Аммаҕа «Көлүөнэлэр ситимнэрэ» сүлүөккэ

Атырдьах ыйын 10‒12 күннэригэр Амма Эбэ Хотун кэрэ биэрэгэр улууспутуттан 55 сааһыттан үөһээ 4 бэтэрээн, 35 сааһыгар диэри 3 ыччат түмүллэн, патриотическай иитиигэ,  историческай нэһилиэстибэҕэ анаммыт сылынан сибээстээн сүлүөт буолн ааста.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин  бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, СӨ үтүөлээх юриһа Вильям Иванов, Амма  улууһун баһылыга Степан Кузьмин, «Юнармия» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо-ыччат байыаннай патриотическай уопсастыбаннай хамсааһын эрэгийиэннээҕи ыстаабын начаалынньыга Александр Кузьмин бырайыактарынан тэрилиннэ. Аммаҕа бастакынан ыытыллыбыт «Көлүөнэлэр ситимнэрэ» патриотическай туристическай сүлүөт лааҕырыгар, 7 улуустан 70 киһи түмүстэ. Амма, Уус Алдан, Уус Маайа, Өлөөн, Нам улуустартан уонна Дьокуускайтан түмсэн илин-кэлин былдьастыбыт.

Бастакы күн үөрүүлээх арыллыытыгар улуус баһылыга эҕэрдэлээн, ситиһиилэри баҕаран Амма эмтээх отторуттан оҥоһуллубут чэй нобуорун  лааҕыр кыттыылаахтарыгар бэлэх уунна. Махтал суруктары, аҕам саастаах  актыбыыстарга анал бэлиэлэри туттарда.

Үс күн устата бырагыраама быһыытынан араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Куонкурустар, күрэхтэһиилэр, грант куонкуруһугар кыттыыга анал  сэминээр-тренинг, Амма   улууһун кэрэ миэстэлэринэн, тутууларынан, мусуойдарынан сылдьыы, Амма өрүскэ катамараанынан устуу, сарсыардааҥы сэрээккэ, сөпкө аһааһын лиэксийэлэрэ тэрилиннилэр.

Түмүккэ Евдокия Исакова  сольнай үҥкүү куонкуруһугар бастаан  диплому, 2 тыһыынча солк. сэртипикээти, Маргарита Максимова  чабырҕахтаан диплом, бэлэҕи туттулар. Мэҥэ хаҥаластар үһүс миэстэлэннибит. Уус алданнар бастаатылар, аммалар иккис миэстэ буоллулар.

Турсүлүөккэ барыыбытыгар улуус дьаһалтата, социальнай бэлиитикэ управлениета успуонсардаан күүс-көмө буоллулар. Бэрт сынньалаҥнык сылдьан кэллибит. Ыччаттарбытыгар Аида Макароваҕа, Айтал Гаврильевка, Арсений Федоровка, бэтэрээннэрбитигэр Василий Борисовка, Евдокия Исаковаҕа, Галина Бурнашеваҕа хамаанда кыайыытыгар сүрүн күүс буолбуттарыгар махтанабыт.

Маргарита Максимова.