Тохсунньу 26 күнүгэр улууспутугар култуура үлэһиттэригэр 2023 сыл түмүгүнэн Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, режиссер, артыыс, култуура мэтэдьииһэ, кыраайы үөрэтээччи, фольклорист Алексей Леонтьевич Попов аатынан «Кынат» бириэмийэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Бастакы бириэмийэ култуура 10 араас хайысхатынан, тус идэлэригэр үрдүк көрдөрүүлээхтэргэ, бастыҥнарга ананна. «Бастыҥ салайааччы» ‒ Г.Г.Колесов аатынан оройуоннааҕы норуот айымньытын киинэ «Олоҥхо дьиэтин» дириэктэрэ Евдокия Иванова, «Бастыҥ уус-уран салайааччы» ‒ олоҥхоһут, оһуокайдьыт, I Тыыллыма нэһилиэгин Аркадий Алексеев аатынан култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Виталий Никифоров, «Бастыҥ режиссер» ‒ «Сыккыс» норуодунай тыйаатыр салайааччыта, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин култуура киинин режиссера Мария Владимирова, «Бастыҥ түмэл үлэһитэ» ‒ Дьаҥхаады нэһилиэгин А.М.Крылов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлин сүрүннүүр үлэһитэ Лилия Колосова, «Бастыҥ бибилэтиэкэ үлэһитэ» ‒ И.М.Сосин аатынан оройуоннааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин мэтэдиичэскэй киинин сэбиэдиссэйэ Изабелла Яковлева, «Бастыҥ ырыа салайааччыта» ‒ Хара нэһилиэгин «Айыллаан» култуура киинин уус-уран салайааччыта Татьяна Степанова, «Бастыҥ үҥкүү туруорааччы» ‒ «Ай Тыын» үҥкүү кэлэктиибин салайааччыта, Аллараа Бэстээх култуура киинин хореограба Нюргустана Черкашина, «Бастыҥ фольклорист» ‒ «Ымыычаан», «Эрэлчээн», «Айыллыы» фольклор ансаамбылларын салайааччыта Олоҥхо дьиэтин фольклорга исписэлииһэ Аксиния Степанова, «Бастыҥ оҕо ускуустубатын оскуолатын уһуйааччыта» ‒ «Манчаары» норуодунай үҥкүү кэлэктиибин салайааччыта, Төхтүрдээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын хореография кылааһын уһуйааччыта Татьяна Говорова, «Бастыҥ култуура тэрилтэтэ» ‒ Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Екатерина Ефремова ааттаннылар. Быйыл Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылынан улууска култуура кэрэ эйгэтигэр айа-тута сылдьар 15 дьиэ кэргэни нэһилиэктэр баһылыктара эҕэрдэлээтилэр.
Елизавета Неустроева.