Ахсынньы 8 күнэ ‒ сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүт күнэ
Ахсынньы 9 күнэ ‒ Аҕа дойду Дьоруойдарын күнэ
Быйыл сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 102 сылын итиэннэ 2024 сыл тохсунньу 15 күнүгэр хорсун быһыыны оҥорбута 80 сылын туолар. Дьоруой дойдутугар Баатараҕа (баһылык Дмитрий Акимов) Сүөдэр Попов сырдык аатын үйэтитэргэ былааннаах үлэлэр ыытыллаллар.
Федор Кузьмич Попов аймаҕа, буойун «Албан аат» үһүс истиэпэннээх уордьаннаах, «Хорсунун иһин», «Германияны Кыайыы иһин» мэтээллэрдээх, «Гвардеец» бэлиэлээх уо.д.а. наҕараадалаах, гвардейскай бойобуой знамя иннигэр, тус пулеметун тутан, хаартыскаҕа түһэр чиэстэммит хорсун саллаат Петр Кононович Попов сырдык кэриэһигэр уола Михаил Петрович Попов дьиэ кэргэнэ, аймахтара олорбут уулуссатыгар бэлиэ баннеры туруордулар.
Успуорт хамсааhынын 100 сылынан, Норуот сомоҕолоһуутун уонна Эр дьон аан дойдутааҕы күннэрин чэрчитинэн түөлбэлэринэн «Муус ылыыта‒2023» нэhилиэк иhинэн күрэтэһии буолан ааспыта. «Аартык», «Ситим», «Алаас» уонна «Эрэл» түөлбэ дьоно-сэргэтэ кыттыбыттара. Ылыллыбыт мууһу бэтэрээннэргэ, инбэлииттэргэ уонна соҕотоҕун олорор, байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммут дьиэ кэргэннэригэр түҥэппиттэрэ.
Дьоруой Ф.К.Попов аатынан сопхуоска киирэ сылдьыбыт нэhилиэктэр икки ардыларыгар (Баатара, I Баатара, Мэлдьэхси, Дьаҥхаады, Хорообут) «Дьоруой ыччаттара» диэн муҥхаҕа куоталаһыы Сыымахха Күрүөлээх Эбэтигэр сэтинньи 10 күнүгэр ыытыллыбыта. Күрэхтэһии 5 көрүҥнээҕэ: «Түргэн туттуу» уокка оттуллар маһы бэлэмнээбиттэрэ, «Чэйи өрүү» кэрэ аҥардар кыттыбыттара, «Мууһу бастыҥ алларыы», «Байанайдаах муҥха» элбэх балыгы ылыыга, «Бөдөҥ собо».
«Бөдөҥ собо» уонна күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕынан Дьаҥхаады нэhилиэгин ыччата тахсыбыта уонна куубагынан, сэртипикээтинэн наҕараадаламмыта. Инникитин сыл аайы ыытыллыаҕа диэн бигэ эрэллээх көһөрүллэ сылдьар куубак туттарылынна. Уопсай муҥхаҕа Абаҕа күөлүгэр кыһыл көмүс балыгы хаhыс да сылын туппут Эбэбитигэр, Күөх Боллох көмүс хатырыктааҕынан дэлэйдик күндүлээн бэтэрээннэрбитигэр, инбэлииттэрбитигэр, соҕотох олорор дьоммутугар, 70-ча киhиэхэ балык түҥэтилиннэ.
Өргөннөөх учаастагын электроуота сөргүтүллэн үлэҕэ киирдэ. Саха ынахтарын иитэр хаһаайыстыба (сал. В.П.Жирков) оннун булан үлэлиир, Үлэ сылынан бырабыыталыстыба эҕэрдэтин, бэлиэтээһиннэрин туттулар.
Инникитин Дьоруой төрөөбүт күнүн чэрчитинэн, «Снежный барс» күрэхтэһии, кэлэр 2024 сылга хорсун быhыытын оҥорбута 80 сылын көрсө улуус, өрөспүүбүлүкэ таhымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Нэһилиэкпитигэр Саҥа дьылы көрсө харыйа уотун уматыы бырааһынньыга, алгыс сиэрэ-туома араас куонкурстар, оҕолорго бэлэхтэр, биир дойдулаахпыт Джида шоу-кэнсиэрэ буолан ааста уонна 5 миэтэрэ үрдүктээх харыйа уота сандаарда. Тэрээһиммитин «Сана олох» тэрилтэ успуонсардаата. Тыа хаһаайыстыбатын саҥа хайысхата мүөтү оҥорон таһаарыы Сыымахха саҕаланна, инникитин да үлэлиир былааннаахпыт. Быйыл Дьокуускайга предприниматель Николай Анатольевич Сапаев сайын Сыымахтан ылбыт мүөтүн атыыга таhаарда.
Сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К.Попов аатынан Баатара орто оскуолатыгар (дир. Геннадий Макаров) 21 кадет өрөспүүбүлукэ араас улуустарыттан кэлэн үөрэнэ сылдьаллар. 14 үөрэнээччибит, итинтэн 2 Баатара ыччаттара Украинаҕа Ийэ дойдуларын өстөөхтөртөн чиэстээхтик көмүскээтилэр. Итинтэн, хомойуох иһин, 2 үөрэнээччибит эйэлээх олох иннигэр сырдык тыыннарын толук уурдулар. Кадет кылааһыттан 3 үөрэнээччибит «Эр санааланыы» уордьанынан, уо.д.а. мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Үгүстэрэ баҕа өттүлэринэн тылланан Ийэ дойдуларын өстөөхтөн көмүскүүргэ туруммуттара.
Баатара оскуолатын оҕолоро араас таһымнаах байыаннай-спортивнай улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кытталлар. Быйыл кулун тутар 23 күнүгэр «Эр санааланыы» уордьаннаах военрукпут, выпускникпыт Владислав Тарабукин сырдык аатын үйэтитэр «Баатара баатырдара» өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-спортивнай күрэхтэһиигэ бастакы миэстэни ылары ситиспиппиттэрэ. Дьокуускайга алтынньы 14 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьоруой аатын сүгэр оскуолалар күрэхтэһиилэригэр иккис бочуоттаах миэстэлэннибит. Оҕолорбут оскуолабыт, улууспут чиэһин олус бэркэ көмүскээтилэр. 22 оскуола кытынна. Хас да түһүмэхтээх күрэхтэһиигэ: визитка, быыстапка туруордубут, кэпсээтилэр, араас квест оонньуу оонньоотулар, онлайн видеопрезентация көрдөрдүбүт. Түмүккэ визиткабыт бастакы, уопсай түмүккэ иккис бочуоттаах миэстэни ыллыбыт.
Былырыыҥҥыттан агрохайысханы ылынан оскуолаҕа былааннаах үлэ ыытыллар. Быйыл Арассыыйа таһымнаах грант куонкуруһугар кыттан, кыайан 500 тыһыынча солк. сууманан наҕараадаланнылар. Баатара нэһилиэгиттэн төрүттээх чаҕылхай талааннаах убайдарын Дмитрий Ходуловы, Лааһар Сергучеву, Гаврил Колесовы, Эдьиий Настаа Варламованы, учууталын Валерий Ноевы утумнаан, туйахтарын хатарар кэскиллээх суолу тутуспут биир дойдулаахпыт Владимир Кузьмин‒Болуодьа «Ырам миэнэ ‒ ырыам» кинигэ-ырыанньыга тахсыбытыттан үөрдүбүт, сэргээтибит, истиҥник эҕэрдэлиибит, дойдутун, дьонун-сэргэтин сырдаппытыгар махтанабыт.
Баатара нэһилиэгэ саха норуотугар үгүс Саха Саарыннарын бэлэхтээбитэ. Билиҥҥи тосту уларыйыылаах кэмҥэ, кытыы сытар нэһилиэктэр кыһарҕаннарын уйунан, сылтан сылга көһөн иһэр күннээҕи кыһалҕаларбыт салҕанан, быһаарыллыбакка тураллара баар: оҕо уһуйаана, учууталлар уопсайдара, суол. Үбүлүөйтэн үбүлүөйгэ өрүкүйбэккэ, олохтоохтук ылсыһан, түмсэн быһаарыллар кэмэ кэлэрин эрэнэ күүтэбит.
Сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов дойдутүн дьоно- сэргэтэ олох, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьаллар. Эдэр ыччаппыт, үөрэнээччилэрбит биир дойдулаахтарын Сүөдэр Попов сырдык аатын утумнаан, чиэстээхтик Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр туруммуттарынан киэн туттабыт. Кыайыы көтөллөнөн дойдуларыгар эргиллэллэрин күүтэбит. Баатара оскуолатыгар уһуннук учууталлаабыт, дириэктэрдээбит, суруйааччы, суруналыыс күтүөппүт Уйбаан Сысолятин эппитинии «Сүөдэри солбуйан, Сүөдэрдии сүрэхтээх сүүһүнэн ыччаттар турдулар,бу чэгиэн кырдалтан, кынаты үүннэрэн үөрэнэ, үлэлии көттөллөр».
Мария Санникова.
Сыымах.