Астык дьаарбаҥкаҕа дьон-сэргэ тоҕуоруста

Майатааҕы “Алаас ыала” түмсүү көҕүлээһининэн ахсынньы 14 күнүгэр “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ атыы-тутуу дьаарбаҥката тэриллэн ыытылынна. Манна сарсыардаттан атыылааччылыын-атыылаһааччылыын элбэх киһи кэллэ. Өрүү буоларын курдук, “Хоту» СХПК оҥорон таһаарар аһа-үөлэ: ынах этэ, тыла, быара, арыыта, үрүҥ аһа толору тардылынна. Дьокуускайтан “Ас-Балык” “Эко-Север” тэрилтэтэ Чокурдаахтан, Аллараа Халыматтан, Булуҥтан аҕалыллыбыт туустаах, ыыһаммыт, тоҥ балык эгэлгэтин атыылаата. Сатабыллаах хаһаайыттар оҕуруот уонна сир аһыттан оҥорбут салааттары, барыанньалары , бурдук, үүт, эт астары бэлэмнээн аҕалбыттара хамаҕатык барда. Майаттан Татьяна Михайлова тортары, бурдук ас арааһын атыылаата. Ону таһынан илиинэн оҥоһуктар араастарын атыыга аҕалбыттар. Натуральнай таастартан киэргэллэри, доруобуйаҕа туһалаах табаардары Акулина Сыроватская, гипсовай оонньуурдары, сувенирдары Любовь Васильева, оҕуруоттан симэхтэри, доруобуйаҕа туһалаах табаардары Мария Павлова, “Global Trend” бородууксуйатын Оксана Захарова, Төҥүлүттэн кэтэх хаһаайыстыбалаах Екатерина Михайлова, Маргарита Габышева ас элбэх көрүҥүн, Томтортон Зоя Макарова, Анна Никифорова убаһа, биэ эттэрэ, иһэ, хаана, ойоҕоһо, эриллибит быара, хаһата, соркуойдаммыт, фаршируйдаммыт собо балык, о.д.а. аҕалбыттар.
Дьаарбаҥкаттан олохтоохтор астыннылар, Саҥа Дьылы баай астаах остуоллаах көрсөргө бэлэмнэр.
Марелла Баишева.