Агро хайысхалаах оскуола нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөр

Дьабыыл нэһилиэгин Н.В. Петров аатынан агротехнологическай хайысхалаах орто оскуола пиэрмэтэ ааспыт сылтан үөрэтэр-үлэлиир комплекс ыстаатыһын ылан, үлэһиттэр тус үлэлэригэр эппиэттиир эбээһинэстэрэ чопчуламмыт. Бу агро хайысхалаах оскуола үлэтин биир ситиһиитинэн сыаналанар.

Дириэктэр Василий Николаевич Петров атырдьах ыйыгар ананан кэлээт кыстыгы туоруур оту оттотто, “Илгэ” УПК-гар өрөмүөн үлэтин ыыттаран тас аан оҥоһуллубут, муоста саҥардыллыбыт, күрүө-хаһаа абырахтаммыт.

Сүрүн соруктарынан кэтэх  хаһаайыстыбалары холбоон нэһилиэнньэҕэ кэпэрээссийэни сайыннарыы буолар. “Илгэ” УПК-гар быйылгы дьылга 7 үлэһит үлэлиир. Хороҕор муостааҕы иитии салаатын өрө тутар агро оскуола бэйэтин 18 сүөһүтүн сэргэ, бэтэрээн үлэһиттэр сүөһүлэрин туруоран кыстыгы туоратан биэрэр. Быйылгы дьылга 50-тан тахса хороҕор муостааҕы  кыстыкка киллэрбиттэр. Отун, бурдугун сүөһүлээхтэр биэрэллэр итиэннэ төбөтүгэр харчы төлүүллэр. Оскуола кэлэктиибэ маннык хаһыс да сылын үлэлээн олохтоохтор махталларын ылар.

“Илгэ” үөрэтэр-үлэлиир комплекс ититиини хааччыйар систиэмэлээх, оҕолору сүөһүнү иитиигэ, көрүүгэ-харайыыга үөрэтэр кабинет, үлэһиттэр сынньанар, үүтү сойутар хостордоох. Оҕолору комплекска  педагогическай наука хандьыдаата, Дьокуускай куоракка Эбии үөрэхтээһин уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүтүүт сүрүннүүр лектора, агро оскуола производственнай үөрэхтээһинин педагога Дьулустан Степанович Брызгалов наукаҕа тирэҕирэн үлэҕэ-хамнаска уһуйар, ону сэргэ, бэйэтэ ыаммыт үүтү хонтуруоллуур, туттарар. Кинини кытта настаабынньык ыанньыксыт быһыытынан Марианна Григорьевна Аммосова үлэлээбитэ. Быйыл дьиэ кэргэнин балаһыанньатынан куоракка кыстыы киирбит. Онон кини оннугар итиэннэ сэбиэдиссэйинэн Никифор Гаврильевич Стручков анаммыт. Оту угуу нуормаһыта уонна кыбыы эппиэттээх үлэһитэ Иосиф Архипович Баишев, хороҕор муостааҕы көрүү уонна эбии аһатыы сүрүннүүр үлэһитэ Гаврил Григорьевич Стручков, зоогигиена уонна УПК тулалыыр эйгэтин экологическай куттал үөскээһинин сэрэтэр эппиэттээх үлэһитэ Тарас Тарасович Пермяков, ититии уонна оттук баазатын көрөр-истэр эппиэттээх үлэһит Павел Васильевич Григорьев, оту-маһы тиэйиигэ, сааһылааһын уонна наардааһын үлэтигэр Егор Николаевич Баишев үлэлииллэр.

Үлэһиттэр бары сүөһү үлэтигэр сыстаҕас, бэйэлэрэ сүөһүлээх, сылгылаах дьон буолан нэһилиэнньэ кинилэри эрэнэн сыллата бииргэ үлэлэһэр. Бэтэринээр быраас Виктор Оконешников пиэрмэни кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээн сүөһү-ас туруга этэҥҥэ. Билигин нэһилиэнньэҕэ күһүҥҥү эмтээһин, хаан ылыыта ыытылла турар. Дьулустан Степановичтан кылгастык үлэни сырдатарыгар көрдөстүм:

  • Оскуола кыстык пиэрмэтэ үлэлээбитэ 10-ча сыл буолла, онтон УПК буолбуппут 2-с сылыгар барда. Пиэрмэ статуһуттан тахсан Үөрэтэр-үлэлиир комплекс хороҕор муостааҕы тэнитэр систиэмэ буолан үлэһиттэр эбээһинэстэрэ, үлэлиир үлэлэрэ чопчуланар таһымҥа тиийбитэ – бу биһиги биир ситиһиибит буолар. Маннык систиэмэҕэ хас биирдии үлэһит исписэлиис курдук сыаналанан тустаах үлэтигэр эппиэтинэһи сүгэр. Дьоҕус кэлэктиип биир сүбэнэн-саргынан үлэлиибит, — диэтэ.

