Балыктаах бөһүөлэгэр култуура дьиэтигэр үгэс буолбут түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар «Идэһэ киэһэтэ‒2023» диэн быыстапка-дьаарбаҥка тэриллэн элбэх киһини түмтэ.
Күүтүүлээх тэрээһин аһыллыытын эҕэрдэ тылынан «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллии дьаһалтатын баһылык солбуйааччыта Иван Егорович Мохначевскай арыйда. Сэтинньигэ муҥха кэмэ буоларын быһыытынан быйылгы быыстапка-дьаарбаҥка кыһыҥҥы хаһаас ас көрүҥэ көмүс хатырыктаах, иҥэмтэлээх аспытыгар собо барахсаҥҥа ананан хас биирдии түөлбэ туруорбут быыстапкатыгар собо балыктан астаммыт ас,бүлүүдэ арааһын кэккэлэтэн дьон көрүүтүгэр туруордулар.
Өбүгэлэрбит балыктааһыҥҥа сиэри-туому тутуһаллара, элбэх үтүө үгэстэр күн бүгүҥҥэ дылы тиийэн кэллэхтэрэ. Ол курдук,муҥхаҕа саха далбар хотуттара мааны таҥастарын сайбаччы кэтэн киэргэнэн кэлэллэр эбит. Ити сиэри-туому билиһиннэрэн быыстапка саҕаланыытыгар бөһүөлэкпит бастыҥ иистэнньэҥ ийэлэрэ Анна Кычкина, Антонина Мордискина, Екатерина Ноговицына, Анисия Скрябина, Мария Семенова бэйэлэрэ айан таһааран, тутан-хабан тиктибит сахалыы кыһыҥҥы соннорун-бэргэһэлэрин,киэргэллэрин кэтэн сэгэлдьиһэ хааман көрдөрдүлэр,көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
Нэһилиэк биэс түөлбэтин олохтоохторо эрдэттэн биллэриллибит күрэхтэргэ бука бары күргүөмүнэн олус көхтөөхтүк кытыннылар. Күрэхтэһиини сыаналыыр дьүүллүүр сүбэҕэ «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин тэриллиитин баһылыгын солбуйааччы Иван Мохначевскай,нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Анастасия Чалкина,орто оскуола пуобара Анастасия Куприянова үлэлээтилэр. Хас биирдии түөлбэ туруо рбут быыстапкатын маннык ирдэбилинэн сыаналаатылар:собо балыктан астанар ас көрүҥүн арааһа,астаммыт ас көрүҥүн тас көстүүтэ(оригинальноһа), хас биирдии түөлбэ быыстапкатын турар миэстэтин тупсаҕайдык киэргэтиитэ.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастакы миэстэ «Сүрэх тыа» түөлбэ (сал. Наталья Ноговицына), иккис миэстэ «Лесной» түөлбэ (сал.Антонина Мордискина), үһүс миэстэ «Нагорнай» түөлбэ (сал. Яна Васильева) буоланнар анал грамотанан, бирииһинэн бэлиэтэннилэр.
Өссө түөлбэлэр анаан-минээн сүөһү кутуруктарын аҕаланнар «Уһун кутурук» куонкуруска кээмэйдээһин түмүгүнэн 1 миэстэ Евдокия Дьяконова, 2 миэстэ Айтал Васильев, 3 миэстэ Игорь Стручков ааттаннылар. «Саамай суон муос» куонкуруска Мария Ноговицына, Елена Гоголева, Ньургун Габышев кыайдылар. Быйылгы быйаҥнаах сайыҥҥа алаастарга мэччийэн төлөһүйбүт идэһэ этигэр «Саамай халыҥ сыалаах ынах этэ» куонкуруска Евдокия Дьяконова, Дьулус Говоров тэҥнээхтэрин булбатылар. Тэрээһини түөлбэ аайыттан сэргэх музыкальнай эҕэрдэлэр киэргэттилэр. Култуура дьиэтин коллектива «Идэһэ» сыаҥканы көрдөрдүлэр.
Салгыы ыһыылаах-хаһыылаах «Көрдөөх эстэпиэтэ» ыытылынна. Түөлбэ аайыттан хамаандаларга сааһыттан тутулуга суох үс эр бэрдэ,икки кэрэ аҥар кыттаннар түөлбэлэрин чиэһин көмүскээтилэр. Бастакы этап ‒ хамаанданан кутурук сүлүүтэ, иккис ‒ собону хатырыктаан үөстээһин, үһүс ‒ бары көмөлөөн билимиэн оҥоруута, төрдүс ‒ шары түһэрбэккэ илдьии-аҕалыы, бэһис ‒ ууну таһыы. Саамай түмсүүлээх, кыайыыга дьулуурдаах хамаанданан ааттанан бастакы миэстэни «Нагорнай» түөлбэ, бэрт кыранан хаалан «Аартык» иккис, «Сайдыс» түөлбэ үһүс миэстэ, төрдүс-бэһис миэстэлэри «Сүрэх тыа», «Лесной» түөлбэлэр ыллылар.
Кыһыҥҥы хасааһы ылынарга тоҕоостоох кэми баттаһан дьаарбаҥка-быыстапка кэмигэр нэһилиэк үлэһит дьоно бэйэлэрэ ииппит-төлөһүппүт сүөһүлэрин, убаһаларын этин, үрүҥ ас арааһын,муҥха сибиэһэй балыгын, бэйэ оҕуруотун аһын астаан аҕалбыт бородууксуйаларын, оскуола 11 кылааһын үөрэнээччилэрин оҥорбут-бэлэмнээбит астарын атыыта тэриллэн кэлбит дьон үөрэ-көтө атыылаһан быйылгы кыстыгы этэҥҥэ туоруоҕуҥ диэн санаалаах тарҕастылар.
Мария Захарова.