Бүгүн Майаҕа И.М.Сосин аатынан киин бибилэтиэкэҕэ СӨ Култууратын туйгуна, РФ үлэтин бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин, Тараҕай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, үлэ бэтэрээнэ, суруналыыс, суруйааччы, “Мэҥэ Аат” бэлиэ хаһаайына, “Таммахтар” литературнай холбоһук Ытык сүбэһитэ Степан Марков “Дьылҕа, тыйыскын даҕаны” уонна “Таптыырга саас мэһэйдээбэт” кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолла. Манна суруйааччы сүгүрүйээччилэрэ сааланы толордулар.
https://youtu.be/9yEhja7zjR8?si=DlG5tZaCP1mKWx3f
Дьокуускайтан СӨ Суруйааччыларын, РФ Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, бэйиэт, прозаик, “Күрүлгэн” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан, бииргэ төрөөбүт быраата, ХИФУ Горнай институтун доцена, техническэй наука хандьыдаата Валерий Степанович Марков, кыыһа, «Якутэнерго” тэрилтэ сүрүннүүр исписэлииһэ Светлана Степановна Барышева-Маркова, Майаттан Степан Степанович олоҕун аргыһа Тамара Семеновна, суруйааччы кыра балта, СӨ Доруобуйатын харыстабылын үтүөлээх бырааһа, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо Вера Степановна Борисова ыалдьыттаатылар.
Тэрээһини ааҕар саала кылаабынай бибилэтиэкэрэ Марина Трифонова иилээн-саҕалаан ыытта. Кини “Суруйааччы айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕурдаах киһи. Кини айымньытын оҕотун курдук бүөбэйдээн-иитиэхтээн дьоҥҥо-сэргэҕэ, ааҕааччыларыгар көччөх гынан көтүтэр. Ол курдук, Степан Степанович хас биирдии айымньылара олоҕу арылхайдык ойуулууллар, ааҕааччыны ол эйгэҕэ угуйаллар”, диэн саҕалаан туран, суруйааччы саҥа кинигэлэрин билиһиннэрдэ.
“Дьылҕа, тыйыскын даҕаны” уус-уран кинигэ “Айар” кинигэ кыһатыгар 2500 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Манна Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ыар сыллара ойууланар. Кылаабынай бибилэтиэкэр дьон сиэр-майгы өттүнэн сатарыйыыта туохха тиэрдиэн сөбө суруллубут айымньыны төһө да трагическай буоллар, оптимистическай санааны үөскэтэрин бэлиэтээтэ.
“Таптыырга саас мэһэйдээбэт” уус-уран кинигэ 2023 с. “Айар” кинигэ кыһатыгар 2000 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Дьылҕа Хаан оҥоһуутунан, огдообо эр киһи олоҕо соһуччу күөдьүйбүт тапталтан өрө-таҥнары ытыллыыта, ааптар олоххо көрсүбүт чахчыларыгар олоҕуран суруллубут уус-уран айымньы ааҕааччыны толкуйдатар, ыччаты элбэххэ үөрэтэр кинигэ буоларын Марина Егоровна бэлиэтээтэ. Бу кинигэҕэ 23 кэпсээн киирбит.
Саҥа кинигэлэри сүрэхтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын кылаабынай исписэлииһэ Виктория Федорова, улуустааҕы култуура управлениетын информационнай-методическай киинин салайааччыта Галия Сосина, улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл исписэлииһэ Ньургуйаана Шергина, И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ дириэктэрэ Марианна Никанорова, сэбиэскэй-партийнай үлэһит, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Анатолий Чичахов, “Таммахтар” литературнай холбоһуктан үүнэн тахсыбыт суруйааччы, Степан Марков мэктиэтинэн суруйааччы аатын ылбыт Инна Николаева, суруналыыс аатын ылбыт “Эркээйи” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Марелла Баишева, “Таммахтар” көхтөөх ааптардара Светлана Иванова-Намыына, Евдокия Исакова, Мария Левина, Федора, Егор Белолюбскайдар, Майатааҕы Үһүс көлүөнэ оскуола “Саһарҕа” литературнай түмсүү салайааччыта Валентина Аманатова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ирина Маркова, о.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Афанасий Гуринов-Арчылан эҕэрдэ тылыгар:
Эрдэ турбут киһиэхэ таҥара көмөлөһөр дииллэрин бу манна көрдүм. Ол курдук, тэрээһиҥҥит бириэмэтин 5 мүнүүтэ иннинэ саҕаланна. “Күрүлгэҥҥэ” таһаарар айымньыларбыт сүрүн ирдэбиллэринэн дьон сэргээн ааҕар, ырытар айымньыларын таһаарарга дьулуһабыт. Степан Марков кинигэлэрэ 2000-2500 ахсаанынан тахсыбыттара элбэҕи этэр. Бу Арассыыйа үрдүнэн үчүгэй көрдөрүү буолар. “Күрүлгэн” сурунаал 5 төгүл “Сыл рекорда” ситиһиилэммитэ. Билигин 1200 ахсаанынан тахсар. “Полярная Звезда” сурунаалга мин биир хоһоонум нууччалыы тылынан бэчээттэммитэ. Бүгүн ол сурунаалы үтүө өйдөбүнньүк быһыытынан бэлэхтиэм. Степан Степановичка суруйааччы түөскэ кэтиллэр бэлиэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыта буоларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Семен Руфов кэтэппитэ. Бибилэтиэкэҕэ элбэхтик сылдьар, элбэҕи ааҕар дьон суруйааччы буолаллар дии саныыбын, онон сурунаалларга, хаһыаттарга элбэхтик сурутуҥ, ааҕыҥ, — диэтэ.
