Пепеляев ааҥнаан киириитин үнтүрүтүү эдэр саха республикатын, норуот улахан кыайыылара этэ. Норуот республиканы тула сомоҕолоспута, салалта ыыппыт политиката сөптөөҕө көстүбүтэ. Партията суох национальнай интеллигенция республиканы өйөөбүтэ. Амнистия ылан, сааларын-сэптэрин Сэбиэскэй былааһы ылынан ууран биэрбит “бастаанньыттар” ЯКНАРРЕВДОТ-ка киирэн үрүҥ генералы утары сэриилэспиттэрэ, охсуспуттара. Бу, мин санаабар, салалта улахан политическай кыайыыта этэ: амнистия ылбыт үрүҥнэртэн сорохторо Пепеляевка кыттыһыахтарын сөптөөҕө. ЯКНАРРЕВДОТ тэриллэн, үгүс «бастаанньаһыттар” Сэбиэскэй былааһы сэбиниилээх утарбыт буруйдарын, аньыыларын боруостаан үрүҥ генералы утары барбыттара. Кинилэртэн үрүҥнэр хамсааһыннарын биллиилээх киһитэ С. Михайлов – Чыамайыкы Пепеляевы үнтүрүтүүгэ үтүөлэрин иһин Саха КСК (ЯЦИК) Кыһыл көмүс бэлиэтинэн наҕараадаламмыта, көмүстээх Алдаҥҥа, биир тэрилтэтигэр салайар үлэҕэ сылдьан. 1927 с. “конфедералистарга” кыттыспыта. Тоҕотун билбэтим эрээри, сорох краеведтар этэллэринэн, тэрилтэтин үбүн, харчытын хаартылаан кэбиспит, итэҕэстэммит, ол иһин П.В. Ксенофонтовка кыттыспыт. Үөрэтэр сөп, сорох архивтар аһыллыбыттара. С. Михайловка “Саха маршала” диэн аат иҥмитэ – дииллэрин, биир бэйэм, саарбахтыыбын. Сахалар ол кэмҥэ “маршал” диэн байыаннай чыын баарын билбэттэр этэ. ССРС бастакы маршаллара 1935 с. Баар буолбуттара. Чан-Кай-ши, Франко эмиэ кэлин бу чыыны ылыммыттара.
Саха КСК кыһыл көмүс бэлиэтин ЯКНАРРЕВДОТ биир салайааччыта Таатта киһитэ Г.Ф. Сивцев ылбыта. К.К. Байкалов, И.Я. Строд, Е.И. Курашов эмиэ ылбыттара.
К.К. Байкалов наҕараадатын уола Л.К. Байкалов үөрэммит оскуолатын – Мэҥэ-Хаҥалас Табаҕа оскуолатын музейыгар биэрбитэ. Ону учуутала, мин аҕам С.В. Шишигин Ем. Ярославскай музейыгар туттарбыта. Бу олус сэдэх бэлиэ К.К. Байкалов атын тус малларын кытта музейга көрдөрүүгэ турар.
Саха КСК чилиэнин, республика Сэбилэниилээх Күүстэрин командующайын, Гражданскай сэрии Геройун, үрүҥ генерал Пепеляевы кыайыыны тэрийсибит, салайбыт Карл Карлович Байкалов сырдык аатын, кини үтүөлэрин умнуо суохтаахпыт, Дьокуускай куоракка кини аатынан сквер, памятник да турара сөп этэ. Киһи үтүөтүн умнубат омук, үтүөнү сыаналыыр норуот-кэскиллээх!!! Ону өйдүүр сөп.
Е.Шишигин,
РФ, СӨ культураларын үтүөлээх үлэһитэ,
Духуобунас Академиятын Бочуоттаах Академига,
СӨ ытык сүбэтин чилиэнэ.