Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Майаҕа И.М.Сосин аатынан киин бибилэтиэкэҕэ Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, РФ театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, 2015 с. ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы “Золотой петух” 24-с киинэ бэстибээлин “Самая популярная иностранная актриса” анал аат кыайыылааҕа, Норуоттар икки ардыларынааҕы 4-с киинэ бэстибээлин “Дьахтар бастыҥ оруола” анал аат Гран-При хаһаайына, 2016 с. саха киинэтин таптааччылар “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” аат кыайыылааҕа Галина Ивановна Тихонова (1987-2018 .с.) кылгас, ол эрэн чаҕылхай олоҕор, ураты дьоҕурдаах айар үлэтигэр анаммыт “Сырдык суһум” кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук Суолатыттан төрүттээх Галина Ивановна Тихонова сырдык кэриэһигэр анаммыт ахтыы кинигэ Новосибирскай куоракка 250 ахсаанынан Деал кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит. Манна кини кылгас олоҕун, айар үлэтин туһунан ахтыылар, өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр тахсыбыт интервьюлар, хаһыаттарга тахсыбыт ыстатыйалар, хаартыскалар киллэриллибиттэр. Кинигэ тахсыытын Галина бииргэ төрөөбүт убайа, СӨ Ыччат бэлиитикэтин туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов сүрүннээтэ, бэчээккэ бэлэмнээтэ итиэннэ аан тылы суруйда СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Учууталлар учууталлара бэлиэлээх, Тараҕай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, ийэтин бииргэ төрөөбүт балта Парасковья Титовна Макарова, ахтыылары хомуйдулар СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Моорук нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, ийэтэ Варвара Титовна Тихонова, СӨ култууратын туйгуна, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Васильевна Турантаева, СӨ култууратын туйгуна, быраата Валентин Валентинович Макаров, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Софья Ивановна Зыкова. Кинигэ 5 түһүмэхтэн турар. Галина оҕо сааһа төрөөбүт-үөскээбит Суолатыгар ааспыта. 1-кы “Сүрэхпититтэн сүппэт” түһүмэххэ кини чугас дьонугар истиҥ тапталлаах, кыратыттан үлэҕэ сыстаҕас, кыайыгас-хотугас, күүстээх санаалаах, ылсыбытын тиһэҕэр тириэрдэр, ол эрэн чараас, уйан куттаах оҕо эбитин туһунан чугас дьонун ахтыылара кэпсииллэр. 2-с “Ойор күннээх оҕо сааһым кэрэһиттэрэ” түһүмэххэ оҕо сааһын доҕотторун, үөрэппит учууталларын, оскуолатааҕы сылларыгар бииргэ алтыһан улааппыт доҕотторун ахтыылара киирбиттэр. Манна кини оскуола эрдэхтэн бастыҥ уопсастыбанньык, спортсменка, ырыаһыт, үҥкүүһүт буоларын сэргэ, айылҕаттан айдарыылаах артыыс буолара биллибит. 3-с “Айар үлэ абылаҥнаах аартыктарын аргыстара” түһүмэххэ олоххо көстөр сэдэх дьоҕурдаах Олоҥхо тыйаатырын артыыһа буоларын бииргэ үлэлээбит артыыс доҕотторо кэпсииллэр. Кини хас биирдии толорор оруолугар улахан болҕомто ууран, турукка киирэн, дьоһуннаахтык ылсан көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик тириэрдэр артыыс буоларын артыыс доҕотторо бэлиэтээбитттэр. 4-с “Айар үлэтин сырдатыылар, интервьюлар” түһүмэххэ Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиир кэмигэр кини үлэтиттэн дуоһуйууну ылар артыыс буоларын бэлиэтиир сырдатыылар түмүллэн киирбиттэр. 5-с “Галина суруйуулара” түһүмэххэ Галина санаатын сааһылаан сурукка тиһэр дьоҕура сырдатыллыбыт. Кинигэни Галина Тихонова оскуолаҕа сылдьан ылбыт грамоталарыттан саҕалаан араас кэмнэргэ түспүт хаартыскалара, бэйэтэ сурукка тиһэн хаалларбыт буочара, QR-кодунан киирбит оруоллара ситэрэллэр.
Кинигэ сүрэхтэниитин бибилэтиэкэ кэлэктиибин күүһүнэн И.М. Сосин тылларыгар “Үчүгэй Суолабыт” ырыанан астылар. Парасковья Макарова кинигэҕэ үлэ хайдах барбытын сырдатта. Барыта 50-ча ахтыы киирбит. Кини Галинаны бары өттүнэн көрдөрөр элбэх матырыйаал хомуллан үчүгэй кинигэ тахсыбытыттан астынарын биллэрдэ. Манна Ефим Степанов элбэх көмөтүн бэлиэтээн махтанна. Бииргэ устудьуоннаабыт доҕотторо Галина Тихонова ситэн-хотон тыйаатыр сценатыгар умнуллубат оруоллары айбытын уйадыйа аҕыннылар. 8 сыл 11 киинэҕэ уһуллубут, элбэх испэктээкилгэ араас оруолларга итэҕэтиилээхтик оонньообут.
А.Д. Макарова аатынан култуура уонна ускуустуба коллеһын дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата, Тихоновтар дьиэ кэргэн доҕордоро Захар Никитин, артыыс буоларыгар уһуйбут учууталлара РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Ефим Степанов, РФ уонна СӨ норуодунай артыыһа Степанида Борисова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта Анна Исакова, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, Моорук мусуойун сэбиэдиссэйэ, саха тылыгар үөрэппит учуутала Аполлон Апросимов, АГИКИ театральнай ускуустуба кафедратын доцена, кураатара Александра Мучина киэҥ ис хоһоонноох ахтыылары оҥордулар.
