Аныгы кэмҥэ тыа сиригэр саха оҕото төрөөбүт тылынан саҥарара улам сымсаан, тылын саппааһа аҕыйаан, үксүгэр нуучча тылын кыбытан саҥарар буолла. Уулуссаҕа, оҕо былаһааккаларыгар кырачааннар бэйэ-бэйэлэрин кытта нууччалыы кэпсэтэллэрин истэр сонун буолбатах.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ араас билиҥҥи тэриллэргэ бүгэн олоруута, дьиэ кэргэн иһигэр кэпсэтии, сэһэргэһии суох буолуута – оҕо ийэ тылын толору баһылыырыгар улахан мэһэйдэри үөскэтэллэр.
Саха тылын кэрэтин, баайын оҕоҕо тириэрдии тиһиктээх үлэни тэрийдэххэ ситиһиллэр. Тылбыт тыыннаах буоларыгар улахан кыһалҕа үөскээбитин билинэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин салалтата, М.И.Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ, улуустааҕы эр дьон уонна дьахталлар сүбэлэрэ, «Ийэ тыл» түмсүү көҕүлээһиннэринэн кулун тутар 1-21 күннэригэр ийэ уонна оҕо уйулҕанан ситимнэрин бөҕөргөтүүгэ, дьиэ кэргэн тылын саппааһын байытыыга, сахалыы айымньылары кэрэхсээн ааҕыыга туһуламмыт «Ийэбиниин сахалыы ааҕабын» марафон ыытыллар.
Кыра саастаах оскуола оҕото суругу-бичиги саҥа кэрэхсээн, үөрэнэн эрэр кэмигэр тылын-өһүн сайыннарыы уһулуччу суолталаах. Онон марафон 1-4 кылааска үөрэнэр оҕолордоох дьиэ кэргэттэргэ ананан ыытыллара улахан суолталаах.
Ийэ оҕотунуун 21 күн устата күн аайы алын кылаас оҕотугар сөптөөх ханнык баҕарар сахалыы үөрэх бырагыраамматыгар киирбэтэх айымньыны ааҕыахтаахтар уонна бэйэлэрэ оҥостубут ааҕааччы күннүгэр бэлиэтэниэхтээхтэр, саҥа билбит тылларын быһаарыытын сурунуохтаахтар. Марафон халандаарынан сирдэтинэн, оптуорунньук ахсын: кулун тутар 5, 12, 19 күннэригэр дьоҕус сорудахтары толоруохтаахтар. Ол курдук, бастакытынан, кулун тутар 5 күнүгэр оҕо ааҕааччы күннүгэр аахпытын уруһуйдуур; иккиһинэн, кулун тутар 12 күнүгэр аахпыт айымньытын ис хоһоонун туһунан бэйэтин санаатын суруйар; үсүһүнэн, кулун тутар 19 күнүгэр билбэт тиэкиһин ааҕан иһитиннэрэр.
Марафон хаамыыта Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин салалтатын официальнай сайтыгар госпабликка, «Эркээйи» улуус хаһыатыгар, «Чуораанчык» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо сурунаалыгар, «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа нөҥүө сырдатыллыаҕа.
Түмүктүүр бэстибээл Оҕо кинигэтин нэдиэлэтин чэрчитинэн Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр кулун тутар 27 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга тэриллэр. Кыттыбыт оҕолорго «Мин сахалыы ааҕабын» өйдөбүнньүк значок, дьиэ кэргэттэргэ барыларыгар туоһу сурук туттарыллар.
Улууска марафон ыытыллыыта оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт төрүт тылыгар интэриэһин үрдэтэргэ, саҥарар саҥатын сайыннарарга, саха тыла баайын, кэрэтин билэ-кэрэхсии улаатарыгар олук уурарга аналлаах. Ийэ тылынан ааҕар оҕо ис айылгыта бөҕөргүүр, иэйиитэ уһуктар, тулалыыр эйгэни ылынымтыа, аһаҕас буолар. Дьиэ иһинээҕи тыын хайа баҕарар омукка бэйэтин киэнэ, ол тыын кинини иитэр, оҕоҕо дьайар ураты күүстээх.
Кэлэр кэнчээри ыччаппыт төрөөбүт тылбытын илдьэ хаалыахтаах, бэйэтин оҕолоругар тиэрдиэхтээх, сайыннарыахтаах.
Олус баай, кэрэ, уус-уран, оһуордаах-мандардаах сахабыт тылын сүтэриэ суохтаахпыт. Алампалыы эттэххэ, «Сахалыы саҥа сатараатын, саха омук сайыннын»!