Саҥа кинигэлэргэ киин бибилэтиэкэ көхтөөх ааҕааччыта Федот Харитонов ырытыылары оҥордо.
Ааптар Степан Марков бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр, кэлбит ыалдьыттарга, тэрээһин кыттыылаахтарыгар махтанна.
Бөөлүүн долгуйаммын аанньа утуйбатаҕым, онтум бибилэтиэкэлэр ураты болҕомтолоруттан ааһан хаалла. Дьиэбит ааныттан тоһуйан аҕалан биэрдилэр. Бу тэрээһинтэн, суруйааччы быһыытынан дьонум-сэргэм ылыммытыттан сүргэм көтөҕүлүннэ, үөрдүм, астынным. Бу бибилэтиэкэҕэ кинигэ уларса кэллэхпинэ үрүксээкпин уһултарбаттар даҕаны, бэйэлэрэ онно уларсар кинигэлэрбин уган биэрэллэр. Манна элбэх араас тэрээһиннэргэ сырыттым. Ол тухары барытыгар улахан ытыктабылынан сыһыаннаһан, үрдүк ирдэбиллээхтик, эппиэтинэстээхтик ыыталларын биллим, онон бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр өссө үчүгэйдик үлэлээҥ диэн алгыспын аныыбын — диэтэ суруйааччы итиэннэ 36-с сылларын бииргэ олорор олоҕун аргыһыгар Тамара Семеновнаҕа махталын эттэ.
Айар үлэтин таһынан Степан Марков бэйиэт Иван Арбита үтүө аатын тилиннэриигэ үлэлэспитэ. Степан Степанович ийэтэ Вера Егоровна Иван Арбита бииргэ төрөөбүт балта буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Суруйааччы биографиятыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгэр иитээччи идэлээх Вера Егоровна Слепцова уонна учуутал Степан Гаврильевич Марков дьиэ кэргэҥҥэ 1943 с. сэтинньи 10 күнүгэр уоллара Степан бэһис оҕонон Күн сирин көрөр.
1951 сыллаахха Моорук алын сүһүөх оскуолатыгар бэлэмнэнии кылааска үөрэнэ киирбитэ. Аҕата учуутал буолан оскуолаларынан көһөрүллэн үлэлээн, Степан Моорукка икки сыл, Өлөчөй алын сүһүөх оскуолатыгар икки сыл, онтон Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэн, бу оскуолаҕа 1963 сыллаахха уон биир кылааһы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр.
1967 сыллаахха Иркутскай куоракка тыа хаһаайыстыбатын институутугар үөрэнэн, биолог-охотовед идэтин ылар. 1973-1976 сс. САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинээҕи булт хаһаайыстыбатын отделыгар, онтон экэниэмикэ уонна былааннааһын отделыгар экэнэмииһинэн үлэлиир. Бу үлэлиир сылларыгар Красноярскай Тыа хаһаайыстыбатын институутугар үөрэнэн экэнэмиис идэтин ылар. 1990-с сылларга олохпут укулаата уларыйан, Майатааҕы олох-дьаһах комбинаатыгар сыах сэбиэдиссэйинэн, ДьУоКХ-ҕа инженерынан үлэлээбит. Манна үлэлии сылдьан айар-суруйар үлэҕэ тардыһан, 1993 сыллаахха оройуоннааҕы «Эркээйи» хаһыакка корректорынан, кэрэспэдьиэнининэн, «Тиэргэн» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи реклама хаһыатыгар кэрэспэдьиэнинэн, салгыы «Ил Түмэн» парламент хаһыатын бэйэтин кэрэспэдьиэнинэн биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлиир, «Ил Түмэн», «Саха Сирэ», «Кыым» хаһыаттар штаты таһынан кэрэспэдьиэннэрэ.
С.С.Марков билигин уус-уран литэрэтиирэнэн, айар-суруйар үлэнэн, суруналыыстыканан утумнаахтык дьарыктанар. Айымньылара өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар, «Чолбон», “Күрүлгэн” сурунаалларга быстыбакка бэчээттэнэллэр.
С.С. Марков уонтан тахса кинигэ ааптара. Кини сүнньүнэн кэпсээннэри, сэһэннэри суруйар. 2013 сыллаахха саамай элбэх ааҕааччылаах суруйааччы анал ааты ылбыта. Майатааҕы Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ арахсыбат ааҕааччыта, улуустааҕы «Таммахтар» литературнай холбоһук сүбэһитэ.
Степан Степанович тапталлаах кэргэнэ Тамара Семеновна идэтинэн суотчут, 45 сыл үлэ ыстаастаах, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина. Кыыстара Светлана Степановна Москваҕа Губкин аатынан нефть уонна гаас иниституутун уонна СГУ-гар экономист идэтигэр ординатураны бүтэрбит.
Саҥа кинигэлэри сүрэхтиир дьоро күнү өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муус устар” ыччат бэстибээлин финалистката Мария Иванова, Анатолий Чичахов хомус дьүрүскэн дорҕоонунан киэргэттилэр.
Суруйааччы Степан Марков истиҥ-иһирэх көрсүһүүттэн астынан бар дьонугар махтанна, кыах баарынан өссө да айарга-суруйарга баҕалааҕын эттэ.
Биир дойдулаахпытыгар, таптыыр суруйааччыбытыгар Степан Марковка чэгиэн доруобуйаны, айар үлэтигэр саҥаттан саҥа айымньылары баҕарабыт.
Марелла Баишева.