90 саастаах ытык кырдьаҕас ыччаты хаамыынан дьарыктанарга ыҥырар

Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, РФ хомуньуустарын баартыйатын чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Хорообут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Мэлдьэхси нэһилиэгин “Ытык тааһын” хаһаайына, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ Ытык кырдьаҕаһа, алгысчыт Александр Михайлович Андреев хаалыктаах хаамыынан Майаҕа олоро кэлиэҕиттэн утумнаахтык дьарыктанар.

Бастаан “Майа” диэн сурук эргин сылдьар эбит. Ааспыт сылтан Манчаары аатынан стадиоҥҥа кэлэн  күннэтэ иккилии биэрэстэни хаамар буолбут. Александр Михайлович 2025 сыл олунньу 2 күнүгэр 90 сааһын туолуохтаах. Киниэхэ хаамыы тыынар салгынын тэҥэ күндү.

Александр Андреевы кытта көрсүбүччэ, ыччакка анаан бэйэтин туһунан кылгастык сырдатарыгар көрдөспүппүн быһа гыммата:

— Үс оҕолоохпун, үһүөн Төхтүргэ муусука оскуолатыгар үөрэммиттэрэ. Улахан уолум Егор Дьокуускай куоракка мээрийэҕэ агрономунан, Розалия мээрийэҕэ култуура отделыгар сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлииллэр, муусукаларын тута сылдьаллар. Кыра кыыһым Раиса Скрябина В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас оҕолоругар муусука учууталынан үлэлиир. Ийэбит Александра Романовна идэтинэн бэтэринээр этэ, уопсастыбаннай үлэҕэ актыбыыс бөҕө, ыллыыр, хомустуур, кэнсиэргэ дууһатынан ыалдьар киһи буолара.

Кини көҕүлээһининэн биһиги Андреевтар Мэҥэ Хаҥаласка бастакынан дьиэ кэргэнинэн фольклор ансаамбылын тэрийбит ыал буолабыт. Бары хомуска оонньуубут, хоһоон ааҕабыт, тойук туойабыт. Манчаары 200 сылыгар оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта барыта 15 буолан, Тараҕай нэһилиэгэр ыытыллыбыт эстэпиэтэҕэ  кыттыбыппыт. Улуустааҕы култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр сыллата дьиэ кэргэнинэн кыттан элбэхтик лаурет, дипломант аатын ылбыппыт. Хорообукка олорон бэтэрээннэр “Алгыс” түмсүүлэрин биир көхтөөх кыттыылааҕа этим. Оскуола дириэктэрэ Гаврил Сергучев оскуола оптуобуһун биэрэн Уус Алдан, Таатта, Амма, Чурапчы улуустарын кэрийэн, Арҕаа Хаҥаласка, Намҥа, Горнайга, Сунтаарга, Бүлүүгэ, Мииринэйгэ тиийэ сылдьан, кэнсиэрдээн турабыт. 2005 с. оскуола оҕотун сааскы уһун өрөбүллэригэр Сунтаарга 22 бэтэрээн буолан барбыппыт уонна ситиһиилээхтик сылдьан 11 хонон кэлбиппит.

90 сааспын туоларым чугаһаата да, оннук уһуннук олорбут курдук санаабаппын, киһи олоҕо кылгас эбит. Билигин үөлээннээхтэрим, билэр дьонум аҕыйаан истэхтэрин аайы наһаа хараастабын, суохтуубун, курутуйабын. Онон ыччакка анаан эттэххэ, табаҕы тардыа суоҕа этилэр, туох да үчүгэйдээҕин булан ылбаппын, аһыы утахха ылларбатыннар, оччоҕо уһун үйэлэниэхтэрэ. Сарсыарда тураат, эти-хааны эрчийэр хамнаныылары оҥоро сылдьыҥ. Мин спортсмен буолбатахпын, ол гынан, аармыйаҕа сулууспалаан кэлиэхпиттэн күнү көтүппэккэ бэйэм сатыырбынан сэрээккэлиибин. Майаҕа кыра кыыспар олорбутум 12-с сыла буолла. Дьиэҕэ уһуннук олорор салгымтыалаах, киһи төбөтө ыалдьар, салгыҥҥа тахсан хаамтым да ааһан хаалар. Хаамыы салгын курдук наада, кыһын тымныыга хаамар өссө үчүгэй. 10 сиэннээхпин, 8 хос сиэннээхпин, өссө да ыччат кэлэр бэрэспэктиибэтэ баар, — диэн удьуорун утумун салҕааччылардааҕынан киэн тутта үллэһиннэ.

Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр. Ийэтэ 3 саастааҕар  өлөн, аҕата 1941 с. сэриигэ баран дьукаах олорбут ыалга иитиллибит.

Александр Михайлович үрдүк үөрэҕи бүтэрэн бэтэринээр-быраас идэтин ылбыт. 1967 сылтан Дьоруой Попов сопхуоска отделение бэтэринээринэн, кылаабынай ветбырааһынан, управляющайынан, бэтэринээр учаастагар солбуйааччы сэбиэдиссэйинэн, солбуйааччы дириэктэринэн, парткомунан, 1983 сылтан “Кыһыл Сулус” сопхуоска дириэктэринэн, сопхуос эстибитигэр быстах үлэлэргэ үлэлээбит. 75 сааһын туолуор диэри кэтэх сүөһүтүн тутан олорбут.

Ытык киһи Александр Андреев “Сүөһү баар буоллаҕына саха саха буолан олоруо этэ. Сахалыы төрүт дьарыкпытын ыһыктыа суоҕа этибит. Билигин дьон сүөһүлэрин эһэ-эһэ куоракка киирэн олохсуйаллар, оҕолорун нууччалыы иитэллэр. Саха эрээри нууччалыы саҥара сатыылларын испэр киллэрбэппин, саха сахатынан кэрэ” диир.

Александр Андреев биллиилээх ырыаһыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын биллэр диэйэтэлэ Дмитрий Тихонов Улуу Кыайыы күннэригэр анаан киэҥ бырагыраамалаах кэнсиэрдэри туруоран улуустарынан, нэһилиэктэринэн гастролларыгар кыттыыны ылан кэлбитин киэн тутта кэпсээтэ.

Сааһырыы боруогар үктэммит да буоллар, чөл олохтоох, чэгиэн туруктаах, бэйэтин хоп курдук  көрүнэ  сылдьар киһини олус да хайгыы, сүгүрүйэ, махтана көрдүм. Ыччаты сиэрдээх олоххо иитиигэ маннык дьон бастыҥ холобур буолаллар. Күндү киһиэхэ 100 сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан көрүстүн диэн алҕыыбын.

 

Марелла Баишева.