Майаҕа ахсынньы 23 күнүгэр Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр мусуойга Уһуйааччы уонна педагог сылынан айылҕаттан айдарыылаах норуот эмчитэ, Арассыыйа уонна Саха сирин эмчитттэрин магистра, психотерапевт, отоһут Ирина Кузьминична Петрова-Хотун Тиэлийэ уһуйааччыларыныын ыалдьыттаатылар. Көрсүһүүнү Майа дьаһалтатын бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Захарова көҕүлээн тэрийдэ. Хотун Тиэлийэ аал уотун оттон арыылаах алаадьынан айах тутта уонна арчылыы-араҥаччылыы сырыт диэн Үрдүк айыыларыттан көрдөһөн:
— Кэлэр сылбыт үөрүүнү-көтүүнү, үүнүүнү-сайдыыны, иллээх-эйэлээх олоҕу, чөл туруктаах буолууну аҕаллын, сүбэнэн-аманан олорор буоларгытыгар баҕарабын, ыарыы ыалласпатын, дьаҥ-дьаһах таарыйбатын, кыыбаҕа кыйданнын. Тускуо, — диэн алҕаата.
Ирина 11 сааһыгар сылдьан аҥаар атаҕын эчэтэн 3 сыл сыппыт. Ол сытан мин туруохтаахпын, ону-маны гыныахтаахпын диэн бэйэтин бэйэтэ дьарыктаан турбут, үчүгэйдик көрүнэн сиһин тутар буолбут. «Сорох дьон ыарыйдахтарына найыланан сытынан кэбиһэллэр, ол сыыһа. Хамсана сылдьыахха наада. Хамсаныы – олох төрдө диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хаһан баҕарар өйгүт-санааҕыт үчүгэйгэ эрэ тардыстын, куһаҕан кэпсээни олох истимэҥ. Төһө элбэх үчүгэйи оҥороҕун, оҕолоргор, сиэннэргэр үчүгэй акылааты хааллараҕын. Киһи сиһэ төһөнөн көнөнүй да, ол аата бэйэтин көрүнэр. Онтон умса туттан хаамар буоллахха корпускут хамсаабыт. Ону көннөрөбүн. Киһи уорганнара сиһи кытта ыкса сибээстээхтэр, онон сааһыттан тутулуга суох сиһэ көнө буолла да үйэтэ уһуур” диэн бэйэни көрүнэ сылдьарга сүбэлээтэ.
Ирина Петрова-Хотун Тиэлийэ айылҕалаах дьону арыйар дьоҕурдаах. Ону сэргэ, хаан баттааһынын көннөрөр, оту-маһы буруолатан ыраастыыр, хараҕынан көрөн тигэн, тыл күүһүнэн эмтиир, кырыыстан босхолуур, туочукаларынан үлэлиир, хомус, чуораан тыастарынан, тойугунан, о.д.а. ньымалары туттар. Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо уонна бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор аҕам саастаахтарга эмтииригэр чэпчэтиилэри оҥорор. Уһуйааччыларын сиһи, тобугу, хаан баттааһынын көннөрөргө, бэйэтин сатабылларыгар барытыгар үөрэтэр. Киниэхэ бу күҥҥэ диэри 66 араас идэлээх дьон үөрэммиттэр, ол иһигэр биллиилээх буолбут эмчиттэр Дарамаевтар, Ньыыкан эмчит сиэнэ Нина Ордахова, Күн Чээбийэ, о.д.а. бааллар.
Бибилэтиэкэр идэлээх Ирина Петрова 20 сыл култуура эйгэтигэр, 10 сыл уһуйаан иитээччитинэн, куорката суох үлэ, уруһуй учууталынан үлэлээбит. Кэлиҥҥи 20 сыл устата ынах сүөһү иитэр кэтэх хаһаайыстыбалаах уолугар көмөлөһөр. Дьоҕурдаах киһи барытыгар дьоҕурдаах дииллэринии, Ирина Кузьминична иискэ норуот маастара. Кини ханна барар даҕаны бэйэтин кытта убаһа кутуругуттан оҥорбут дэйбиирин, харысхал буолар курун, кылынан оҥоһуллубут илин кэбиһэрин илдьэ сылдьар. Хоһоон суруйар, “Өйдөө-төйдөө, толкуйдаа” диэн аһыы утаҕы утарар хоһоонун аахта, ырыаларыттан ыллаата.
Норуот эмчитэ Ирина Кузьминична Петрова киэҥ эйгэлээх уонна сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан быйылгы сылга “Отличник целителей России” ааты ылла итиэннэ Арассыыйа Ис дьыалаларын үлэһиттэрин уонна анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт бэтэрээннэрин чөллөрүгэр түһэриигэ сүҥкэн кылаатын иһин “Аҕа дойдуга бэриниилээҕин иһин” дипломунан наҕараадаланна.