СӨ култууратын туйгуна, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева ахтыытыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ: “Олоҥхо тыйаатырын кэлэктиибэ бары кэриэтэ көһөн кэллибит. Наһаа долгуйдубут. Галина чахчы сырдык киһи этэ. Тыйаатырга 2010 с. үөрэхтэрин бүтэрэн 4 кыыс кэлбиттэрэ, бииргэ үлэлээбиппит. Кинилэртэн бүгүн манна Лена Оленова, Наташа Корякина-Слепцова кэлистилэр. «Эллэй Боотур” испэктээкилгэ маассабай сыанаҕа бастакытын кыттан дьолломмуттара. Галина кып-кылгас да оруолу олус чаҕылхайдык оонньуура. Кытайга “Пионовая беседка” диэн испэктээкилинэн барбыппытыгар кинини кытайдар олус сөбүлээбиттэрэ. Дэгиттэр дьоҕурдаах киһи буолан СӨ култууратын туйгуна ааты бастакынан киниэхэ иҥэрбиппит. Наһаа сырдык киһи буолан билигин даҕаны аттыбытыгар баар курдук саныыбыт. Москваҕа олорон Аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлигэр ыҥырыллан ситиһиилээхтик кыттыбыта. Онно истиэнэҕэ кыттааччылар хаартыскалара туруоруллубуттарыгар автограф баттаталларыгар биһиги кыыспыт үчүгэй баҕайытык «Уйбаан Кыыһа” диэн илии баттаабыт. Кыһыл дорожканан Аан дойдуга биллэр киинэ эйгэтигэр үлэлиир улахан сулустары кытта кинилэртэн тугунан да хаалсыбакка тэҥҥэ хаамсыбыта. Онно араас бырайыактарга этии бөҕө киирбит этэ. Оҕотун Максимканы төрөппүтүгэр биһиги кэлэктиибинэн кэһии оҥорон ыыппыппыт уонна ол үгэспитин күн бүгүнүгэр диэри тутуһан кэллибит. Хас биирдии оруола туспа умнуллубат өйдөбүллээх. Саамай кэнники Матрена Корнилова туруорбут “Дьырыбына Дьырылыатта” испэктээкилгэ кини биирдэ эрэ Бүлүүгэ баран Дьырыбына Дьырылыатта оҕо эрдэҕинээҕитин оонньоон эмиэ атын ураты эйгэни оҥорбута. Галина бииргэ үөрэммит доҕотторунан, билиҥҥи артыыстарынан олоҕо салҕанар”, диэн сырдатта итиэннэ Галина ийэтигэр кыыһа оонньообут оруолларынан хаартыскалардаах мэтириэтин бэлэх уунна. Дьүөгэлэрэ – Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Ньургуйаана Маркова, Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Фекла Санникова, Бүлүү улууһун социальнай көмүскэллээх буолуу салалтатын исписэлииһэ Алена Хастаева уонна Надежда Комиссарова бэйэлэрин истиҥ-иһирэх ахтыыларын уйадыйа оҥордулар. Устудьуоннаабыт сылларын доҕотторо Галиналыын актер-режиссер үөрэҕэр бииргэ үөрэммит Саха тыйаатырын артыыската Юлия Михайлова, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Дмитрий Алексеев, Мария Тастыгина, Лена Оленова, Наташа Корякина-Слепцова, Валентин Макаров, режиссер Алексей Амбросьев ахтан-санаан аастылар. Табаҕаттан Р.А. Бурнашев аатынан орто оскуола профкомун бэрэссэдээтэлэ Мария Елисеева кыттыыны ылла уонна хас бэнидиэнньик аайы “Дьоһуннаахтык кэпсэтии” диэн уруок баар, онно кэлэн оҕолорго кэпсииргит буоллар диэн баҕа санаатын этэн туран педагог-настаабынньык Парасковья Макароваҕа өссө биир үчүгэй кинигэни хомуйан таһаарбытыгар махтанан оскуола кэлэктиибин аатыттан Эҕэрдэ сурук туттарда.
Түмүк тылы Дмитрий Тихонов ылан бу күн кыттыылаахтарыгар бииргэ төрөөбүттэрин, чугас аймахтарын ааттарыттан истиҥник махтанна. Кини биир түгэни ахтан ааста. Балта Галина кыра эрдэҕиттэн кытаанах характердаах киһи буолар. Кини 2019 с. олохтон барбытын кэннэ ахсынньы 12 күнүгэр биэтэ 55 кыраадыс тымныы түһэн турдаҕына төрөөбүтүн уонна билигин этэҥҥэ улааппытын туһунан кэпсээтэ. Кинини Чысхаан диэн ааттаабыт. Хаһаайкатын курдук күүстээх санаалаах эбит диэн сыаналыырын эттэ. «Суруллубут – суоруллубат” диэн туран Дмитрий Иванович кинигэҕэ үлэлээбит эдьиийигэр Парасковья Макароваҕа, Софья Дмитриеваҕа, Марфа Птицынаҕа, Анастасия Федороваҕа дириҥник махтанан туран Махтал суруктары, сибэкки дьөрбөлөрүн туттарда. Бэлиэ күнү Валентин Макаров Валерий Ноев «Хатыҥчааным” ырыатынан түмүктээтэ.
Бу күн сааланы толору дьон кэлэн Галина Тихонова туһунан элбэҕи эбии билэн-көрөн астынан бардылар. Тэрээһини М.И. Брызгалова аатынан оҕо бибилэтиэкэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Басова үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыытта.
Марелла Баишева.