Бүгүн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр Саха сиригэр аан бастакытын Бүтүн Арассыыйатааҕы сырдатар бырайыак чэрчитинэн «Кыайыы буойаһа» Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар айаннаан кэллэ. Рельсэ үрдүгэр турар «Кыайыы буойаһын» көһө сылдьар түмэлэ Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын сүрүн суолталаах кэрчиктэрин бэрт сиһилии сырдатан көрдөрөр, билиһиннэрэр. Ордук үүнэр көлүөнэҕэ Ийэ дойдуга тапталга, бэринилээх буолууга улахан иитэр-үөрэтэр суолталааҕын түмэлгэ сылдьыбыт дьон барыта бэлиэтиир. «Кыайыы буойаһын» көрсүү үөрүүлээх чааһыгар СӨ Тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Семен Коркин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, «Саха сирин тимир суоллара» ААУо генеральнай дириэктэрин стратегическай сайдыыга солбуйааччы Александр Местников эҕэрдэ тыл эттилэр уонна бу улахан суолталаах бырайыагы Саха сирин олохтоохторо кэлэн көрөллөрүгэр ыҥырдылар. «Кыайыы буойаһа» үс күн устата Аллараа Бэстээххэ, оттон Алдаҥҥа тиийэн биир күн үлэлиэҕэ. Тимир суолунан көһө сылдьан үлэлиир аан дойду үрдүнэн суох түмэл-быыстапканы көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Алена Докторова.