И.К.Петрова үөрэппит уһуйааччыларын билиһиннэртээтэ. Кини Балыктаахтан Альбина Желобцованы киһи көрбөтүн көрөр, илбийэр, бохсуруйар, инники олоххун да көрөн кэпсиэн сөп сэдэх дьоҕурдаах эмчит быһыытынан сыаналыыр. Хаптаҕайтан Евдокия Попова-Харыстаана 30 сыл ыстаастаах массажист, быйыл “Отличник целителей России” ааты ылбыт. Хараттан массажист идэлээх Сахаяна Павлова сахалыы эмтииргэ үөрэнэн быйыл көҥүл ылбыт. Кыралаан иистэнэри сөбүлээн саҕалаабыт. Гравер тиэхиньикэнэн ынах муоһуттан харысхаллары, сувенирдары оҥорбутун быыстапкаҕа туруоран көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ылла.
Кинилэр уһуйааччыларын ытыктаан “Эбээ” диэн ааттыыллар. Эмчиттэр отунан-маһынан хайдах сөпкө эмтэнэри сүбэлээтилэр. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон маастар кылаастарга сырыттылар, сүбэ-ама ыллылар.
И.К.Петрова бииргэ төрөөбүт балта, Майатааҕы В.П.Ларионов аатынан орто оскуола математикаҕа учууталынан 47-с сыл үлэлээбит Василиса Никифорова кэлэн кыттыыны ылла. Кини маҥнай эдьиийин дьон ыарыытын хомуйаҕын диэн бопсор эбит. Онтон бэйэтин остеопороз ыарыытын эмтэтэн тохтотуоҕуттан эмчит быһыытынан ылыммытын сырдатта.
Эмчиттэр эйэлээх олоҕу түстүүр холууп түөспүтүгэр астылар, чооруос тумсун да саҕа үөрүүнү бэлэхтиибит диэн брошь кэһиилэрин биэрдилэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын исписэлииһэ Наталья Пахомова санаатын үллэһиннэ.
— Ирина Кузьминична дойдутугар ытыктанар Далбар Хотун. Кини сатаабатаҕа диэн суох, норуот маастара, норуот эмчитэ буолар. Маннык дьон мээнэҕэ бу Орто дойдуга айыллан кэлбэттэр, кинилэр дьон-сэргэ итэҕэйэн-эрэнэн эмтэнэр дьоно буолаллар. Бу дириҥ силистээх-мутуктаах эмчит киһи билиитин-көрүүтүн тарҕата сылдьарыттан олус үөрдүм. Учуутал уонна уһуйааччы сылынан истиҥник эҕэрдэлиибин. Бу эһиги бэлэхтээбит холуупкут үлэҕэ-хамнаска кынат аста диэн сыаналаатым, — диэтэ.
“Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Вячеслав Санников 10-ча сыллааҕыта эмчиккэ сиһин эмтэммит. “Бүгүҥҥү көрсүһүү наһаа туһалаах буолла. Саха дьоно маннык айдарыылаах дьоҥҥо сыста сатыыбыт, итэҕэйэбит. Дьоҥҥутун-сэргэҕитин тэйиччи да сылдьан арчылыы-араҥаччылыы сылдьаҕыт. Дьон доруобуйатын көрүнэ сылдьарыгар маннык көрсүһүүлэр наадалаахтаахтар уонна туһалаахтар”- диэн туран Майа олохтоох дьаһалтатын баһылыгын аатыттан Махтал сурук уонна Майа устуоруйатын кэпсиир 2 томнаах кинигэлэри бэлэх туттарда.
Ирина Кузьминична Майаҕа Валентина Ивановна Уваровская диэн айылгылаах эмчит үлэлээн-хамсаан ааспытын сырдатта. Кини туһунан киэҥник биллэрэн, эмтэммит дьон сыанабылларын хомуйан кинигэ таһаарар баҕа санаатын сыал-сорук оҥостон сылдьарын кэпсээтэ. Бэйэтэ киниэхэ атаҕын эмтэппитигэр махтала улахан. Билигин 84 сааһыгар үктэнэн сылдьан Москваҕа тиийэ айанныырын аҕынна.
Киһи-аймах чэгиэн доруобуйалаах буоларыгар кыһаллан эдэрдэри бэйэтин сатабылларыгар уһуйар норуот сүгүрүйэр эмчитин кытта көрсүһүүттэн кэлбит дьон астынан тэрийээччи Елена Тимофеевна Захароваҕа махтанан тарҕастылар.
Марелла Баишева.