Алтынньы 20 күнүгэр Балыктаахха култуура дьиэтигэр Тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр анаан тэриллибит нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлээбит бары бэтэрээн үлэһиттэри, тырахтарыыстары, суоппардары, билигин үлэлии сылдьар «Хаххах» кэпэрэтиип үлэһиттэрин, пиэрмэр ыччаттары, бэтэринээринэй учаастак үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин, бары кэтэх хаһаайыстыбалаах нэһилиэк олохтоохторун ыҥыран итии чэйдээх сандалы тула сынньалаҥ тэрээһин буолан ааста. Бу киэһэ түбүктээх үлэттэн быыс булан кэлбит дьон үлэлээн ааспыт күүрээннээх кэмнэрин ахтан-санаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, араас оонньууларга кыттан сэргэхсийдилэр.
Истиҥ көрсүһүү кыттыылаахтара эдэр ийэлэр кыргыттарын кытта үҥкүүлэрин, орто оскуола кэлэктиибин толоруутугар «Балыктаах ‒ мин дойдум» ырыаны, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба эр дьонун толоруутугар «Ыллыыбын эһиэхэ анаан», «Ай-Тыас» фольклор бөлөҕүн толоруутугар «Дьөһөгөй», «Сайдыына» вокальнай бөлөх «Хомус тыаһа», трио «Аҕам алааһа» ырыалары, «Мүчүк» фольклор бөлөҕүн толоруутугар былыргылыы чабырҕаҕы иһиттилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Александр Куприянов үбүлүөйдээх саастарын туолбут үлэ бэтэрээннэрин ‒ 65 саастарынан Марфа Осипованы, Егор Сотниковы, 60 сааһынан Валерий Никитини эҕэрдэлээн анал бэлиэни, Эҕэрдэ суругу туттарда.
Бу үтүө-мааны күҥҥэ эҕэрдэ тылларын Екатерина Ноговицына, Дмитрий Захаров, Роман Гоголев, Татьяна Дьяконова, Надежда Рожина, Иван Мохначевскай тиэртилэр, үлэлээн ааспыт кэмнэрин, бииргэ алтыспыт-үлэлээбит доҕотторун үтүө тылынан санаан аастылар.
Бу киэһэ соһуччу үөрүүлээх түгэнинэн бырааһынньыктааҕы босхо лотерея оонньонуута буолла. Олохтоох култуура дьиэтэ олохтообут «Эҕэрдэ суругу таһаартарыыга полиграфия өҥөтө» сүүйүүнү Евгений Протодьяконов, эмиэ кинилэр олохтообут «10 өҥнөөх хаартысканы таһаартарыыга полиграфия өҥөтө» сүүйүүнү Евдокия Дьяконова, Семен Ноговицын олохтообут «Балыктаах‒Төҥүлү‒Балыктаах» маршрутунан такси босхо өҥөтө бирииһи Анна Захарова, Александр Ноговицын олохтообут «Вода» массыынанан дьиэҕэ-уокка туттуллар үс буочука ууну куттарар өҥөнү Надежда Рожина, олохтоох дьаһалта олохтообут «Бэйэ ылан бэлэмнээбит мууһун дьиэ таһыгар биир төгүл тыраахтарынан таһаарар босхо өҥөнү Роман Гоголев, Илья Бродников олохтообут «Балыктаах‒Дьокуускай» маршрутунан такси босхо өҥөтүн Тамара Дьяконова, Василий Скрябин олохтообут «Чааһынай гарааска биир хонукка босхо массыынаны туруоруу» бирииһи Анисия Скрябина, М.П.Габышев аатынан орто оскуола олохтообут «Бэйэ ылан бэлэмнээбит мууһун дьиэ таһыгар тиэйэн таһаарыы босхо өҥөтүн» Валентина Березкина тиксэннэр үөрүүлэрэ үксээтэ.
Үлэни өрө тутар, уйгуну-быйаҥы уһансар нэһилиэкпит үтүө үлэһит дьоно өссө да таһаарыылаахтык үлэлээҥ, ситиһиилээх буолуҥ.
Мария Захарова