Үөрэтэр-үлэлиир комплекс биир үтүө хардыытынан ыччаты өбүгэ үгэстэригэр уһуйар, кэмнэринэн көрөн алгыс сиэрин-туомун ыытар. Ол чэрчитинэн, алтынньы 26 күнүгэр кыстыкка киирии сиэрин-туомун ыыттылар. Ынах төрөөтөҕүнэ Ынах Айыыһыта, олунньуга Ийэ тыл, о.д.а. салгыы итинник үөрэх дьылын устата барыаҕа. Оҕолору тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах буола улааталларыгар араас лиэксийэлэр, быраактыкалар былааннаахтык ыытыллаллар. Тулалыыр эйгэ ыраас буоларыгар комплекска тахсар бөҕү наардаан сыбаалкаҕа ыытарга туспа мунньаллар.

Билигин ынахтар ыата тураллар. Маргарита Пономарева тутааччылаах «Хоту” ТХПК массыыната нэдиэлэҕэ 2-тэ кэлэн 1-дии сэнтиниэр кэриҥэ үүтү собуокка илдьэр. Ынахтар комплекска киириэхтэриттэн дьиэҕэ уулууллар. Ууну  Алексей Стручков суоппардаах олохтоох дьаһалта уу кутар массыыната хааччыйар. Саҥа иһит-хомуос ылыллыбыт. Хороҕор муостааҕы уулатарга хоруудалар, сылаангалар, үүтү кутарга бөтүөннэр саҥардыллыбыттар. Ити курдук тэринэн “Илгэ” үөрэтэр-үлэлиир комплекс үлэһиттэрэ кыстыкка киирбиттэр.

Ынах сүөһүнү иитии бэйэтэ түгэҕэ биллибэт наука буоллаҕа. Сахабыт сирэ айылҕата кэрэтэ, салгына ырааһа, сирэ-уота киэҥэ – ынах сүөһү иитэргэ олус табыгастаах.  Ону билигин ыччат пиэрмэҕэ киирэн үлэлиэн баҕарбата атахтыыра баар суол. Өбүгэттэн кэлбит төрүт дьарыкпыт – сүөһү иитиитэ тыйыс айылҕалаах дойдуга үрүҥ тыыммытын өллөйдүүр аналлааҕын өйдүүрбүтүгэр уолдьаста.  Бэйэбит эппит-аспыт эппитигэр-хааммытыгар өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх. Төрүт дьарыкпыт итиэннэ төрөөбүт ийэ тылбыт быстыспат ситимнээхтэр. Сүөһүбүт ахсаана аҕыйаан истэҕин аайы омук быһыытынан симэлийэн иһэрбит ыраахтан да кэлбэтэ буолуо диэн дьиксиниэх санаа киириэҕин, улууспут баһылыга уонна дьаһалтата тыа хаһаайыстыбатын бары салаатыгар улахан болҕомтотун уурара – бу салаа кэскиллээҕин туоһулуур, инникитин сайдарыгар эрэли үөскэтэр. Пиэрмэлэр комплекс буола сайдан, үлэлиир усулуобуйа тупсан, үрдүк хамнас көрүллэрэ кыайтарара буоллар, ыччат ылсан үлэлииригэр төһүү күүс буолуо этэ.

Бу туһунан Дьулустан Степановичтыын биһиги оҕону оскуола сааһыттан хороҕор муостааҕы  иитии салаатыгар сыһыаран үлэлиир Дьабыыл “Илгэ” үөрэтэр-үлэлиир комплексын курдук тэрилтэлэр, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмнээн таһаарар орто анал үөрэх тэрилтэлэрэ  инникитин элбииллэрэ наадалааҕар санаабытын үллэстэн тарҕастыбыт.

Марелла Баишева.