Таайдарым Лука Гаврильевич итиэннэ Гаврил Гавриилович Колесовтар мин ийэм Ефросинья Гаврильевна бииргэ төрөөбүт бырааттара буолаллар. Эһэм Гаврил Михайлович, эбэм 8 оҕону Күн сирин көрдөрбүттэриттэн түөртэрэ олох оҕо саастарыгар, ийэм 1945, оттон кини балта Өлөксөөндөрө 1947 с. 22 саастааҕар уодаһыннаах сэллик ыарыыттан өлбүттэрэ. Аҕам Роман Николаевич Попов 1945 с. муус устарыгар Берлин чугаһыгар сэриигэ охтубута. Онтон ыла биһиги Петр, Виктор, Юра Поповтар «Сталинец» холкуос кырдьаҕас холкуостааҕа Гавриил Михайлович итиэннэ таайдарбыт Лука уонна Гаврил Колесовтар кыһамньылаах көрүүлэригэр-истиилэригэр хаалбыппыт. Детдомунан, интэринээтинэн, оскуоланан иитиллэммит үһүөн дьон тэҥэ оҕо-уруу тэнитэн олоробут.
«Оҕолорбутунааҕар сиэннэрбитин күндүркэтэбит, сиэн сыта туохтааҕар да минньигэс» диэччилэр элбэхтэр эбээт. Итинник да санаалаах буоланнар эһэбит, таайдарбыт олус диэн бүөбэйдээн үһүөммүтүн атахпытыгар бигэтик туруордахтара. Хомойуохпут иһин, күндүттэн күндү дьоммут үһүөн бу Орто дойдуттан арахсыбыттара.
Эһэм барахсан 50-с сылларга 12 солкуобайдаах биэнсийэтэ кэллэҕинэ үөрэр да буолаахтыыра… Эһэбинээн мин Лука Гаврииловиһи иннэлээх сап курдук Өргөннөөҕүнэн, Сыымаҕынан, Ходоронон, Майанан, Дьокуускайынан биир дьиэ кэргэн курдук батыһаммыт олорбуппут.
Таайым Дьокуускайдааҕы педучилищены, пединституту бүтэртээн бастаан Ходоро начаалынай, онтон Герой Ф.К.Попов аатынан аҕыс кылаастаах оскуолаларга дириэктэрдээбитэ. ЫБСЛКС райкомугар пионерскай отделга сэбиэдиссэйдии сырыттаҕына баартыйа райкома 1956 с. «Колхоз кырдьыга» хаһыакка эппиэттиир сэкирэтээринэн анаабыта. Салгыы райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлии сылдьан, 1962 с. Хабаровскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуола суруналыыстыкаҕа салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Тута кэриэтэ ССКП обкомун пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын бэчээккэ, телевидениенэн, радионан биэриигэ секторын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Оттон 1967‒1981 сс. «Кыым» хаһыат эрэдээктэрин бастакы солбуйааччынан, ССКП обкомун Бэчээккэ судаарыстыбаннай кистэлэҥи араҥаччылааһыҥҥа управление начаалынньыгынан, 1991 с. «Кыым» хаһыат тылбааска уонна сурукка отделларыгар сэбиэдиссэйинэн 2004 с. 76 сааһын туолан биэнсийэҕэ тахсыар диэри айымньылаахтык үлэлээбитэ.
40-ча сыл өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр үлэлээн биир идэлээхтэрин ортотугар дириҥ билиниини ылбыт суруналыыстыка аксакала Лука Гавриилович Колесов «Бо-чуот знага» уордьанынан наҕараадаламмыта, СӨ култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ үрдүк ааты сүкпүтэ.
1950 с. Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан 22 саастаах таайбыт бииргэ төрөөбүт быраатын Ганяны өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу радиокэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Павлович Тихоновка итиэннэ дирижер Галина Михайловна Кривошапкоҕа сиэтэн илдьэн радиокэмитиэт хуоругар үөрэнээччинэн ыллаттарары ситиспитэ. Оччолорго «Сталинец» холкуос холкуостааҕа Ганя 18 эрэ саастааҕа. Итинэн таайбыт бииргэ төрөөбүт быраата Г.Г.Колесов РФ үтүөлээх, СӨ народнай артыыһа, СӨ П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата (өлбүтүн кэннэ), РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буола үүммүтүгэр, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону Ленингракка 9 грампластинкаҕа суруйтаран үйэтитиитигэр бигэ акылааты түстээн турардаах. Лука Гавриилович ити үтүөтүн-өҥөтүн саха норуота сөптөөхтүк сыаналыаҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
Мин 1959 с. балаҕан ыйыгар Майа орто оскуолатын бүтэрээтин «Оскуола‒производство‒үрдүк үөрэх» диэн девиһинэн Майатааҕы промкомбинакка столяр үөрэнээччитинэн үлэҕэ ылыллыбытым. Столяр оҕонньоттор барахсаттар: «Тыыппалаах үлэһитэ” диэн хайгыыр буолбуттара. Ол эрээри 4‒5 сыл сэллик балыыһаларыгар, санаторийдарга эмтэммит аһаах киһиэхэ оту-маһы кытта тустар сыанан аҕаабатаҕа. Ыалдьарым, дьаҥныырым элбэҕин көрө-истэ сылдьар таайым «Колхоз кырдьыга» хаһыакка корректорынан эрэдээктэр Н.С.Кириллини, Н.Г.Громовы кытта кэпсэтэн 1960 с. сэтинньитигэр үлэҕэ ыллаттарбыта. Онтон ыла, 1960 сыл сэтинньи 10 күнүттэн ыла оройуонум хаһыатыгар 1960‒1968 сс. корректорынан, 1968‒1972 сс. литсотруднигынан, 1972 сылтан хаһыатым 80 сааһыгар диэри эппиэттиир сэкирэтээринэн, ол аата 57 сыл устата үлэлээтим.
Онон ураты бэлиэтээн этэбин: мин бэчээт эйгэтигэр үктэниибэр Н.Е.Мординов‒Амма Аччыгыйа «Учууталга» диэн киэҥник тарҕаммыт ырыатыгар «далаһа кэбиһэн таһырдьа таһаарбыт, айаным суолугар айхаллаан киллэрбит» сүгүрүйэр, ытыктыыр, күөн туттар, аҕалаатар аҕам кэриэтэ саныыр таайым Лука Гавриилович буолар.
Виктор Романович Попов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
2017 с.