тэрилтэбит үлэһиттэрэ идэлэрин толору баһылаабыт, үрдүк эппиэтинэһи толору сүгэр кыахтаах, наада буоллаҕына күнү-дьылы аахсыбакка үлэлиир дьон буолаллар.

Кинилэр толорор эбээһинэстэринэн тус-туспа хайысхаларга арахсаллар: Майа уонна чугас эҥэрдээҕи нэһилиэктэргэ намыһах күүрүүлээх лииньийэлэри, улууска баар үрдүк күүрүүлээх уот лииньийэлэрин, подстанциялары көрөр-истэр, саҥа эбийиэктэри уот лииньийэтигэр (технологическай) холбооһуҥҥа эппиэттээхтэр, оперативнай диспетчердэр, нэһилиэнньэни кытта үлэлиир хонтуруоллааччылар бөлөхтөрө, тырааныспар сыаҕа диэн бааллар.

Кэлэктииппитигэр өр сыл бэриниилээхтик үлэлээн кэлбит Юрий Колодезников, Прокопий Митрофанов, Петр Никитин, Антон Никаноров, Афанасий Скрябин, Егор Сотников, Борис Стрельцов ааттарын киэн тутта ааттыыбыт. Эдэр исписэлиистэр аҕыйаҕа суохтар, кинилэр ортолоругар Афанасий Никитин, Иван Егоров, Прокопий Бястинов, Василий Борисов, Кирилл Андреев, Николай Эверстов, Павел Олесов аҕам саастаах биир идэлээхтэрин уопуттарын ылынан, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар.

— Майатааҕы РЭС өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ улууһун уотунан-күөһүнэн хааччыйан олорор итиэннэ бэрт элбэх эбийиэктээх тэрилтэ буоларынан, былааннаах да, саахал, алдьаныы-кээһэнии тахсар түгэнигэр суһал да үлэтэ кырата суоҕун өйдүүбүт. Ону нэһилиэктэргэ баһылык, Бырабыыталыстыба отчуоттарыгар сырыттахха нэһилиэнньэттэн бэрт элбэх ыйытык, туруорсуу киирэринэн да сыаналыахха сөп. Ааһан эрэр 2023 сылга улуус энэргиэтиктэрэ туох-ханнык үлэлээн кэлбиттэрин билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.

— Саас сааһынан кэпсээтэххэ, маннык. Үлэбит биир сүрүн хайысхатынан тыаны солоон уот лииньийэтэ ааһар сирин ыраастааһын буолар. 2023 сылга «мульчер» диэн тыаны, маһы солоон бытарытар бөдөҥ тиэхиньикэнэн Майа – Аллараа Бэстээх лииньийэтигэр 71 гектардаах тыаны, Бөкө – Сото хайысхаҕа 10 гектары, Ороссолуода лииньийэтигэр 3,5 гектардаах сири ыраастаатыбыт. Ону тэҥэ былааны таһынан Хорообут – Сыымах, Төхтүр – Дьаам лииньийэлэргэ үлэлээтибит.

Уот лииньийэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрин ыыттыбыт. Туустаахха баар улахан подстанцияттан Мундулаахха баар носуос ыстаансыйатыгар барар лииньийэни өрөмүөннээтибит. Онно 2 анкернай уонна 23 мас опуоралары уларыттыбыт. Нуораҕана лииньийэтигэр былаан быһыытынан өрөмүөн ыыттыбыт. Онно 10 анкернай, 123 мас опуора, 2 тимир-бетон сыһыарыылаах анкернай опуоралары уларыттыбыт. Лииньийэтин СИП-боруобатынан тартыбыт. Ону таһынан Бүтэйдээх лииньийэтигэр 11, Суола лииньийэтигэр 10 уоту араарар-холбуур тэрили уларыттыбыт.

Майа сэлиэнньэтигэр «Гостиница» подстанцияттан барар лииньийэлэргэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ барда. Онно уопсайа 37 опуораны уларыттыбыт, боробуоттары СИП-кэ көһөрдүбүт. «Сельхозтехника» кыбаарталыгар 110 опуораны тимир-бетон сыһыарыылаахха уларыттыбыт, боруобаттарын СИП-кэ көһөрдүбүт.

Балыктаахха «Халдьаайы» подстанцияҕа хапытаалынай өрөмүөнү ыыттыбыт: тимир-бетон сыһыарыылаах саҥа опуоралары туруоран, боруобатын СИП-кэ уларыттыбыт, 72 саҥа опуораны туруордубут. Ону таһынан быйыл Моорук Суолатыгар «Оскуола» подстанцияҕа үлэлээтибит: 110 опуораны тимир-бетон сыһыарыылаан уларыттыбыт, боруобаты СИП-кэ көһөрдүбүт.

Майатааҕы РЭС көрүүтүгэр-истиитигэр 19 улахан подстанция баар. Подстанцияларга былаан быһыытынан орто уонна хапытаалынай өрөмүөннэри ыыттыбыт. Майаҕа баар «Чүүйэ» тарҕатар пууну, Төҥүлү, Ороссолуода, Аллараа Бэстээх уонна Хаптаҕай подстанцияларын, ол иһигэр ууну хачайдыыр носуос ыстаансыйатын подстанцияларын хапытаалынайдык өрөмүөннээтибит. Ону таһынан 19 подстанцияҕа барытыгар уочараттаах өрөмүөн ыытылынна.

