Александра Уваровская: «Саха уолаттара мындыр көрүүлэринэн, хоодуоттарынан уратылаахтар»

Александра Уваровская, Моорук нэһилиэгэр К.К.Байкалов аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой сэбиэдиссэйэ:

‒ Дойду үрдүнэн балаһыанньа, байыаннай дьайыы барыбытын долгутар. Ийэлэр, кэргэттэр, кэрэ аҥардар нохтолоох сүрэхпитин аймыыр.  Биһиги туспутугар үчүгэй, кыайыылаах эрэ өттүнэн түмүктэнэрин эрэнэ күүтэбит.
Биһиги эйэлээх, нус-хас олохпут туһугар, олохторун толук ууралларын кэрэйбэккэ кытаанах, дьиҥнээх дойдуга бэриниилээх, патриот санаалаах, хорсун саха уолаттара ураты билиилэрэ-көрүүлэрэ, кыахтарынан чорбойоллоро, сымсалара, хоодуоттара биһиэхэ киэн туттар санааны саҕар.
Сэмэй уолаттар ылыммыт соруктарыгар бэриниилээх быһыылара ыччакка сүдү холобур буолар. Сахабыт сирин хорсун уолаттара Уус Алдан улууһуттан Алексей Неустроев уонна Сунтаар улууһуттан Филипп Евсеев Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты сүкпүттэрин бары үөрэ уонна киэн тутта иһиттибит.
Саха омуга ханна да сырыттын, күчүмэҕэй күннэргэ, уустук мүнүүтэлэргэ мындыр дьоҕурунан уратыланар. Биир дойдулаахтарбыт уонна Дьоруойдарбыт үөрүүлэрин долгуйан тэҥҥэ үллэстэбит, уолаттарбытын сахалыы харыстаан сэмэйдик алгыыбыт. Бары байыаннай дьайыыга кыттыыны ылан тус кылааттарын киллэрсэн, күн-бүгүн уустук, күчүмэҕэй кэмҥэ сылдьар саллааттарбыт, дьоруой уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьан, кыайыылаах-хотуулаах төрөөбүт Сахаларын сиригэр эргиллэн кэлэллэрин күүтэбит.