“Ай-Талааннар” Олоҥхо ыһыаҕар кыттан астынан-дуоһуйан кэллилэр

Бэс ыйын 19 күнүгэр сардааналаах хонуулардаах, ырыаҕа ылламмыт Кыыс Амма улууһун киинигэр 17-с төгүлүн ыытыллар «Олоҥхо ыһыаҕа‒2024” өбүгэ үгэстэринэн тигиллибит национальнай таҥас көрүүтүгэр кыттаары улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин уонна Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын салайааччыларын өйөбүллэринэн Майаттан Федора Наумова салайааччылаах “Ай-Талаан” иис түмсүүтүн 16 Далбар Хотуттара айаннаатылар. Кинилэр  тиийээт ыһыахтыыр сиргэ күүлэйдээн, биллиилээх дьоннору көрсөн хаартыскаҕа түһэн, оһуокайга хаамсан дуоһуйдулар.

Бэс ыйын 20 күнүгэр Амма улууһугар ытык-мааны Муона Чараҥар тэрийээччилэр ыһыах арыллыытыгар  ыалдьыттары саахымат олбохторго олортулар, иһэр уунан, быырпаҕынан, үтэһэлээх этинэн илии тутуурдаатылар.

Аммалар биир дойдулаахтара, судаарыстыбаннай циркэ дириэктэрэ Сергей Расторгуев туруоруутунан Устин Нохсоров “Сыанаканан сыһыылаах, холуопканан хонуулаах сылгы-сүөһү оҕото Дыырай Бэргэн” олоҥхотугар сүүһүнэн ыччат дьон кыттыыта, көстүүмнэрэ уратыта, толоруулара чаҕылҕайа, сүүһүнэн кырыымпаһыт оонньооһуна ыалдьыттары сөхтөрүөн сөхтөрдө. Салгын акробаттара умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтилэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар “Олоҥхо ыһыаҕын маанылаах таҥаһа уонна Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын таҥаһын көрүү” күөн күрэһигэр Федора Наумова салайааччылаах “Ай-Талаан” иис түмсүүтэ бэйэлэрин иистэрин киэҥ араҥаҕа көрдөрөн билиһиннэрээри бэлэмнэммиттэрэ ыраатта. Саха норуотун уонна төрүт олохтоох омуктар национальнай таҥастарын ураты көстүүтүн кэнчээри ыччакка чөл тиэрдии, салгыы сайыннарыы, киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии сыаллаах-соруктаах көрүүгэ элбэх түмсүү, биирдиилээн дьон кыттаннар көрөөччүлэр харахтарын манньыттылар, махталларын ыллылар.

Төрүт үгэскэ олоҕурбут сахалыы национальнай таҥастар тигиилэринэн дьарыктанар сатабыллаах иистэнньэҥнэр үлэлэрин көрдөрөр үтүө-мааны күҥҥэ “Ай-Талааннар” сиэдэрэй көстүүлээх мааны таҥастарын толору кэмпилиэгинэн кыттан сыанаҕа сэгэлдьийэ хаамтылар.  Кинилэри Степан Копырин «Сайын кэлиитэ” ырыанан  доҕуһуоллаата. “Ай-Талааннар”  ытыс тыаһын бөҕө хомуйан, ситиһиилээхтик кытыннылар. Бу кэннэ ыаллыы улуустан тиийбит ыалдьыттарын Алтан нэһилиэгин түһүлгэтигэр кус мииннээх сандалы тула олордон сахалыы ас маанытынан күндүлээтилэр.

Амма сиригэр үктэниэхпититтэн мааныга-далбарга сылдьан үөрэн-астынан кэллибит. “Сардаана” оҕо уһуйааныгар сырдык, киэҥ хосторго тэллэхтээх хомуллар ороннору бэлэмнээбиттэр. Аны күн устата босхо бэлэм аһылыгынан хааччылынныбыт. Эйэҕэс-сайаҕас үлэһиттэр ыалдьыттары үөрэ-көтө көрсөн, ыйан-кэрдэн, көмөлөһөн үөрүүбүтүн үксэттилэр.

Олохтоохтор ыһыах түһүлгэтин кэтэҕэр бэйэҥ наадаҕар сылдьаргар табыгастаах, сөптөөх усулуобуйаны олохтооннор элбэх кырааннардаах суунар сирдэри оҥорбуттарын олус сонурҕаатыбыт, кэрэхсээтибит. Амма улууһун дьонун-сэргэтигэр махтанан, Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинэ, арыллыытыттан саҕалаан олус үрдүк таһымнаахтык бэлэмнэнэн ыытыллыбытын бэлиэтээн саха омук буоларбытынан киэн туттан кэлэммит үөрүүбүтүн үллэстэбит.

Марелла Баишева.