Трансформатор кэмпилиэктэммит подстанцияларын (КТП) өрөмүөннээһиҥҥэ улахан үлэни оҥордубут. Бүтэйдээххэ овощехранилище, оскуола, Кутурук алаас, балыыһа, арыы собуотун, Майаҕа арыы собуотун, «Гостиница», «СХТ», кирпииччэ собуотун кыбаарталларын, Чүүйэҕэ оскуола, Таракка бастакы, иккис, Балыктаахха бөһүөлэги хааччыйар уонна «Халдьаайы» диэн КТП-ларга акылааты, күрүөтүн-хаһаатын өрөмүөннээтибит, уочараттаах өрөмүөн оҥордубут.

— Тэрилтэҕит олорор дьиэлэри, эбийиэктэри уот лииньийэтигэр холбооһун (технологическай холбооһун) үлэтин ыытар. Ааһан эрэр сылга төһө эбийиэги холбоотугут?

— 2023 сылга 458 дуогабары, опуора туруоран, лииньийэтин тардан, уокка холбоон, толордубут. Ол иһигэр «ДВ-Энерджи», «Армон», «Юпитер» диэн эбийиэктэри сылааһынан хааччыйар тэрилтэлэр хочуолунайдарын уокка холбоотубут. «Алаас ас» диэн тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибин, Өлөчөйгө биэлсэр-акушер пуунун, Маттаҕа тутуллар кырдьаҕастар дьиэлэрин, Моорук нэһилиэгэр ДьУоХХ эбийиэктэрин уокка холбооһун үлэлэрэ ыытылынна.

Биһиги тэрилтэбит уулусса уотун холбооһуҥҥа эмиэ үлэлиир. Быйыл Төҥүлүгэ, Хаптаҕайга суол-иис управлениетын эбийиэктэрин сырдатыыны, Нөөрүктээйи нэһилиэгэр ууну хачайдыыр носуоһу уокка холбоотубут.

— Маннык улахан кээмэйдээх үлэни ыытарга матырыйаалынан, анал тиэхиньикэнэн хааччыллыы ордук улахан оруоллаах буоллаҕа?

— Тэрилтэ уот ситимнэригэр хапытаалынай өрөмүөн ыытарыгар, о.д.а. үлэлэргэ бары наадалаах матырыйаалынан киинтэн, тиэндэр нөҥүө хааччыллар. Ону барытын сыл саҥатыгар тиэйэн аҕалабыт. Быйыл саҥа УАЗ-«буханка» массыына уонна биир КамАЗ-автовышка кэллэ, былырыын эмиэ УАЗ массыына биэрбиттэрэ. Онон анал тиэхиньикэнэн хааччыллыыга эмиэ сылтан сыл кыралаан саҥардыы барар.

— Үүнэр сылга Майатааҕы РЭС иннигэр турар соруктартан, үлэҕит былааннарыттан сүрүннэрин билиһиннэр эрэ.

— Эһиилги 2024 сылга үлэбит сүрүн хайысхаларыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ, бэйэбит күүспүтүнэн 7 үрдүк күүрүүлээх лииньийэҕэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтин ыытыахтаахпыт. Майа сэлиэнньэтигэр бастакы лииньийэҕэ, Хорообуттан Мэлдьэхсигэ барар лииньийэҕэ хапытаалынай өрөмүөн былааннанан турар. Аллараа Бэстээххэ «Таежнай» түөлбэҕэ баар трансформатор подстанциятыттан тахсар лииньийэлэргэ, Тиэлигигэ «Ферма-2», «Оскуола», Бырамаҕа, Нуораҕанаҕа «Оскуола», Тумулга «Гараас» трансформатор подстанцияларын лииньийэлэригэр хапытаалынай өрөмүөннэр ыытыллыахтара. 3 трансформатор подстанциятын акылаатын саҥардыыга, күрүөтүн-хаһаатын өрөмүөннээһиҥҥэ үлэлиэхпит.

Бэдэрээттиир тэрилтэлэр көмөлөрүнэн Аллараа Бэстээхтэн Ороссолуодаҕа барар уонна Табаҕаттан Наахараҕа барар үрдүк күүрүүлээх лииньийэлэргэ эмиэ хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрэ барыахтара.

Кэлэр сылга өссө бэйэбит тэрилтэбит гарааһыгар өрөмүөн үлэтэ былааннанар.

— Кэпсээниҥ иһин махтанабын уонна түмүккэ биир идэлээхтэргэр баҕа санааҥ.

— Тэрилтэ кэлэктиибин, бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыкпытынан – Энэргиэтик күнүнэн уонна кэлэн иһэр Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Баҕарыам этэ төһө кыалларынан саахала суох, таһаарыылаах үлэни, былааннаммыт соруктар туолууларын итиэннэ барыларыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну.

 

Февронья ОХЛОПКОВА.